Алтынньы 6 күнүгэр биһиги Учуутал күнүнэн сибээстээн, сэттис кылаас кэлэктиибэ аҕам саастаах учууталга баран көмөлөспүппүт. Уолаттар бары бэтэрээҥҥэ күүлэтигэр мас кыстаабыппыт, онтон кыргыттар дьиэҕэ киирэн, дьиэ үлэтигэр көмөлөспүттэрэ. Көмөлөһөн бүтэн баран, бары учууталы кытта хаартыскаҕа түспүппүт. Кини көмөлөспүппүтүгэр улаханнык баһыыбалаабыта.
Ол кэннэ мин бэтэрээн учууталы кытта хааламмын кэпсэппитим. Кини миэхэ хаһан уонна хайдах биһиги оскуолабытыгар үлэлии кэлбитин, хайдах 40 сыл учууталлаабытын, оҕолору нуучча тылыгар уонна литератураҕа үөрэппитин туһунан сырдаппыта. Ону тэҥэ оҕо сааһа ханна ааспытын, хайдах комсомолга киирбитин, хайдах биһиги учууталбытын үөрэппитин туһунан үгүһү кэпсээбитэ.
Бу сырыы кэннэ мин кырдьаҕастарынан, бэтэрээннэринэн оҕолор, эдэр ыччат бары киэн туттуохтаахпыт диэн санааҕа кэллим. Кинилэргэ көмөлөһөн, илии-атах буолан, убаастабылбытын көрдөрүөхтээхпит.
Аман ЕРЕМЕЕВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
7-с кылааһын үөрэнээччитэ.