Маша Степанова Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын 4 куурсун устудьуона. Эһиил кини үөрэҕин бүтэрэр сыла. Бүтэһик быраактыкатыгар кинилэр куурсунан анал байыаннай операцияҕа кыттыыны ыла сылдьар байыастарга утуйар мөһөөччүктэри тиктилэр.
Бу «Саха сирэ» технопаарка резиденэ «Хоту-тент» хампаанньа уонна Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын кытары сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр, устудьуоннар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саллааттарга үөрэх быраактыкатын кэмигэр утуйар мөһөөччүк тигэллэр.
Анна Атасыкова, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын преподавателэ:
— Быстах хомуур кэнниттэн биһиги колледжпыт «Хоту-тент» хампаанньаны кытары тута сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлээн барбыппыт. Үлэлээбиппит номнуо 4-с нэдиэлэтэ буолла. Оҕолор производственнай быраактыкаларын ааһаллар. Бу үлэҕэ 4 бөлөх устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Барыта 170 утуйар мөһөөччүк тигилиннэ. Билигин эмиэ быраактыкаларбыт салгыы бара тураллар. Билигин 3 куурустар салҕаатылар. Биһиэхэ матырыйаалы «Хоту-тент» бэйэтэ биэрэр. Манна, колледжпытыгар да, цехха да баран тигэбит. Устудьуоннарбыт 4 нэдиэлэни быһа үлэлээтилэр, онон оҕолорбут улахан көмөнү оҥороллор диэн этиэхпин баҕарабын.
Маша Степанова оҕо эрдэҕиттэн баайар, иискэ чугас. Үөрэҕин сөбүлээн туран, баҕа өттүнэн киирбитэ. Эһиил диплом ылар долгутуулаах сыла.
— Кыыс оҕо иискэ сыһыаннаах буолуохтаах дии саныыбын. Аҥардас иистэнэ олорор кэрэ аҥары туораттан көрөргө да үчүгэй. Кыыс иҥнэни тутта үөрэниэхтээх, барыны-бары сатаан тигиэхтээх. Эр киһиэхэ сыһыаннаах таҥаһы эрдэ тигэ иликпин. Бу бастакытын утуйар мөһөөччүктэри тиктим. Киһи син-биир тигэ олорон үгүһү саныыр буоллаҕа, мөһөөччүктэри кыһаллан туран ис санаабытыттан тиктибит, убайдарбытыгар, аҕаларбытыгар биһиги тикпит мөһөөччүктэрбит ыраах сиргэ тиийэн, кинилэргэ абырал-харысхал буоллун, биһиги илиибит сылааһа күүстээх санааны, эрэли үөскэттин.
Утуйар мөһөөччүктэр биир киэбинэн быһыллан тигиллэллэр. Устата — 2,20 м, туората — 1,5 м. Тас матырыйаала ууну-хаары, сииги хоторбот плащевка, мөһөөччүк иһэ — стеганай матырыйаалтан турар. Устатынан сомуоктаах, арыйдахха, суорҕан курдук тэнийэр.
Колледж устудьуоннарын быраактыката салҕанар. Биһиги устар бөлөхпүт сылдьар кэмигэр 50 м матырыйаалы эбии аҕалан уурбуттара. Онтон «Хоту-тент» бастакы баартыйа утуйар мөһөөччүктэри саллааттарга тиэрдэн турар.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
Анна СЛЕПЦОВА.
Петр МАТВЕЕВ устуута, таҥыыта.
keskil14.ru