1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр хаанымсах фашистскай халабырдьыттар Ийэ дойдубутугар биллэрбэккэ эрэ эмискэччи саба түспүттэрэ, уу нуурал олохпутун аймаабыттара, хаанынан, харах уутунан көмпүттэрэ. Ол кэмтэн ыла номнуо 82 сыл ааста… Бүгүн дойдубутугар кутурҕан уонна өйдөбүнньүк күнэ бэлиэтэнэр.
Төһөлөөх эдэркээн дьон олохторун уоттаах сэрии алдьаппыта буолуой, төһөлөөх ийэ-аҕа оҕотун сүтэрэн ытаабыта-соҥообута буолуой… Сэриигэ барбыт уолаттар отой эдэркээн оҕолор этилэр, кинилэр инники олохторо саҥа саҕаланан эрэрэ…
Хас биирдии дьиэ кэргэни уоттаах сэрии ыар тыына таарыйбыта. Сэрии содула ынырык сыыппаралар: аҥардас сэрии хонуутугар Сэбиэскэй аармыйа 8 мөл. тахса саллаат тыына быстыбыта…
Бу күн бары курутуйабыт. Курутуйабыт алаһа дьиэтигэр төннүбэтэх саллаакка, курутуйабыт сэрии аччык сылларыгар суорума суолламмыттарга, курутуйабыт оҕолорун сүтэрбит ийэлэргэ-аҕаларга, курутуйабыт дьоллоох оҕо саастарыттан маппыт оҕолорго…
Туох да умнуллубат, ким да умнуллубат.
keskil14.ru