Биһиги иннибитигэр дэҥҥэ көстөр, саха саҥалаах барытын болҕомтотун тардар сэдэх хаартыска. Ааспыт үйэ саҥатыгар саха норуотун бас-көс дьоно буола сылдьыбыт саха саарыннара мустан түспүттэр. Манна бааллар: Василий Никифоров – Күлүмнүүр, Николай Кривошапкин – Кырбаһааҥкын атыыһыт, Гаврил Никифоров – Манньыаттаах уола, Роман Оросин онтон да атын саха аймах итэҕэлин уонна өйөбүлүн ылбыт бастыҥ дьоммут.
Кинилэр 1912 сыллаахха атырдьах ыйыгар сахалар маҥнайгы улахан түмсүүлэригэр – сийиэстэригэр – мустан түспүт хаартыскалара эбит. Бу хаартыскаҕа төрдүс эрээккэ, 11-с киһинэн Харитонов Трофим Егорович – Дороппууска турар. Ол туһунан «Күрүлгэн» сурунаал 2012 сыл 5 нүөмэригэр 87 сирэйигэр – Байаҕантай улууһун киһитэ, атыыһыт диэн олус кылгастык суруллубут.
Бу Дороппууска атыыһыт биһиги – Үөгэн нэһилиэгиттэн – төрүттээх киһи эбит. Ону биһиги дьон кэпсээниттэн уонна «Үөгэн ууһа уонна нэһилиэгэ» диэн кинигэттэн биллибит. Кинигэ автордара: академик, биир дойдулаахпыт Анатолий Алексеевич Бурцев, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, историк Николай Степанович Николаев уонна суруналыыс, эмиэ биир дойдулаахпыт Борис Иванович Павлов.
Төрүччэттэн көрдөххө Дороппууска төрдүгэр ойуун баар. Кини хайдах байбытын туһунан билигин үһүйээннэр эрэ хаалбыттар. Дьиҥ чахчытын үчүгэйдик билэр киһи суох. Бары кини биир кдэмҥэ борохуоттана сылдьыбытын, улахан баайын бигэргэтэллэр.
Биһиги ыйыталаһан, кинигэлэртэн икки ахтыыны буллубут. Бастакыта «Үөгэн ууһа уонна нэһилиэгэ» кинигэҕэ 231-с сирэйгэ маннык суруллубут:
«Трофим Харитонов ийэтэ Көтүүн Дьэбдэкийэ, Бэскэл Баһылай (Харитонов Василий Михайлович) аҕата эбит. Оччолорго буоспа ыарыыта туран, элбэх киһи өлбүт. Ол дьону уматан кэбиһэллэрэ үһү. Онтон куттанан Көтүүн Дьэбдэкийэ уолун Дороппуусканы илдьэ куоракка күрээбит. Баайдара диэн биир көлүнэр ат уонна кыра түүлээх эбитэ үһү.
Урукку кэмҥэ дьаамтан дьаамҥа көлөнөн айанныыллара, өрүһү тыынан туорууллара. Оннук айаннаан дьоммут куораты булбуттар. Онно биир нуучча баайыгар ийэтэ дьиэ көрөөччүнэн, уола куонньугунан үлэлээбиттэр. Ол сылдьан Дороппууска хаһаайынын биир кыыһын таптыы көрбүт, кыыс эмиэ кинини сөбүлээн, холбоһон ыал буолбуттар, икки уол оҕоломмуттар.
Сыыйа атыыһыт күтүөтүн астынан барбыт, түмүгэр бэйэтин оннугар атыыһыт оҥорбут. Ити туһунан Трофим Егорович аймаҕар Харитонов Егор Егоровичка сүүс сааһын туолан баран өлбүт Үөгэн ытык кырдьаҕаһа Тоторботов Андрей Семенович кэпсээбит.
Егор Егорович сабаҕалыырынан, Т.Е. Харитонов 1912 сыллаахха ыытыллыбыт саха интеллигенциятын сийиэһигэр кыттыбыт буолуохтаах. Ол сийиэс кыттыылаахтара түспүт хаартыскаларыгар Дороппууска «Байаҕантай улууһа, атыыһыт» диэн ахтыллыбыт курдук үһү.
Трофим Егорович арыычча эдэригэр, сырыыны-айаны кыайар кэмигэр, дойдутугар Үөгэҥҥэ кэлэн барара үһү. Кини Арыы-Толоонтон төрүттээх Сыромятников Федор (Былаһыйа Сүөдэр) диэн киһини харабыл, аныгылыы «телохранитель» оҥостубут.
Сэбиэскэй былаас олохтонуон иннинэ, баайын аҥаарын биэрэн туран, борохуот атыыласпыт. Онтукатынан сылдьан, Өлүөнэ өрүһү өрө-таҥнары устан, атыыһыттаабыт. Үс сылынан ороскуотун сабыммыт уонна барыска барбыт. Ол эрээри борохуота Даркылаахха турдаҕына уматан кэбиспиттэр. Ону татаар атыыһыттарын дьыалалара буолуо диэн Дороппууска бэйэтэ быһаарара үһү.
Кини икки уоллааҕыттан биирдэрэ эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн өлбүт. Иккис уола, сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, «Атыыһыт уола» аатыран, эккирэтиһиигэ түбэспит. Дороппуусканы бэйэтин эмиэ буруйдаабыттар-сэмэлээбиттэр, баайын-дуолун былдьаабыттар. Онтон сылтаан кини улам дьадайан-дьүдьэйэн, кырдьан өлбүтэ үһү, — диэн Егор Егорович Харитоновка Тумус Уйбаан-Охлопков Иван Матвеевич кэпсээбит.
Иккис «Аарыма булчуттар суолларынан» (И.И. Павлов хомуйан оҥорбут кинигэтэ) кинигэҕэ Харитонов Александр Егорович – Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын учуутала аҕатыттан истибитин бу курдук ахтар:
«Трофим Харитонов аҕата өлөн, аҥардас ийэлээх эрэ хаалар. Уол ити кэмҥэ сүүрбэтин ырааҕынан туола илик эбит. Тоҕо эрэ сарсыарда аайы тэлгэһэлэрин саһыл кэлэн чээччэйэр идэлэммит. Онуоха аҕатын эргэ чааркаанын ылан иитэ уурар. Өс киирбэх, биир күн көрдөҕүнэ – түөһүгэр күннээх сахсыйдахха уот сырдыргыы сылдьар уоттаах кэрэмэс бэрдэ иҥнибит. Уол тоҕо эрэ уҥуоҕа халыр-босхо барыар диэри үөрээхтээбит.
Ити саҕана тулаайах буолан, ийэтинээн улаханнык муор-туор олорор кэмнэрэ эбит. Биир сааскы ылааҥы күн Дороппууска уол: «Хантан да өлөр тэҥ ини», — дии саныыр да, ийэтин салааскаҕа олордон, саһылын хонноҕор кыбынан, дьоллоох-соргулаах Дьокуускай куоракка дьол көрдөһө, соргу тардыһа кыыкырдата тураахтыыр. Дьэ, төһө өр айаннаан тиийбитэ биллибэт, санаммыт сирин булан, лааппылаах биир нуучча оҕонньоругар тиийэн саһылын мэнэйдэһэр. Анараата, элбэх киһини аҕыс уон аҕыс араас албаһынан сүүйбүт баҕадьы, уол кыратын-харатын түүйэ көрөн баһырхайдык түһэрсэн барар. Онуоха уол дьиэк киллэрбэт. Ити курдук хас да күн эрийсэллэр, кэлин бэйэ-бэйэлэрин билсэн, эн-мин дэһэн бараллар. Нуучча оҕонньоро уол эргитиилээх кэпсэтиилээҕин, сүрэҕин-бэлэһин хайгыы көрөн, бэйэтигэр сыһыаран, сотору кэминэн уҥа илии оҥостор. Дороппууска атыыһыт соҕотох кыыстааҕын ойох ылар, оҕонньор өлбүтүн кэннэ, атыыта-эргиэнэ өссө улаатан, сахаттан бастакынан борокуот атыылаһан, Таатта эҥэр тардыылаахтарга «Дороппууска атыыһыт дуо!» диэн суолга баппат суон сурахтанар, аартыкка баппат албан ааттанар».
Ага Гоголева, VIII кылаас, Үөгэн сүрүн оскуолата
Салайааччы Павлов Алексей Алексеевич, оскуола директора