Сэтинньи 13 күнүгэр бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев 85 сааһын туолла. Ол күнү көрсө биһиги, VIII “Г” кылаас үөрэнээччилэрэ, “Знанием победишь” диэн медиауруогу көрдүбүт.
Медиаурок өрөспүүбүлүкэ уонна дойду инники кэскилин сырдатар. Бастатан туран, оҕолорго уонна эдэр ыччаттарга туһалаах, Ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев айымньылаах санааларын кэпсиир. Мин ордук “Үөрэххэ биэс сүрүн тосхол” диэни интэриэһиргээтим. Онно муусуканы, уруһуйу, спорду, тылы-өһү уонна саахыматы тэҥинэн баһылаабыт киһи ситиһиилээх буоларын өйдөөтүм.
“Знанием победишь” диэн медиауруогу кылаас оҕолоро бары астыннылар уонна интэриэһиргээтилэр. Бу биэс сүрүн тосхолу барытын баһылыахха наада дии санаатыбыт.
Аина Литвинцева, Герой Ф.К. Попов аатынан 20 №-дээх оскуола VIII “Г” кылааһын үөрэнээччитэ.