Олунньу ый 13 күнүттэн «Бэс Чагда» лааҕырга «Күн Оһуохайа» телевизионнай күрэх саҕаланна. Бу тэрээһин олунньу ый 26 күнүгэр диэри ыытыллар. Хас киэһэ аайы киэһэ 21 чаастан «Саха» НКИК канаалыгар көстөр буолар. Бу сменаҕа уопсайа 110 оҕо республикабыт араас муннуктарыттан кэлбиттэр, онтон 45-һэ — күрэххэ кыттар оһуохайдьыт оҕолор.
Хас биирдии оһуохайдыыр оҕо кылыгырас кылыһахтаах куоластаах, киэҥ түһүлгэни иилии тутар. Ону тэҥэ оҕолору кытта араас улуустартан уһуйааччылар үлэлэһэллэр.
Мин бэйэм эмиэ бу сменаҕа сылдьабын, хомойуох иһин, 45 оҕо иһигэр сааспынан киирсибэтим, онон күрэх таһынан дьарыктанабын. Оһуохайынан 5-6 кылаастан сөбүлээн туран дьарыктанабын, маҥнай начаалынай кылаас учуутала Прасковья Николаевна Алексеева үөрэппитэ, онтон билигин «Дьөҥкүүдэ» ансаамбылга дьарыктанабын. Уһуйааччым Саргылана Петровна Федорова буолар.
Лааҕырга күрэхтэһэ сылдьар оһуохайдьыт оҕолортон саха төрүт үҥкүүтүн туһунан туоһуластым.
Эрхан Васильев, 8 кылаас үөрэнээччитэ, Үөһээ Бүлүү, Кэнтик:
— Оһуохайынан дьарыктаммытым ый да буолбата, ол эрээри бастакы түһүмэҕи аастым. Уһуйааччым — Айталина Михайловна Мойтохонова. Ордук тута хоһуйууну биһирээтим. Настаабынньыгым Марианна Владимировна Хобусарова олус үчүгэйдик үөрэтэр, оһуохайбыт этиитин киэргэтэн биэрэр.
Алексей Бурнашов, 7 кылаас үөрэнээччитэ, Уус-Алдан, Кэптэни:
— Оһуохайынан саҥа дьарыктанабын. Салайааччым — Зинаида Петровна Лугинова. «Бэс Чагда» лааҕырга, бастатан туран, доруобуйабытын бөҕөргөтөбүт уонна наһаа үчүгэйдик аһаталлар, оронноро сымнаҕас.
Эрика Базюк, Үөһээ Бүлүү, Хоро:
— Оһуохайынан 7-8 сааспыттан дьарыктанабын, миигин эдьиийим Хаарчаана Семёнова үөрэппитэ. Сахабыт төрүт үҥкүүтүн өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка, араас куораттарга тиийэн толоруохпутун наада, оччоҕо эрэ аан дойдуга, киэҥ сиргэ аатырыа.
Эрчим Николаев, 7 кылаас үөрэнээччитэ, Амма, Эмис:
— Оһуохайы быйылгыттан саҥа саҕалаатым. Учууталым Матрёна Иннокентьевна Владимирова. Биһиги, сахалар, төрүт үҥкүүбүтүн умнуо суохтаахпыт, сахабыт тылын-өһүн, култууратын илдьэ сылдьарга кыһаллыахтаахпыт, үлэлэһиэхтээхпит.
Ити курдук оҕолор бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Кинилэргэ ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабыт!
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас, Ньурба, Хаҥалас,
«Ыллык» эдкорпост.