Бүгүн Сахабыт сиригэр Сардаана сибэкки күнүн бэлиэтиибит.
Саха итэҕэлинэн бу сибэкки дьолу-соргуну бэлиэтиир, дьоҥҥо табыллыыны, тапталы аҕалар. Сардаананы былыр-былыргыттан саха киһитэ олус да таптыыр, тэлгэһэтигэр олордон аймахтарыгар үтүөнү баҕарар. Суруйааччылар, поэттар сардаана туһунан кэпсээн, хоһоон айаллар, худуоһунньуктар уруһуйдаан кэрэтин тиэрдэллэр, ырыаһыттар, артыыстар ыллаан, хоһуйан туойаллар.
Сибиир олохтоохторун итэҕэллэринэн бу сибэкки күүстээх үтүө буойун сүрэҕиттэн үөскээбит. Ол иһин Сардаана умнаһын сэриигэ бэйэҕин кытта ыллаххына, кини өлүүттэн быыһыыр аналлаах эбит.
Сардаана сибэккиттэн араас эми оҥороллор, дьоҥҥо олус көмөлөөх үүнээйи буолар.
Билигин сардаана барахсан үүнүүтэ аҕыйаан, кыһыл кинигэҕэ киирэн турар. Онон бу сибэккини олус харыстыахха наада. Дьон бары сэрэхтээхтик сыһыаннастаҕына, айылҕаны харыстаан сырыттаҕына эрэ сардаана сибэкки сүтүө суоҕа, элбии туруо.
Диана Антонова