Сахабыт сиригэр турбут ойуур баһаардара үгүс дьон дууһатын аймаата. Билиҥҥитэ уопсастыбаннай хамсааһыннар тэриллэн, баһаары утары охсуһууга дьон баҕа өттүнэн кыттыһара хайҕаллаах суол.
Дьокуускай киинигэр арыллыбыт уопсастыбаннай добровольческай штаб тэрээһиннээх улахан үлэни ыытар. Бу күннэргэ штаб эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ Ирина Матвеева уонна Семен Оготоев Горнай улууһун баһаар уотуттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөл нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр куорат урбаанньыттарыттан, биирдиилээн дьонтон киирбит малы-салы, аһы-үөлү олохтоохторго тириэртилэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доброволецтар штабтарын көмөнү тириэрдэр салааны сүрүннүүр волонтер Ирина Матвеева кэпсиир:
— Бэс Күөлтэн бу сарсыарда саҥа кэллим. Суолбут ардах түһэн кыратык мөлтөөбүт эбит. Ол иһин тардылынныбыт. Дьиэлэрэ-уоттара суох хаалбыт дьону мунньан, сыаналаах соҕус маллары, олохтоохтор көрдөһүүлэринэн, жеребьевка көмөтүнэн үллэрдибит. Илдьэ барбыт пластмассовай буочукалары, кыра 30 киилэлээх емкастары, сүбэ быһыытынан, сүөһүлээх дьоҥҥо түҥэттибит. Маны таһынан утуйар таҥаһы барыларыгар түҥэттибит, кэлбит дьон бары илии тутуурдаах үөрэн тарҕастылар.
Ити курдук ойуур баһаарын уотуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо тустаах көмө оҥоһулунна, өссө даҕаны оҥоһуллар.