Үөрэх — биһиги сүрүн үлэбит. Быйылгы үөрэх дьылыгар биһиги алын сүһүөх кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн, бэһис кылаас буоллубут. Манна барыта сонун, саҥа. Элбэх атын предметтэр эбилиннилэр. Саҥа учууталларбытын кытта долгуйа билистибит. Мантан инньэ өссө кыһаллыахпыт дии саныыбыт.
Дьулус Петров: «Үөрэх – мин олохпор суолтата улахан. Элбэҕи үөрэттэххэ – элбэҕи билэбит. Кинигэни кытта сэргэ компьютеры тэҥҥэ өйдөөн туһаннахха, сайдыылаах киһи буолаҕын. Алын кылаастарга биир учуутал эрэ үөрэтэр эбит буоллаҕына, билигин уонтан тахса араас учуутал үөрэтэр. Мин ордук интэриэһиргээн төрөөбүт литература уонна тыа хаһаайыстыбатын сүрүннэрэ диэн уруоктары сөбүлээтим. Элбэх араас кэпсээннэри биллим, айылҕа кистэлэҥнэрин бэйэбэр арыйдым. Учуутал кэпсиирин болҕойон иһиттэххэ, оҕо ыарырҕаппат диэн биллим”.
Ваня Кобяков: «Мин үөрэнэрбин, оскуолабын уонна кинигэ ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Бэһис кылааска тахсан баран, история, география уонна биология уруоктарын сөбүлээтим. Интэриэһинэй предметтэр буолан, саҥаны биллим. Сорох предметтэргэ ыарахаттары көрүстүм. Ол курдук, саха уонна омук тылларыгар. Ол да буоллар, бэһис кылааһы сөбүлээтим. Үчүгэйдик, кыһаллан үөрэннэхпинэ, үөрэхтээх, үлэһит киһи буолуом».
Алина Сыроватская: «Мин олохпор үөрэх билии ыларбар көмөлөһөр. История уонна биология уруоктарын сөбүлээбэтим. Историяҕа былыргы үйэлэргэ олоро сылдьыбыт дьону, тугунан дьарыктаммыттарын олус интэриһинэйдик кэпсииллэр. Биологияҕа – үүнээйи, үөн-көйүүр туһунан элбэҕи билэбит, чинчийэбит. Мин бэһис кылааһы ыарырҕаппатым».
Петя Максимов: «Үөрэхтээх киһи — сайдыылаах киһи буолар. Мин география уруогар контурнай картанан уонна атлаһынан үлэлиири олус сөбүлээтим. Дойдубут араас куораттарын, материктарын, муоралары, океаннары о.д.а. үөрэтэр олус умсугутуулаах».
Виолетта Оконешникова, 5 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.