Үс герой дойдута тапталлаах дойдубут Хаптаҕайбыт үүнэ-сайда турар. Соторутааҕыта ааспыт сылга нэһилиэнньэ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программаҕа (ППМИ) куоластаан кыайбыт бырайыага үлэҕэ киирдэ.
Ол курдук Хаптаҕай олохтоохторо былырыын хоккейдыыр каток туһугар куоластаабыттара. Ол түмүгэр үбэ-харчыта көрүллэн, улахан үлэ ыытыллан хоккейдыыр каток үлэҕэ киирэн, үөрүүлээхтик арыйдыбыт. Онон биһиэхэ, оҕолорго үөрүү-көтүү улахана!
Киирии тылы нэһилиэкпит баһылыга Иван Прокопьевич Зыков эттэ. Салгыы оскуола дириэктэрэ Ирина Владимировна Кычкина оҕолору, нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлээтэ, саҥа үлэҕэ киирбит объекка харыстабыллаахтык сыһыаннарбытыгар ыҥырда.
Салгыы тренер Прокопий Игнатьевич Зыков эҕэрдэлээтэ. «Спордунан дарыктанын», – диэн эттэ.
Хоккейдыыр каток арыллыытын норуот маастара Елена Николаевна Лукина алҕаата.
Бу күн оҕолор да, улахан да дьон дуоһуйа хаҥкылаатыбыт.
Василена ДМИТРИЕВА, Х кылаас, «Кустук» телестудия,
Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас