Бу ааспыт сайын от ыйыгар Дьокуускайга шорт-трек көрүҥэр Олимпиада 6 төгүллээх кыайыылааҕа, аан дойду эмиэ 6 төгүллээх абсолютнай чемпиона Виктор Ан уонна Россия хаҥкылаах сүүрүүгэ спордун (конькобежный спорт) федерациятын президенэ Алексей Кравцов кэлэ сылдьыбыттарын өйдүүргүт буолуо.
Кинилэр ыалдьыттаабыт сүрүн соруктарынан Саха сиригэр шорт-трек көрүҥүн сайыннарар усулуобуйалары тэрийии туһунан кэпсэтии буолбута. Ол түмүгүнэн бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ.
Кырдьыга да, биир соҕотох “Эллэй Боотур” муус дыбарыаспытыгар хоккейдыыр, шорт-треккэ уһуйуллар, керлинг оонньуур уонна хаҥкылаах үҥкүүлүүр кыараҕаһа биллэр. Ол иһин Чульмаҥҥа, Алдан куоратыгар уонна Дьокуускайга катоктаах спортивнай объектары тутары былаанныыллар.
Дьэ, оччоҕо, кырдьык, шорт-трек көрүҥэ сайдыа этэ, биһигиттэн да Виктор Аннар үүнүөхтэрэ. Оттон билигин бу буолаары турар “Азия оҕолоро” оонньууларга шорт-трек көрүҥэр Саха сирин хамаандатын чиэһин Мирнэйтэн уонна Дьокуускайтан 10 бастыҥ спортсмен көмүскүөҕэ.
—Шорт-треккэ ким түргэн уонна тирэхтээх кыайар. Ол иһин равновесиеҕа уонна скоростька дьарыктанабыт. Ярослава Федорова диэн кыыспытыгар ордук эрэнэбит. Кини Приморьеҕа, Хабаровскайга бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Бастакынан I разряд нуорматын толорбута. Оттон уолаттартан Мирнэй оҕото Егор Софронов үчүгэй, — диир тренер Прокопий Павлов.
Билэрбит курдук, “Азия оҕолоро” кыһыҥҥы I оонньуулар Сахалиҥҥа олунньу 8-17 күннэригэр ыытыллаллар. 20 дойдуттан 1300 спортсмен, 600 судьуйа, 1000 волонтер кэлэрэ күүтүллэр. Барыта холбоон 8 (хайыһар күрэхтэһиитэ, биатлон, шорт-трек, хаҥкылаах үҥкүү (фигурное катание), хоккей, хайанан хайыһардааһын, сноуборд, трамплинтан ыстаныы) көрүҥҥэ 91 мэтээл кэмпилиэгэ оонньонуо.
Саха сирин хамаандатыгар, эдэр спортсменнарбытыгар ситиһиини баҕарыаҕыҥ!
А.Иевлева.