Биир дойдулаахпыт филологическай наука доктора, литературовед Николай Николаевич Тобуроков туһунан ахтан ааһабыт.
Кини 1948 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Баара-суоҕа 17 саастааҕар педучилищены туйгуннук бүтэрэн, Абый улууһугар үлэҕэ анаммыта. 1954 сыллаахха пединститут нуучча салаатыгар туттарсан киирбитэ. Николай Николаевич наукаҕа тардыһыыта күүстээх этэ. ССРС НА СО Саха сиринээҕи филиалын аспирана буолбута. Научнай тематынан биллиилээх саха суруйааччыта Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийии этэ. Кандитатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Оччолорго тарбахха ааҕыллар литературоведтар Г.К. Боескоров, В.А. Семёнов кэннилэриттэн үһүс киһинэн саха литературатыгар филологическай наука кандидата буолбута.
Учуонай ордук хоһоон теориятын умсугуйан туран дьарыктаммыта. «Якутский стих» (1985), «Современнная поэзия Сибири»( 1986), «Проблемы сравнительного стиховедения» (1991), «Хакасский стих» диэн монографияларыгар сахалыы хоһоон уратытын, тюрк тыллаах омуктар хоһоонунан хомоҕойдук этэр уратыларын арыйан көрдөрбүтэ.
Н.Н. Тобуроков Россия гуманитарнай наукаларга чулуу учуонайдарын ахсааннарыгар киирсэр. Киниэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх деятелин аата иҥэриллибитэ, килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллэрдээх. Николай Николаевич Тобуроков үлэтиттэн кылгастык билиһиннэрдэххэ ити курдук.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.