Оҕолоор, “Бичик” кинигэ кыһата орто сүһүөх уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр анаан таһаарбыт кинигэлэрин ылан ааҕаргытыгар сүбэлиибит.
“Ньургун дьиктилээх сырыылара”. Бу остуоруйаны “Кэскил” хаһыат кылаабынай редактора Е.Иринцеева-Огдо уонна Альбина Борисова суруйбуттара. Худуоһунньук Т.А. Оболкина оҕо эрэ хараҕа хатанар гына дьэрэкээн уруһуйдарынан киэргэппитэ.
Остуоруйаҕа сэттискэ үөрэнэр Ньургун, эһэтэ кэриэс гынан хаалларбыт тааһын сүтэрэн, ону көрдүүр мүччүргэннээх айаҥҥа турунар. Ол сырыытын сэҥээрэн аахтаххына, эн билиэҥ бу орто дойдуга биһиги олохпутуттан ураты атын эйгэ, туспа, тута өйдөммөт күүс түҥ былыргыттан баарын….
Мамонт и другие древние животные Сибири. Бу энциклопедияны А.В. Протопопов, Е.Н. Мащенко, Г.Г. Боескоров уонна да атыттар оҥордулар. 108 страницалаах халыҥ кинигэ. Ону сүрэҕэлдьээбэккэ аахтаххына, оннооҕор сүүс төгүл элбэх билиини ылыаҥ.
Энциклопедияҕа Сибииргэ уонна биһиги сирбитигэр-уоппутугар үөскүү сылдьыбыт былыргы кыыллар – сэлиилэр (мааманнар), хаспах хахайдара, түүлээх носорогтар – тустарынан кэпсэнэр. Кинигэҕэ бу кыыллар ханнык кэмҥэ, төһө өр олорбуттара суруллар, мааманнары кытта сибээстээх үһүйээннэри утарар информация хомуллубут.
Оҕо литературатын антологията. Хомуйан оҥордулар Е.М. Плотникова уо.д.а.
Антология бу иккис кинигэтигэр саха суруйааччыларын бастыҥ айымньылара киирдилэр. Кинилэр кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрэ оҕо киһилии киһи, киһи киһитэ буолан ситэн-хотон, сириэдийэн тахсарыгар кэскиллээх өйү-санааны саҕар, сырдык иэйиини уһугуннарар, дьулуурдаах буоларга угуйар. Ити үөрэтэр-иитэр соруктарынан көрөн, айымньылары биэс олукка наардаан таҥнылар. Онон ааҕарга табыгастаах, эн остуолуҥ мааныылаах кинигэтэ буолуо диэн эрэнэбит.
“Полярная звезда” сурунаалга уһун кэмҥэ үлэлээбит Иван Иннокентьев “Жизнь и приключения Ваньки Быкова” кинигэтэ кэрэхсэбиллээх. Ааптар оҕо уйулҕатын бэркэ билэр. Дэлэҕэ кини “Колокольчик” сурунаалга айымньылаахтык үлэлиэ үһү дуо?
Россия суруйааччыларыгар туттарыллар “Большая литературная премия” хаһаайына Иван Иннокентьев оҕолорго анаммыт кинигэтигэр тыа сирин оҕолоро — доҕор-атас уолаттар Ванька, Санька, Колька, Петька – мүччүргэннээх, көрдөөх түгэннэрэ ойууланар.
Ааптар бу кинигэтин оҕо сааһа ааспыт көмүс ньээкэ уйатыгар – Кэбээйигэ – анаабыт. Бэйэтэ этэринэн, бу сэһэни өр толкуйдаан баран суруйарга санаммыт. Тоҕо диэтэххэ, эһиги уонна кини оҕо сааскыт арыта — үйэ аҥаара. Биллэн турар, бу кэм иһигэр элбэх уларыйыы буолла: олох, наука, техника балысханнык сайынна. Ол эрээри ханнык да кэмҥэ олорон аас — сайдыылаах дуу, сайдыыта суох дуу — оҕо саас барытыгар биир.
Бу кинигэлэри “Бичик” фирменнэй маҕаһыыннарыттан ылыаххытын сөп. Дьокуускайга Курашов аатынан уул. 24-с №-дээх дьиэтиттэн, Бэчээт дьиэтин киоскатыттан уонна улууска баар маҕаһыыннарбытыттан: Ньурба куоратыгар Бизнес-инкубатортан, Майаҕа «Максим» атыы кииниттэн, Ытык Күөлгэ Кулаковскай уул. 23-с, Чурапчыга Октябрьскай уул. 23-с №-дээх дьиэлэриттэн.
Евгения Саввинова.