Алтынньы 16 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Тулуна нэһилиэгэр «Сайдыы» култуура киинигэр олус истиҥ күн буолан ааста. Манна саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах улуустааҕы хоһоон ааҕыытын күрэһэ үрдүк таһымҥа ааста.
Тулуна –Иван Васильевич төрүттэрин дойдута. Күрэс 2 Лөгөй нэһилиэгин өрөгөйүн ырыатынан саҕаланна. Өрөгөй ырыа ааптара Иван Мигалкин буолар.
Хоһоон күрэҕин кыттыылаахтарын икки хайысханан арааран сыаналаатылар: оскуола оҕолоро уонна улахан дьон. Кыттааччылар поэт «Хомус», «Үрүҥ хаар» хоһооннорун элбэхтик аахтылар.
Тэрээһиҥҥэ Иван Васильевич бииргэ төрөөбүттэрэ Михаил Васильевич, Афанасий Васильевич, Мария Васильевна Мигалкиннар кыттыыны ыллылар. Бииргэ төрөөбүттэрэ убайдарын туһунан наһаа истиҥник ахтан аастылар. Ону истэ олорон биһиги бииргэ төрөөбүттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта олус эйэҕэс, сылаас сыһыаннаахтар эбит диэн өйдөөтүбүт. Быраас идэлээх быраата Михаил Васильевич Мигалкин убайын хас да хоһоонун үрдүк сыанаттан наһаа иэйиилээхтик аахта.
Биһиги киниттэн интервью ыллыбыт.
– Убайым миигиттэн икки сыл аҕа этэ. Кини саҥа кинигэ таһаардаҕына, аан бастаан бииргэ төрөөбүттэригэр барыбытыгар ааттаан-суоллаан, ис санаатын этэн бэлэхтиирэ. Убайым саҥа кинигэтигэр киирбит хоһооннорун сөбүлээммин өйтөн ааҕар буолбутум, – диэн кэпсиир Михаил Васильевич Мигалкин.
Кини ахтарынан, Иван Васильевич оҕо сылдьан оҕо-оҕо курдук мэниктиир, сүүрэр, биир миэстэҕэ таба олорбот, хоһоонугар курдук барытын билэ-көрө сатыыр, билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах оҕо эбит. Ол да иһин буолуо, 13 саастааҕар Саха сириттэн талыллан, «Артек» лааҕырга сынньанан кэлбит.
Мин бу суруйуубун поэт Иван Мигалкин хоһоонун тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын:
«Сир ийэни сырдыгынан күндүлүүр
Отон этим – оҕо этим…
Олох диэн тугун билбэтим,
Бэл түүлбэр көрбөтүм ким миигин
Бүөбэйдээн үүннэриэҕин эбэтэр үргүөҕүн…»
Иван Мигалкин кырдьык, сир ийэни сырдыгынан күндүлээн, биһиги олохпутун сырдатан ааспыт үрүҥ санаалаах поэт. Биһиги эйигин умнуохпут суоҕа, Иван Васильевич!
Янис СЫСОЛЯТИН, VII кылаас
Родион Перевалов хаартыскалара, VIII кылаас
«Sitim LegMedia» хамаанда юнкордара, Лөгөй лиссиэй-интэринээт, Уус Алдан