Уус-Алдан улууһун Лөгөй лиссиэй-интэринээккэ үүнэр көлүөнэ төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларыгар уонна Ийэ дойдутугар сулууспалыы барарыгар эрдэттэн бэлэмнээх, эппиэтинэстээх буоларын инниттэн, оҕону патриотическай тыыҥҥа иитиигэ араас тэрээһиннэр ыытылаллар. Ол курдук, анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар биир дойдулаахтарбыт, оскуолабыт выпускниктарын туһунан баай ис хоһоонноох быыстапка тэриллибитэ. Маны тэҥэ, Бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллыбыт «Герой партата» акция чэрчитинэн хорсун санаалаах, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, Украинаҕа анал байыаннай дьайыыга олоҕун толук уурбут байыас — оскуолабыт 2019 сыллаах выпускнига Эрхан Саввин сырдык аатын үйэтитэн «Герой партата» оҥоһуллубута. Эрхан дойдубут чиэһин эрэллээхтик көмүскээн, хорсун байыастар кэккэлэригэр киирэн Жуков аатынан мэтээлинэн, «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаламмыта. Хорсун санаалаах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх уолбут, Эрхан Саввин, дойдутун иннигэр оҥорбут Геройдуу быһыыта, үйэлэргэ ааттана туруо!





Янис Сысолятин, Лөгөй лиссиэй-интэринээт «LegMedia» юнкора
