Ахсынньы 19 күнүгэр Cаха сирин олохтоохторо Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайар Анал этиитин көрдүбүт, иһиттибит. Кини сыл түмүгүн, кэлэр сылга былааннары иһитиннэрдэ.
Биһиги, Чурапчы гимназиятын кэрэспэдьиэнэрэ, быһа эфир кэнниттэн дьон-сэргэ санаатын истэргэ быһаарынныбыт.
Владимир Дмитриевич Сивцев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга:
– Биһиги Чурапчыбыт нэһилиэгэр Чөл олох сылын биллэрбиппит. Биһиги санаабытыгар, чөл олоххо сыһыаннаах үлэни толору ыыттыбыт, былааммытын барытын оҥордубут. Ол курдук, сылбыт саҕаланыыта А.К. Софронов аатынан спорт комплекс, Е.А. Борисов аатынан архыып-бибилэтиэкэ уонна П.Н. Сокольников аатынан балыаһа үлэҕэ киирбитэ. Онтон Дьиэ кэргэн элбэх функциялаах киинэ арыллыбыта. Онон Чөл олох сылын үчүгэйдик түмүктээн эрэбит. Сылы быһа араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Спортивнай күрэхтэр, култуурунай тэрээһиннэр, кэнсиэрдэр буоллулар. Ыһыахпыт эмиэ үчүгэйдик ааспыта.
Чурапчы нэһилиэгин сүрүн болуоссата саҥардыллан оҥоһуллан, туох баар тэрээһиннэрбит онно буолбуттара, Кыайыы күнэ, Чурапчы күнэ – барыта. Болуоссакка сайыны быһа оҕо бөҕөтө сырытта, киэһэтин өссө волейболлууллар. Онон дьон-сэргэ мустар, көрсөр табыгастаах сирэ баар буолбутуттан үөрэбит.
«Сэттэ бэдэр» диэн сонун күрэҕи төрүттээтибит. Кыһыны атаарыы бырааһынньыгар ыытыллар. Квадроциклынан тоҥуу хаарынан сүүрдэллэр, ону таһынан воздушканан шариктары ытаннар эстафеталыыллар. Дьон сэҥээриитин ылбыппыт. Бу курдук, араас кэрэхсэбиллээх күрэстэри сыл устата ыыттыбыт.
Сылбыт түмүктэнэн эрэринэн үлэбитин сыаналаан көрдөххө, биһиги суол, уулусса сырдатыытыгар, сайыҥҥы водопроводка, тротуардары тутааһыҥҥа ылыллыбыт былааннарбытын барытын толордубут. Суол өттүгэр элбэх үбү-харчыны көрдүбүт. Нэһилиэкпитигэр элбэх суолу өрөмүөннээтибит, уу барар ханаабаларын оҥордубут. Түөлбэлэргэ хастыы да уулуссаны оҥордубут. Дьон-сэргэ баҕатын истэн, маннык кыһалҕа баар эбит диэн учуоттаан үлэбитин ыыттыбыт.
Бүгүн Айсен Сергеевич Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитин оҥордо. Сыл түмүгүн, эһиилги сыл былааннарын эттэ. Мин кэрэхсиирим диэн, уопсай тылынан буолбакка, ханнык эбийиэк ханна үлэҕэ киирбитин туһунан барытын сиһилии эттэ.
Чурапчыбыт оройуонугар Хатылы нэһилиэгэр гаас кэллэ диэн бэлиэтээн эттэ. Гааһынан хааччыйыы биһиги оройуоммутугар кэлбитэ. Хатылы нэһилиэгэ гааска толору холбонно. Чурапчыбыт нэһилиэгэр Мурун Тымпыйа уонна оскуола-интэринээт бастакы, иккис уочаратынан киирдилэр. Эһиил үһүс уочаратын оскуола-интэринээт түөлбэтигэр онус пусковой комплексы оҥордохпутуна, Чурапчы нэһилиэгэ барыта гааска холбонор.
Сүрдээх көдьүүстээх социальнай газификация бырагырааманан оҥоһулла турар. Үлэ барар буолан биһиги саҥа да оройуоннарбыт гаастанан иһэллэр. Ону астына иһиттибит.
Айсен Сергеевич “промышленноска улахан тутуулар бардылар” диэтэ. “Биһиги валовай региональнай бородууктабыт 3,5%-нан үрдээбит буоллаҕына промышленноска 8,5% үрдээтэ” диэтэ. Бу сүрдээх үчүгэй көрдөрүү. Аҥардас көмүс хостооһуна улаатан, бюджетпытыгар 20% нолуок киирдэ” диэтэ. Оннук курдук таас чоҕу, гааһы эттэ. Бу барыта элбэх үлэ-хамнас барбытын туоһулуур. Ону кытта Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун үлэтэ саҕаламмытын туһунан эттэ. Биһиги дойдубутугар саамай уһун муоста буолуохтаах. Тыйыс тымныылаах сиргэ итиччэ улахан муоста тутуутун саҕалааһын диэн сүрдээх үчүгэй дьыала.
Аэропортары күүскэ оҥоробут диэбитин үөрэ иһиттим. Хоту улуустарга аэропортарга болҕомто уурулларын эттэ. Эһиилги сылга өссө элбэх үлэ барыа диэн эрэнэбит. Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ 750 тыс. квадратнай миэтэрэ үлэҕэ киирдэ диэтэ, 40 тыһ. киһи дьиэ күлүүһүн туппут. Бу эмиэ Чурапчыга сыһыаннаах. Сыл бүтүөр диэри 50 квартиралаах дьиэни күлүүһүн туттарыахтаахпыт. Бу бырагырааманан биһиги олохтоохторбут эмиэ дьиэнэн хааччыллыбыттара кэрэхсэбиллээх.
Ил Дархаммыт «инфраструктурнай федеральнай бырагыраама киириэ» диэтэ. Ол киирдэҕинэ котельнайдар, олорор дьиэлэр тутуллуохтара диэн бэлиэтээн эттэ.
Иһитиннэриитигэр анал байыаннай дьайыылар туһунан кэпсээн саҕалаата. Биһиги дьоммут хорсуннук-хоодуоттук дойдуларын чиэһин көмүскүү сылдьаллар диэтэ. Сахабыт сириттэн быйыл 5 байыас Герой үрдүк аатын ылбыт. «Бу барыта Сахабыт дьоно дойдуларын чиэһин көмүскүүргэ бэлэмнээхтэрин, булчут игин буоланнар, хорсун быһыыларын көрдөрдүлэр” диэн бэлиэтээтэ. Кинилэргэ махтанна. Геройдарбытын барытын ааттаталаата.
Ил Дархан Анал этиитигэр үгүс үлэһит дьоммут кытыннылар. Тыыннаах, сэргэх, үчүгэй баҕайы буолла диэн көрдүм. Айсен Сергеевичка үлэтигэр-хамнаһыгар ситиһиилэри баҕарабыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэни кытта бииргэ сайдыахтаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар нэһилиэкпит кыттыһан иһиэхтээх диэн былааннаахпыт.
***
Юрий Михайлович Слепцов, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын дириэктэрэ:
– Ааһан иһэр сылга үөрэҕирии систиэмэтигэр билиҥҥи ирдэбилгэ сөп түбэһэр үлэ-хамнас өрө күүрүүлээхтик, таһаарыылаахтык барда диэн бэлиэтиибин. Ол туһунан Айсен Сергеевич сиһилии кэпсээтэ.
Чурапчы улууһугар, чуолаан Чурапчы гимназиятын ылан көрөр буоллахха, уопсай үөрэҕирии систиэмэтин туруорар боппуруостарыгар, сыалыгар-соругар сөптөөхтүк үлэлээн түмүктээн эрэбит диэн үөрэ-көтө этэбин. Выпускниктарбыт БКЭ-ни туттарыылара, үрдүк үөрэххэ киириилэрэ тупсан, үрдээн иһэр. Оҕолорбут олимпиадаларга кыттан үгүс ситиһиилэннилэр. Саамай таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ олус үчүгэйдик кытыннылар, үгүс ситиһиилэннилэр. Иитии хайысхатыгар сөптөөх соругу туруораммыт үөрэнээччилэрбит барыга-бары ситиһиилээхтик кытыннылар диэн сыаналыыбын.
Айсен Сергеевич ёнациональнай бырайыактар уонна бырагыраамалар көмөлөрүнэн үөрэх хаачыстыбата, усулуобуйата тупсарё диэн бэлиэтээтэ.
Ол курдук, биһиги биир улахан ситиһиибитинэн “Школа Минпросвещения России” бырайыакка наставник оскуола быһыытынан киирдибит. Өрөспүүбүлүкэттэн 11 оскуола талыллыбыт эбит буоллаҕына, ол иһигэр биһиги гимназиябыт ааттанна.
Аныгы технологиялар сайдыыларын кэмигэр “Беспилотные авиационные системы” национальнай бырайыакка киирэммит улахан сууммалаах оборудованиелар кэллилэр. Биэс учууталбыт Хабаровскай кыраайга баран “Беспилотные системы” диэн хайысхаҕа үөрэнэн кэллилэр. Онон оҕо үөрэнэр-сайдар усулуобуйата тэрилиннэ, кылаастар арылыннылар. Инники идэлэрин баһылыылларыгар, идэ таһымын үрдэтиигэ биир сүрүн хайысхабыт буолуохтаах.
Ону таһынан быйыл учуутал идэтин таһымын үрдэтиигэ биир хайысха быһыытынан үлэлээтибит. Улахан таһымнаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ учуутала” күрэххэ гимназиябыт учуутала Сергей Сергеевич Абрамов лауреат үрдүк аатын ылла. Улуус таһымыгар “Бастыҥ психолог” күрэххэ Марфа Ивановна Аржакова бастыҥынан ааттанна. Иитии хайысхатыгар “Боотур Уус сыдьааннара” муниципальнай бырагыраама иһинэн биһиги оҕолорбут биир сомоҕо хамсааһыннара олус үчүгэйдик үлэлээн улуустан саҕалаан Арассыыйа таһымыгар бастыҥынан бэлиэтэннилэр, араас бырайыакка кытыннылар. Төрөппүттэрбит түмсүүлэрэ эмиэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар. Иитии хайысхатыгар биһиги гимназиябыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лучший штаб воспитательной работы” күрэскэ муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанна.
Бүгүн, түгэнинэн туһанан, гимназиябыт кэллэктиибигэр, бастыҥтан бастыҥ учууталларбытыгар истиҥник махтанабын. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Чурапчыбыт улууһун баһылыгар Степан Анатольевич Саргыдаевка, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгар Владимир Дмитриевич Сивцевка, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин салайааччытыгар Нюргуна Афанасьевна Соколоваҕа, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигар Юрий Павловичка Посельскайга тус бэйэм уонна Чурапчы гимназиятын кэллэктиибин аатыттан барҕа махталбын тиэрдэбин.
***
Дайаана Попова, Чурапчы улууһун көхтөөх ыччата, педагог:
– 2024 сыл этэҥҥэ түмүктэнэн эрэр. Отчуокка көрдөххө, былааннар барыта туолбут курдуктар. Аҥардас Чурапчыбыт улууһугар элбэх эбийиэктэр тутулуннулар. Биир сыл иһигэр балыыһа, спортивнай комплекс үлэҕэ киирдилэр. Нэһилиэктэргэ саҥа котельнайдар тутулла сылдьаллар. Оскуолалары өрөмүөннээтилэр. Чурапчыга саамай үөрүүлээх түгэн балыыһа арыллыыта буолар. Дьон-сэргэ олоҕор саамай наадалаах тутуу буоллаҕа дии. Спорт комплекса тутулларын олус өр күүппүппүт. Биир эрэ саалалаах этибит. Онон оҕолор, эдэр ыччат спортка тардыһыыта күүһүрдэ диэххэ сөп. Саҥа таас дьиэҕэ көһүү бырагыраамата күүскэ үлэлээтэ диэн көрөбүн. Бу соторутааҕыта Ыччат киинэ арыллыбыта. Оҕолор, ыччаттар түмсэр сирдэрэ буолуохтаах. Онно-манна күүлэйдии сылдьыбакка, бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар, үтүө дьыаланан дьарыктаналларыгар, үүнэллэригэр-сайдалларыгар анаммыт киин арыллыбытыттан ыччаттар үөрэбит. Бу туһунан Айсен Сергеевич иһитиннэриитигэр эттэ. Кэлэр сылга Ил Дархаммыт Ил Түмэҥҥэ туһаайар Анал этиитигэр сырдатыллыбыт былааннар үлэҕэ киириэхтэрэ диэн эрэнэ күүтэбит. Ол барыта олоххо киирэригэр хас биирдиибит кыттыһыахтаах.
Биһиги Ил Дархан Анал этиитин көрөн дойдубутугар туох буола турарын сиһилии биллибит. Холобур, Саха сиригэр дьон ахсаана мөлүйүөн сэттэ тыһыынчаҕа тиийбит. Бу сылга 10 тыһыынча оҕо төрөөбүт. Олох бары хайысхатыгар үлэ ыытыллыбытын сэргээтибит. Мантан салгыы ыытыллыа да турдаҕа. Эһиил Кыайыы 80 сыла. Онон сибээстээн 2025 сылы Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Ил Дархаммыт «бары бииргэ кыайыыга, бары бииргэ кэскилгэ» диэн үрдүк суолталаах этиинэн түмүктээбитин астына иһиттибит.
Алина СИВЦЕВА, IX кылаас, Маша СИБИРЯКОВА, X кылаас,
«Тумус кыһа» медиа киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията