Хоту дойду ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат уолаттара, кыраҕы харахтаах, сымса туттуулаах, кыраҕа ымыттыбат эр сүрэхтээх буойуттарынан, Украина анал байыаннай операциятыгар ааттара ааттанна, сурахтара сураҕырда.
Иккитэ төхтүрүйэн Украина анал байыаннай дьайыытыгар сулууспалаабыт, Ороһу нэһилиэгин эдэр ыччата Геннадий Моюлосов дойдутугар кэлбитин олохтоох дьаһалта, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ балаҕаҥҥа ыҥыран ыалдьыттаттылар. Геннадий Саха сириттэн бастакы хомуурга, көҥүл өттүнэн тылланан баран, Запорожьеҕа тиийбит, иккис сырыытыгар Луганскай Народнай Республика сиригэр сулууспалаабыт.
Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антонов Ороһуттан төрүттээх Украина анал байыаннай операциятыгар 8 уолбут сулууспалыырыттан, Геннадий этэҥҥэ кэлбитин этэн туран, эдэр киһи олоҕун оҥосторугар баҕарда. «Эбэтин, төрөппүттэрин уһаайбаларыгар дьиэ туттар буоллаххына, эбэтэр атын сиргэ олохсуйар түбэлтэҕэр көмөҕө наадыйдаххына, көмөлөһүөхпүт», — диэн кини эттэ.
Геннадий эбэтэ Анастасия, төрөппүттэрэ Наталья, Никита Моюлосовтар колхоз, Исидор Барахов аатынан совхоз төһүү үлэһиттэрэ этилэр.
Геннадий Моюлосов бэйэтэ маннык диэн кэпсиир:
— Бааһыран Петербург балыыһатыгар сыттахпына, эдьиийим Мария Александровна Арбыкина, Константин Викторович Котоконов сибээскэ тахсаннар, Ороһум дьонуттан көмө харчы тиийбитин этэн, туттараннар, сүрдээҕин үөрбүтүм уонна долгуйбутум, соҕотох буолбатах эбиппин диэн санаам бөҕөргүү түспүтэ. Украинаҕа сулууспалыы сырыттахпына да, госпиталга да эмтэнэ сыттахпына, Ороһум дьаһалтатын үлэһиттэрэ мэлдьи сибээстэһэ турбуттара. Балтыбынаан Настялыын сибээһи тута, харчы хомуйан ыыта турбуттарыгар, махталым улахан. Саха волонтёрдарыттан таҥас-сап, ас-үөл, харчы кэллэҕинэ, биһигини кытта атын сиртэн сулууспалыы сылдьар байыастар сөҕөн бөҕө буолаллара. Сахалар, биһиги түмсүүлээхпититтэн, санаабыт мэлдьи бөҕөх уонна эрэллээх буолара.
Украина биирдиилээн дэриэбинэлэригэр ыаллар көһөн барыталаабыт буолаллар. Хаалбыт олохтоохтор биһиэхэ чугас сыһыаннаахтара. Оҕолор уулуссаҕа көрүстэхтэринэ, ис сүрэхтэриттэн дорооболоһон аастахтарына, биһиэхэ эрэллэрэ күүстээҕэ биллэн ааһар.
Дьикти баҕайы эбит диэн, эһиэхэ этэн ааһыам этэ, эһэм Александр Спиридонович Арбыкин Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Запорожьеҕа тимир суол чааһыгар сулууспалаабыт эбит. Мин бастакы сулууспам эмиэ Запорожье этэ. Итини этэн эрдэхтэрэ суол-иис утумнуур эбит диэн. Норуокка биллибит Никифоров Валерий Валерьевичтыын-Суор Уолунуун бииргэ сулууспалаабыппын этэн ааһарым эмиэ тоҕоостоох.
«Күбэйэ» түмсүү аатыттан Сардаана Николаевна Васильева тыл эттэ:
— Ороһу оскуолата үөрэнээччилэри патриотическай тыыҥҥа иитэр үлэтэ күүстээх. Өр сыл буолла, бэһис кылааска тахсыбыт үөрэнээччилэр кылаастарыгар биир дойдулаахтарын ааттарын иҥэриллэрэ үгэс буолбута. Геннадий кылааһа оскуоланы бүтэриэхтэригэр дылы (2006 с.) Аҕа дойду сэриититтэн төннүбэтэх Лука, Алексей Саввиновтар уонна Дмитрий (ыалдьан кэлбит) бырааттыылар ааттарын сүгэр кылааска үөрэммитэ элбэҕи этэр. Туох барыта куһаҕан уонна үчүгэй өрүттээх. Бу анал байыаннай операция биһиэхэ атын көрүүнү, өйдөбүлү биэрэн, олохпут үчүгэй өттүгэр салаллыа диэн баҕа санаа барыбытыгар күүстээҕэ буолуо дии саныыбын.
Түмүккэ, Геннадий бэйэтэ да, бииргэ да төрөөбүттэрэ, атын да сиргэ олохсуйдаллар, төрүт сирдэрин уһаайбаларыгар дьиэ туттан олороллорун, эбэтэр күүлэйдээн баралларын курдук, биһиги «Күбэйэ» түмсүү (сал. Надежда Котоконова) Геннадий төрөппүттэрин уһаайбатын аныгы матырыйаалынан күрүөлээн биэрэргэ диэн олохтоохторго ыҥырыы таһаардыбыт. Ороһу нэһилиэгин дьоно өйүөхтэрэ диэн эрэллээхпит диэн мустубут дьон эттэ.
Геннадий Никитич ахтар-саныыр Ороһутун олохтоохторугар, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэригэр көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин барҕа махталын биллэрдэ. «Олохтоох дьаһалта 25 000 солк. суумалаах сертификата, «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрин ичигэс таҥастаах бэлэҕэ миигин үөртэ», — диэн биир дойдулаахпыт, чулуу ыччаппыт махтал тылларын эттэ.
Нина МИХАЙЛОВА, Ороһу нэһилиэгэ.