Олунньу ый 1 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр «АРБААТ» атыы-эргиэн саҥа маҕаһыына арыллыбыта. Бу туһунан санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.
«Арбат» диэн тылы иһиттэхпинэ, харахпар Москва куораты көрөбүн. Ол иһин маҕаһыын аатын истээт да, Москва куораты саныы биэрбитим. «Арбат» Россия киин куората Москва сүрүн уулуссата. Кыһыл болуоссаттан чугас турар. Онно историческай пааматынньыктар, былыргы дьиэлэр бааллар. Куорат сайдыытын көрдөрөр сорох интэриэһинэй чахчылара баар буолбуттар диэн ааҕан биллим.
Онтон биһиги «Арбааппытыгар» баҕарбытын барыта баар. Ас-үөл, ыччат таҥаһа, олоххо-дьаһахха туттуллар сээкэйдэр, бытовой химия. Манна Корея астара, доруобуйаҕа аналлаах табаардар эмиэ бааллар.
Олус үчүгэй эргиэн дьиэтэ арыллыбыт диэн көрдүм. Биһиги нэһилиэкпитигэр саҥа маҕаһыын арыллыыта наһаа абыраллаах диэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэк олохтоохторо саҥаттан саҥа маҕаһыыннары көрөн олус үөрэллэр. Эбиитин эдэр ыччаттарга үлэ миэстэтэ баар буолар.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас