Нэһилиэкпит бюджетын, үбүн-харчытын, нолуок чааһын, ону таһынан Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө төһө бэлэмнээхпитин туһунан нэһилиэкпит баһылыгын Савва Иванович Егоровы көрсөн кэпсэттим.
– Байаҕантай нэһилиэгэ дотационнай нэһилиэк буолар. Ол курдук биһиэхэ бу сыл иннинэ сэтинньи, ахсынньы ыйдарга сессиянан көрүллэн, 28 мөлүйүөн дотация уонна 2 мөлүйүөн нолуок (тустаах тэрилтэлэртэн, индивидуальнай предпринимателлэртэн нолуоктар, сир нолуога) киирэр. Сыл иһигэр тиийиэхтээх үп итиччэ буолар.
Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйэ түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр ордук улахан суолталаах.
– Биһиэхэ Танда нэһилиэгэр Кыайыы болуоссата Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 45 сылыгар оҥоһуллубута. Кыайыы 50 сылыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн Кыайыы 75 сылыгар «Комплексное развитие сельских территорий» бырагырааммаҕа кыттаммыт, саҥардан, тупсаран биэрбиппит. Улуу Кыайыы 80 сылын Лука Лукич Андросов диэн 90 сааһын туолуохтаах тыыл бэтэрээннээх көрсөбүт. Маны сэргэ биһиги нэһилиэкпитигэр сэрии ыар кэмин, сут-кураан диэн тугун билбит 7 сэрии сылын оҕолоро бааллар. Сылын аайы Кыайыы күнүгэр олохтоох дьаһалта ытык дьоммутугар бэлэх туттарабыт. Өрөспүүбүлүкэттэн көмө эмиэ көрүллүөхтээх.
Быйыл Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Байаҕантай нэһилиэгэр эрдэттэн дьаһал тахсан, анал хамыыһыйа тэриллибитэ. Кыайыы 80 сылыгар «80 Албан Аат» күннэрин бэлиэтээн саҕалаабыппыт. Олунньу 19 күнүттэн Тандабытыгар Улуу Кыайыыга анаммыт араас хабааннаах тэрээһиннэри былаан быһыытынан саҕалаабыппыт. Араас күрэхтэри ыытыахтаахпыт. Нэһилиэкпитигэр Кыайыы күнүн көрсө Кыайыы парада буолар. Хас биирдии тэрилтэ араас байыаннай структураҕа сыһыаннаахтык таҥныахтаахтар. Онон Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөр парадка бэлэммит, – диэн нэһилиэкпит баһылыга С.И. Егоров кэпсээтэ.
Валерия ГОТОВЦЕВА, Х кылаас,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан