Учуутал оҕону кытта биир тылы булан, көрөн-истэн, иитэн-такайан таhаарар. Сыл аайы буолар кэтэспит бырааhынныкпыт буолан ааста. Бу күн оҕолор учууталлары үөрдэн, бэлэх биэрэн эҕэрдэлээтибит. 11 кылаастар учууталларга анаан минньигэс астаах остуол бэлэмнээтилэр.
Музей салайааччылара көҕүлээһиннэринэн элбэх көлүөнэни үөрэтэн, иитэн-такайан таһаарбыт, педагогическай үлэ бэтэрээнигэр К.Г. Гермогеновка анаммыт стендэ үөрүүлээх арыллыыта буолла. Маны таһынан, «Учуутал бартыбыала» быыстапканы көрдүбүт. Учуутал элбэх, арааһынай элбэх үөрэтэр маллаах эбит диэн оҕолор сөхтүбүт.
Предметник учууталлар, кылаас салайааччылара бэтэрээн учууталлары кытта уруок, кылаас чаастарын ыыттылар. Хас биирдии кылааска бэтэрээн учуутал ыалдьыттаан, сэргэх уруоктар, кылаас чаастара аастылар.
Ону тэҥэ, оҕолор учууталларга уонна бэтэрээннэргэ анаан кэнсиэр көрдөрдүлэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт минньигэс астаах остуол тула олорон сэһэргэһэн, уруккуну ахтыһан, ырыа ыллаан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, астынан бардылар.
Түгэнинэн туһанан оҕолор учууталларыгар аналлаах истиҥ тылларын тиэрдэллэр.
— Учуутал диэн наhаа наадалаах үлэ. Учуутал диэн оҕолору элбэххэ үөрэтэр, барытыгар көмөлөһөр, элбэх билиини биэрэр. Күндү учууталларбытын үөрүүлээх учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабын дьолу-соргуну, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, хаһан даҕаны хомойумаҥ. Өссө элбэх билиини биэриҥ. Өссө биирдэ эҕэрдэлиибин!
Попова Алена, 9 кылаас.
— Махтал тылларын тиэрдэбин Екатерина Николаевнаҕа! Биhиги олохпутугар наһаа наадалаах предметы үөрэтэҕит. Бэhис кылаастан быhа үөрэтэн, быйыл кылаас салайааччыта буолбуккутугар наһаа махтанабын! Ый эрэ ааста, ол гынан баран хас да сыл ааспытын курдук саныыбын. Күндү учууталбын эҕэрдэлиибин! Дьоллоох олоҕу, доруобуйаны, элбэх хамнаһы баҕарабын!
Избекова Аида.
— Мин аан бастакы учууталым Тамара Иннокентьевна. Биhигини маҥнайгы кылаастан төрдүс кылааска диэри үөрэппитэ. Бастакы кылааска баран күн аайы үчүгэй сонуннаах кэлэр этим. Тамара Иннокентьевнаҕа махтанабын биhиэхэ үөрэххэ тапталы иҥэрэн, араас экскурсияларга, проект ааҕыытыгар кытыннаран сайыннарбыккар!
Николаева Изабелла.
Кэпсэттэ Белла Николаева,
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ.