Кривогорницыннар бааһынай хаһаайыстыбаларыгар биэс күннээх бырайыакка төрдүө буолан учууталбытын кытта сырыттыбыт. Аныгылыы тутуулаах улахан, киэҥ хотоҥҥо күн аайы киэһээҥҥи ыамҥа үөрэ-көтө үлэлэстибит.
Бастакы күммүт — билсиһии күн. Хотоҥҥо уон түөрт ыанар ынах, уон биэс ньирэй баар, олортон биир ньирэй тулаайах эбит. Хас да ынаҕы анал ыыр аппаратынан хайдах ыылларын көрбүппүт, ыраастыырга, сууйарга көмөлөспүппүт. Биир аппарат тута икки ынаҕы тэҥинэн ыырын көрөн, олус диэн сөхпүтүм. Элбэх ынахтаах ыалга, бааһынай хаһаайыстыбаҕа наһаа наадалаах, абыраллаах тэрил эбит диэн санааҕа кэлбитим.
Иккис күнтэн ынахтарга чугаһаан, эмиийдэрэ бааһырбатын курдук анал мааһынан сотор буолбуппут. Ол кэннэ ынаҕы хайа өттүттэн ыылларын, төһө чугас олорор ордугун, ыырга илиигин, тарбахтаргын хайдах туттахха быдан табыгастааҕын көрдөрөн быһаарбыттара, сиһилии кэпсээбиттэрэ, бэйэлэрэ ыан көрдөрбүттэрэ. Ол күн тута олорон, ыан холонон көрбүппүт. Ынах үүтэ сип-синньигэс сүүрүгүнэн ыараханнык кэлбитэ. Ол эрэн үүт кэлэриттэн олус диэн астыммытым. Алевтина Васильевна курдук түргэнник, сэниэлээхтик ыахпын, ынаҕым үүтэ хойуутук күүскэ кэлиэн баҕарбытым.
Үһүс күн эмиэ ынах ыан холонон көрбүппүт. Бу сырыыга туттарбыт-хаптарбыт быдан эрэллээх, үүт кэлиитэ түргэтээбиккэ дылы буолбута. Ыабыт үүппүтүнэн тулаайах ньирэйбитин аһаппыппыт.
Төрдүс күммүт үөнэ-көйүүрэ суох сөрүүн күн буолан ынахтарбыт кэлбэтэхтэрэ. Кэтэһэ сатаан баран, дьиэлээбиппит. Сарсыҥҥы бэһис күн-бүтэһик күммүт. Бу күн сарсыардааҥҥы ыамҥа кэлбиппит. Сарсыардааҥҥы ыам бэйэтэ туһунан ураты тыыннаах: айылҕа, дэриэбинэ уһуктуута, сибиэһэй салгына наһаа үчүгэй эбит.
Бүтэһик күммүтүгэр бары куттаммакка ыыр буолбуппут. Неустроева Карина төрдүс күнүгэр эбээтигэр ыаһар буолбут этэ. Романова Яналаах ынахтарын сайыҥҥы кэмҥэ көҥүл ыыппыттар. Күһүн кэллэхтэринэ хайаан да ыаһыам диэбитэ. Колесова Карина барыбытынааҕар түргэнник ыыр буолбута. Онтон мин атын бааһынай хаһаайыстыбаҕа турар түөрт ынахпын бэйэбэр төттөрү ылыахпын баҕарбытым.
Биэс күн олус түргэнник ааспыта, өссө биир биэс күн сылдьыбыппыт буоллар Алевтина Васильевна, Анатолий Иванович курдук түргэнник ыыр буолуо этибит.
Мин санаабар, хас биирдии дэриэбинэ оҕото эрэ буолбакка, саха оҕото ынаҕы ыыры сатыахтаах, ынах-сүөһү көрүүтүн билиэхтээх. Оскуолабытыгар, Анатолий Иванович Кривогорницын бааһынай хаһаайыстыбатыгар бу биэс күнү бэлэхтээбиккитигэр махтанабыт.
Айыллаана ИГНАТЬЕВА, 4 кылаас
Мэҥэ-Хаҥалас, Мэлдьэхси.