Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар дьоро күн буолан ааста. Саха тылын, литературатын учуутала, педагогическай үлэ ветерана, СӨ үөрэхтээһинин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына Анисия Прокопьевна Кондратьева 80 сааһыгар анаммыт саха тылын улуустааҕы олимпиадата ыытылынна. Онно Уус Таатта, Баайаҕа, Уолба, Ытык Күөл 1 №-дээх оскуолата, лицей, гимназия, Чычымах, Чымынаайы, Харбалаах, Игидэй, Тыараһа уонна Дьохсоҕон оскуолаларыттан барыта 131 үөрэнээччи кытынна, 19 салайааччы, 12 эксперт үлэлээтэ.
Бу үөрүүлээх тэрээһини көҕүлээн, итиэннэ тэрийэн ыыттылар Анисия Прокопьевна үөрэнээччилэрэ — 1976 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит кылааһа, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ.
Олимпиада үрдүк таһымҥа барда. Үөрэнээччилэр, учууталлар, ыалдьыттар бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, астынан-дуоһуйан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах, махтанан-баһыыбалаан, “аны да ыытыллара буоллар” диэн баҕа санааларын этэн, алҕаан тарҕастылар.
Ситиһиилээх уонна кыттыбыт оҕолорбутун эҕэрдэлиибит. Тыл баар буоллаҕына — омук баар. Онон саха омук инникитин түстэһэр төрөөбүт тылбытын таптааҥ, үөрэтиҥ, сайыннарыҥ.
“Кулуһун” пост эдэр кэрэспэдьиэннэрэ.
Дьохсоҕон, Таатта.