П.В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын «Бэрт Хоһуун» байыаннай-патриотическай кулууп чилиэннэрэ Тулуна-Хаптана-Тулуна маршрутунан оскуола 90 үбүлүөйдээх бэлиэ сылыгар уонна байыаннай спецоперацияҕа кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарыгар анаммыт спортивнай десаҥҥа кытыннылар.
Спортивнай десаҥҥа Арассыыйа альпинизмҥа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, спортивнай туризмҥа уонна альпинизмҥа Арассыыйа спордун маастара, оскуола выпускнига Эрхан Бысыин, Саха сирин хайыһарга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ — Коля Копырин (10 кыл.), Айтал Терешкин (10 кыл.), Коля Охлопков (9 кыл.) уонна оскуола 9-10 кылааһын уолаттара кыттыыны ыллылар.
Десант кыттыылаахтара оскуола бастакы сылларыгар үлэлээбит дьиэтигэр экскурсияҕа сырыттылар, «Кыһыл Күүс» колхуостан Аҕа дойду ытык сэриитигэр барбыт 36 буойуҥҥа анаммыт мемориальнай билиитэ аттыгар туран, сэриигэ сылдьыбыт фронтовиктар, биир дойдулаахтарын туһунан иһитиннэриини иһиттилэр, маны тэҥэ айылҕа анаан айбыт Ытык Тиитигэр сырыттылар.
Эрхан Бысыин десант кыттыылаахтарыгар анаан оскуола агробазатыгар спортивнай былаһааккатыгар эти-хааны сайыннарар эрчиллиилэргэ маастар-кылаас ыытта. Десаҥҥа кыттыбыт уолаттар 16,5 км хаамтылар, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, бэйэлэрин туруктарын тургутан көрдүлэр.
Маннык ис хоһоонноох спортивнай хаамыылар, сүүрүүлэр, оҕону дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр хайысхалаах тэрээһиннэр Тулуна орто оскуолатыгар бастакытын ыытыллыбаттар, номнуо бу иитэр-үөрэтэр үлэ тэриллибитэ 10-тан тахса сыл буолла. Онон сиэттэрэн биһиги бүгүн П.В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын дириэктэрин Федот Дмитриевич Бысыины кытары уол оҕону эр киһилии иитии, үүнэр көлүөнэҕэ патриотическай тыыны иҥэрии, саха төрүт үгэстэрин үөрэтии тула кэпсэттибит.
«Бэрт хоһуун» кулуупка уол оҕоттон эр киһини иитэн таһаарабыт
— П.В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын иһинэн «Бэрт Хоһуун» диэн байыаннай патриотическай кулууп 2010 с. учууталлар көҕүлээһиннэринэн тэриллибитэ. Кулуупка уолаттар эрэ сылдьаллар. Ис хоһооно уонна сыала-соруга — уол оҕоттон эр киһини иитэн таһаарыы диэн. Оскуола саастаах оҕо бэйэтэ төһө тулуурдааҕын, тугу сатыыр буоларын, дьону кытары араас эйгэҕэ хайдах сыһыаннаһарын сүрүннээн бэлэмнээһин буолар. Манна үчүгэй таҥас-сап кэтэн баран параадтааһын суох. Айылҕаҕа барар буоллахпытына, сырыыбыт сүрүн өттө байыаннай аҥаардаах буолар. Айан бэрээдэгиттэн саҕалаан построениеҕа тиийэ барыта байыаннай быһыылаах-майгылаах оҥоһуллар. Ол эрдэттэн ыйыллар, былааннанар, бэрэбиэркэлэнэр.
Кулуупка сүрүннээн 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ сылдьаллар. Кыра кылаас оҕолоро кыттыыны ылбаттар диэххэ сөп, кинилэр иһитиннэрии эрэ өттүн ылаллар. Итини сүрүннээн бэйэм салайабын. Онтон 5-6 кылаас оҕолоругар кулууп ис хоһоонунан бырагырааматыгар сөп түбэһэр информацияны иһитиннэрэбин. Холобура, Герой-оҕолор, олохтоох дьоммут-сэргэбит туһунан, ону медиа-презентациянан эбэтэр баар стендэлэринэн көрдөрөн кэпсиибин.
Уолаттарбыт улахан тургутууну ааһан олохторугар сыаллаах буолаллар
— Бу кулуупка уолаттар эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх буолууларын туруорсабыт уонна ону ситиһэбит. Онно биһиги физкультура учууталларынаан сылы быһа оҕолорбутун кэтээн көрөбүт: кинилэр күрэхтэһиилэргэ кыттыыларын, уруокка киирэн көрөбүт, оҕолор спорт өттүгэр төһө сыстаҕастарын бэрэбиэркэлиибин. Оскуолабытыгар сааскы, күһүҥҥү кросстар, спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, оҕолор онно сылдьалларын көрөбүн-истэбин. Биһиги оскуолабыт хайыһарга ДЮСШ филиаллаах, тренердиин Станислав Степанович Копыринныын оҕо спорт өттүгэр бэлэмнээҕэр улахан болҕомтобутун уурабыт. Кулуупка сылдьыбыт оҕолор сүрүннээн бары аармыйаҕа сырыттылар, сылдьаллар даҕаны, бараллар. Биһиги оҕолорбутугар армейскай тургутуу (закалка) диэни киллэрэ сатыыбыт уонна спорт өттүгэр ситиһиилээх буолалларыгар олук уурабыт.
Михаил Гоголев, «Бэрт Хоһуун» кулуупка бастакынан сылдьыбыт уол, билигин Россия спордун маастара, мас тардыһыытыгар Европа иккис призера буолбута, ыарахан ыйааһыҥҥа СР спордун маастара.
Эрхан Бысыин экстремальнай туризмҥа уонна альпинизмҥа Россия хас да төгүллээх чемпиона, спортивнай туризмҥа уонна альпинизмҥа Россия спордун маастара, ити көрүҥнэргэ спортивнай туризмҥа — 2017 с., альпинизмҥа — 2021 с. Россия Кубогын хаһаайына. Итинник икки көрүҥҥэ тэҥҥэ Кубок хаһаайына буолбут киһи Россия да үрдүнэн аҕыйах. Биир саамай улахан ситиһиибит — Эрхан Бысыин 2017 с. Эльбрус хайаларын чыпчаалыгар республика былааҕын таһаарбыта, быйыл 2022 с., биэс сыл буолан баран, иккистээн аны Уус-Алдан улууһун былааҕын Эльбрус чыпчаалыгар улууска ыытыллыбыт 8-с спортивнай оонньуулары чиэстээн таһаарда.
Биһиги уолаттарбыт — Семен Попов, экстримҥа иккитэ сылдьыбыт уолум, билигин республика Кубогын икки төгүллээх кыайыылааҕа. Кулуупка сылдьыбыт уолаттартан, элбэх уол морской пехотаҕа, ВДВ-га, спецназка уонна танковайга, морфлокка сулууспалаатылар. Ол курдук, экстрим туризмҥа үстэ сылдьыспыт уолбут Виктор Кривошапкин Нагорнай Карабахха миротворческай сэриилэр састааптарыгар кытынна. Кини онно икки сыл устата контракт түһэрсэн сулууспалаабыта уонна бойобуой тааҥка хамандыырынан сылдьыбыта. Сулууспалыыр бириэмэтигэр икки өттүттэн иирсээн, икки өттүттэн ытыалаһыы кэмигэр түбэһэтэлээбитэ. «Ограниченный контингент миротворческих сил» диэн баар, Виктор ол главнокомандующайа генерал-лейтенант Рустам Муратовтан бойобуой мэтээли тутан турар. Ити биһиги кылаан ситиһиибит буолар. Виктор манна кэлэн, оҕолору кытары көрсөн, бэйэтэ хайдах сылдьарын кэпсээн, уолаттары сүрдээҕин сөхтөрөн турар. Бу чахчы этинэн-хаанынан сэрии диэн тугун билбит, олус эдэр, 20-чэтин эрэ ааспыт уолбут.
Аармыйаттан кэлбит уолаттарым билигин полицияҕа үлэлии сылдьаллар. Семен Тарабукин ГАИ-га, Айгылаан Бурнашов уонна Кирилл Кириллов ИДЬМ үлэһиттэрэ. Сорох уолаттарым МЧС-ка бааллар. Бары кыалларынан миэстэлэрин булан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар, устудьуоннууллар даҕаны. Билигин биһиги оскуолабыт үс үөрэнээччитэ, «Бэрт Хоһуун» кулуупка сылдьар Коля Копырин, Коля Охлопков, Айтал Терешкин республика сборнай хамаандатыгар сылдьаллар. Кинилэр кэлэр сылга буолар «Азия оҕолоро» кыһыҥҥы спортивнай оонньууларга, хайыһарга сборнай хамаанда састаабыгар киирэн, кыттыыны ылыахтаахтар. Бу күннэргэ уолаттар Алдан куоракка эрчиллэ бардылар.
Бэйэ-бэйэни өйөнсүү, бэйэ-бэйэҕэ тирэх буолуу — кэһиллибэт быраабыла
— Хоһууннарбытын кытары үс күннээх, икки хонуктаах экстрим походка барыыбыт саамай түмүктээх сырыыбыт буолар. Экстремальнай походка сороҕор учууталлардыын, оҕолордуун аҕыс буолан барабыт, саамай элбээн биирдэ 16 буолан бара сылдьыбыппыт. Икки хайысханан барабыт: бастакыта — «Улахан круг» диэн 155 км барабыт, онтон иккиһэ — «Кыра круг» диэн ааттыыбыт — 105 км. Манна оҕолор туох баар аһыыр астарын, утуйар таҥастарын, сааларын-сэптэрин, ботуруоннарын барытын бэйэлэрэ сүгэ сылдьаллар. Хас биирдии киһи кырата 15 киилэ таһаҕаһы сүгэ сылдьар. Күҥҥэ хаамар сирдэрин сороҕор 60-чаҕа тиийэ км хаамаллар, оннук эрэ сырыттахтарына, ыраах маршруттарга сөп түбэһэбит.
Уолаттарбыт манна сылдьан сатабыл 60-ча көрүҥэр үөрэнэллэр, үрүксээги хайдах айаҥҥа табыгастаахтык сүгүллэр гына малы-салы, таһаҕаһы угуохха сөбүй диэнтэн саҕалаан хаамыы үөрүйэҕэр тиийэ билэллэр. Хас килэмиэтири бара-бара сынньаныахха сөбүн, атах таҥаһын хайдах сөпкө кэтэргэ, хайдах куурдарга уо.д. а. үөрэтэллэр. Тиһэҕэр кутааны оттуу, сааны-сэби сатаан туттуу сатабылыгар үөрэнэллэр. Оҕолор айылҕаҕа сыһыаннааҕы барытын оҥорон кэлэллэр. Оннооҕор болуот оҥостон, үрэҕи туорааһын сатабылыгар кытары кытталлар. Аны маннык айаннарбытыгар историяны таарыйабыт, сылдьыбыт сирдэрбитигэр кимнээх олорбуттарын, ханнык колхуостар үлэлээн-хамнаан сылдьыбыттарын, бу сиртэн кимнээх тахсыбыттарын кэпсэтэбит, ырытыһабыт. Онон оҕолорго төрөөбүт дойду туһунан элбэх иһитиннэрии киирэр.
Биһиги «улахан кругка» бардахпытына, үс нэһилиэгинэн: 2-с Лөгөй, Бээрийэ уонна 2-с Байаҕантай нэһилиэктэр сирдэринэн сылдьабыт. Сылдьар сирбит сүрдээх киэҥ буолар. Онон оҕолор ити өттүгэр барытыгар бэлэмнээх буолуохтарын наада. Бу хаамыы, экстрим поход кэмигэр оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүүлэрэ булгуччу ирдэнэр, сылайан хаалбыт табаарыстарын сүгэн иһэр малын, саатын, үрүксээгин барытын үллэстэннэр илдьэ бараллар, бэйэтигэр күүс-көмө, тирэх буолаллар, ким да кими да хаалларбат, «своих не бросаем» диэн ыҥырыынан сылдьыбыппыт 10-тан тахса сыл буолла.
Оҕо үөрэҕэр ситиһэр буоллаҕына — барыны-бары кыайар
Биир хонуктааҕы да барыыбытыгар саамай ирдиирбит — оҕо үөрэҕэр хайаан да ситиһэр буолуохтаах. Ол иһин эрдэттэн оҕолору, үһүс чиэппэр кэнниттэн, үөрэх өттүгэр үчүгэйдик салайан, санааларын көтөҕөн биэрэбит. Биһиги төрөппүттэрбит махтаналлара үгүс, олус үөрэн туран: «Кулуупка уол оҕону биэрэбит уонна эр киһини ылабыт», — дииллэр. Дьиэтигэр ээл-дээл курдук, кыра оҕотугар сылдьыбыт уолаттар төрүт атын өйдөөх-санаалаах, атын туттуулаах-хаптыылаах эр киһи буола үүнэллэрэ, төрөппүккэ, кырдьык, олус үчүгэй буоллаҕа.
Уонна саамай үөрэрим диэн, бу сырыыларбытыгар муҥутуур ырааҕы, бөһүөлэктэн 80 км тэйиччи суол-иис суох дойдутугар тиийэбит, сибээс даҕаны, туох да суох, барыта бэйэҥ эт илиигэр, эт атаххар, эр санааҕар эрэнэҕин эрэ. Уонна саамай кылаабынайа — тулуургар эрэнэҕин. Бу айан кэнниттэн биир да оҕо ыалдьан хаалбатаҕа, ыраах десант кэнниттэн кэлэн баран, бары сарсыҥҥы күнүгэр үөрэнэ тахсаллар. Онон чахчы уол оҕо, эр киһи сырыытын сылдьан кэлэллэр диэн өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
Саха оҕото — айылҕа оҕото
— Экстремальнай туризмҥа биһиги саас өттүгэр барабыт, уу-хаар да элбэх буолар, тыал-куус, ардах-силбик аннынан, сороҕор улахан да киһи кыайан тулуйбат усулуобуйата буолар, ону барытын оҕолорбут тулуйаллар, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр. 50 км хааман кэлэн бараннар, аһаат даҕаны, тахсан футболлаабытынан бараллара киһини сөхтөрөр. Онон чахчы оҕо тулуурдаах дииллэрэ кырдьык эбит. Ол да буоллар оҕону наһаа уустук усулуобуйаҕа уга сатаабаккын, бэйэҥ холобургунан эрэ көрдөрөҕүн, тэҥҥэ хаамсан, тэҥҥэ сылдьыһан, саха оҕото — айылҕа оҕото диэҥҥэ тиэрдэ сатыыбыт.
Уонна маннык сырыыбыт, айаммыт улахан сыала-соруга — уол оҕону булка-алка сыһыарыы буолар. Онон бу туризмҥа сылдьан, оҕолор бастакы кустарын өлөрөн, саанан бастакытын ытан, куска, бултка сылдьыы араас сатабылларын барытын билэн-көрөн наһаа астынан кэлэллэр, аны булт барыта тэҥинэн үллэһиллэр. Эн кыраҕын, эн сааҥ суох, эн тапппатаҕыҥ диэн боппуруостар турбаттар. Онон соҕотох ийэҕэ иитиллэ сылдьар оҕолор, соҕотох төрөппүттээх оҕолор дьиэлэригэр иккилии-үстүү кустаах тиийэннэр, дьэ, үөрүү-көтүү буолаллар.
Аны барытын мин соҕотоҕун саба тутан сылдьабын диир хайдах да сатаммат, ДЮСШ тренера Станислав Копырин сүүрэн-көтөн сылдьыһар, физкультура учуутала Василий Окоемов уонна билигин, хомойуох иһин биһиги ортобутугар суох, Евгений Алексеевич Васильев диэн бэйэтэ фанат киһи, төһө даҕаны музыкальнай үөрэхтээҕин иһин, хайа да спортсменнааҕар итэҕэһэ суох бииргэ сылдьыһар киһи этэ. Сороҕор биирдиилээн-иккилиилээн нэһилиэктэн да тылланан барсааччылар. Онон экстрим поход сырыытын бары булчуттар, сааһыттар билэллэр, сураһаллар, кэтэһэллэр.
Бу кэнники икки сылга пандемия буолан кыайан барбатыбыт, арыт-ардыгар салгыы хайдах буолуохпутуй диэн боппуруос туруох курдук буолан ылар этэ. Онтон быйыл күһүҥҥүттэн бэттэх бастакы экскурсионнай спортивнай десаннары саҕалаатыбыт. Россия куораттарыгар мин бэйэм кэллиэгэлэрим, оскуола дириэктэрдэрэ куруук ыҥыраллар, «үлэҕитин кэлэн көрдөрүҥ» дииллэр. Мин санаабар, куорат өттүгэр маннык хайысхалаах кулууптар тэриллэллэрэ наһаа уустук быһыылаах, барыта бобуу, онон тыа сиригэр, олохтоох сирбитигэр-уоппутугар, бэйэбит олохпут укулаатыгар сөп түбэһиннэрэн сылдьарбыт олус үчүгэй.
Кыайыы 75 сылыгар — 19555 км
— Кыайыы 75 сылыгар анаан «Бэрт Хоһуун» кулууп иһинэн улахан тэрээһин ыытан турабыт. Манна биһиги нэһилиэкпититтэн Улуу сэриигэ барбыт 138 буойуммут олохторун үөрэппиппит. Кылаас чаастары, эр буолуу Уруоктарын, араас тэрээһиннэри ыыппыппыт. Бу 2020 с. тэриллибит сүрдээх киэҥ суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыга Алексей Васильевич Федотов, болҕомто ууран, бэйэтинэн кэлэн 3 км сүүрэн, кыттыыны ылбыта. Ону тэҥэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ, олохтоохтор бары көхтөөхтүк кыттыбыттара. Улуус музейыттан ол кэмнээҕи экспонаттары таһааран, сэрии кэминээҕи оҕолор, саллааттар суруктарын аҕалан көрдөрүүгэ туруорбуппут. Хас биирдии колхуос сирдэриттэн анал хамаандалар тэриллэннэр, «Кыайыы килэмиэтирдэрэ» диэн старт саҕалаабыппыт. Сүрүннээн сэриигэ барбыт дьоммут хантан, ханна тиийбит килэмиэтирдэрин ааҕан-суоттаан, биһиги буойуттарбыт уопсайа 19555 км ыраахха тиийэ сылдьыбыт эбиттэр диэн быһа холоон таһаарбыппыт. Манна түмүктүүр сиринэн Германия Хайсберг куората буолбута. Онно биһиги буойуммут Васильев Николай Иванович тиийэн охтубут эбит.
19555 км биһиги Кыайыы сылын устата сүүрүөхтээхпит диэн былааннаммыппыт. Физкультура учуутала Раиса Николаевна Троева хас биирдии сүүрүүнү отчуоттаан, «сапка тиһэн» мунньубута. Бу Кыайыы биэрэстэтин сыл устата баран турабыт. Биһиги дьоммут сүрүннээн Чурапчы военкоматыттан ыҥырыллыбыт этилэр. Онон маршруппут төрөөбүт алаастарыттан Чурапчы военкоматыгар, салгыы Дьокуускайынан, Лена өрүһүнэн, Новосибирскайынан, о.д.а сирдэринэн оҥоһуллан, Германия куоратыгар тиийбитэ. Берлиҥҥэ штурмаласпыт дьонноохпут, Курскай дугаҕа охтубут буойуттардаахпыт, Ильмен күөлгэ икки киһибит өлбүттэрэ, Сталинградка, Москва босхолооһунугар, Ржевка, Ленинградка, Севастопольга охтубут дьоннордоохпут, маны барытын үүнэр көлүөнэбит билиэхтээх, өйдүөхтээх, ытыктыахтаах.
Кыайыы килэмиэтирин аан бастакынан сэрии бэтэрээнэ Василий Ананьевич Васильев 75 миэтири хааман саҕалаабыта, онон ытык киһибит кыттыбыта бу тэрээһиммитин өссө улахан суолталаан биэрбитэ.
Оҕо төрөөбүт дойдутун историятын билиэхтээх
— Биһиги олорор сирбит Тулуна бөһүөлэгэ улахан историческай дойду. Бастакытынан, манна Лөгөй тойон төрөөн-үөскээн, ууһаан олорбут сирэ. Иккиһинэн, Степной думаны тэрийбит Иван Емельянович Мигалкин төрүт олоҕо манна баар. Кини бөһүөлэктэн 8 биэрэстэлээх сиргэ Күбэйэ алааһыгар олорбут киһи. Аны биһиги барар маршруппутунан Улуу Александр Сергеевич Пушкины кытта Царскай сельскай лицейга бииргэ үөрэммит доҕоро Федор Федорович Матюшкин айаннаабыт маршрута буолар. Кини манна баара-суоҕа 21 саастааҕар Фердинанд Врангель Петербургтан айаннаабыт императорскай экспедициятыгар авангарднай этэрээти салайан кэлбит эбит.
Дьокуускайга 1821 с. от ыйын саҥатыгар кэлбиттэр уонна от ыйын 3 күнүгэр Ф. Врангель авангарднай этэрээтигэр Ф.Ф. Матюшкин инники этэрээти салайан, Иван Емельянович Мигалкиҥҥа кэлэн үс күн буолбуттар, икки хоммуттар. Онон толкуйдаан, сыаллаан көрдөххө, Иван Емельянович Мигалкин нууччалыы үчүгэйдик билэр киһи эбит, Ф. Врангель экспедициятын аһынан-үөлүнэн, көлөнөн хааччыйан уонна сирдьит биэрэн, бу Верхоянскайга баран иһэр дьону Танда үрэҕэр түһэрбит. Бу манна этиэххэ наада, Федор Федорович Матюшкин Царскай селоҕа А.С. Пушкинныын үөрэнэллэригэр даҕаны, кини хайаан да улааттахпына айанньыт буолуом диэн бэйэтин ааҕынар эбит. Ол иһин кинини «Плыть хочется» диэн хос ааттаабыттар эбит, онтон А.С. Пушкиҥҥа французскайдыы үчүгэйдик билэрин «француз» диэн хос ааты иҥэрбиттэр. Бу айаннарыгар кинилэр сиртэн сиргэ түһэннэр, Ф. Врангель кэлиэхтээх айанын суолугар элбэх көлөнү, аһы-үөлү бэлэмнээн баран испиттэр эбит. Кэнники ити Тверской бульварга (уруккута Страстной бульварга) турар А.С. Пушкин пааматынньыга тутуллуутугар аан бастакытнан тыл көтөхпүт Ф.Ф. Матюшкин буолар.
Онон биһиги барар маршруппут Ф.Ф. Матюшкин айаннаабыт суолунан-ииһинэн барар, саамай түмүктүүр сирбитинэн Тулунаттан 80 км сиргэ — Таҥараһыт хайата диэн айылҕа бэйэтэ анаан оҥорбут 127 м үрдүктээх мыраана баар, онно тиийэн хайа муҥутуур оройугар тахсан, итинтэн 40 көстөөх Верхоянскай очуостарын көрөбүт, оруобуна 4 очуос төбөтө көстөр.
Бу мантан эмиэ Байаҕантай Тиит Арыытын киһитэ Петр Турантаев таҥараҕа тиксэбин диэн санаалаах Грецияҕа тиийэ сатыы бара сылдьыбыт уонна үс сыл буолан баран кэлбит. Уонна Тулунаттан биэс бырааттыы Габышевтар сэриигэ барбыттара уонна түөрт буойун сэрии хонуутугар охтубуттара. Кинилэр төрөөбүт-үөскээбит, олорбут алаастарынан эмиэ сылдьабыт. Сыромятниковтар диэн түөрт бырааттыылартан икки киһи сэрии хонуутугар хаалан тураллар.
Манна өссө гражданскай сэрии актыыбынай кыттыылааҕа Михаил Михайлович Заболоцкай төрөөбүт-үөскээбит төрүт түөлбэтигэр дьиэтин омооно баар, кэлин историческай бэлиэни олохтоох нэһилиэк дьаһалтата, баһылык Иннокентий Иннокентьевич Троев тэрээһининин, туруорбута. Ити аттыгар сылгы баазата баар, онно үүтээҥҥэ куруук хонон-өрөөн ааһабыт. М.М. Заболоцкай туһунан хайаан да оҕолорбутугар кэпсээн, ахтан ааһабыт.
Аны Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» суругар киирбит Танда үрэҕинэн болуот охсунан туорааһын туһунан уонна Танда үрэх туһунан кэпсээннэри оҕолорго кэпсиибит.
Хайа баҕарар дойду бэйэтэ туспа историялаах, ытык сирдэрдээх ону оҕолорго, үүнэр ыччаппытыгар кэпсиир, тарҕатар уонна тиэрдэр хайаан даҕаны наада. Оҕолору кытары тэҥҥэ ытык сирдэринэн, дьон бөҕө тоҕуоруйан олохсуйа сылдьыбыт алаастарынан тэҥҥэ сылдьыһан, историческай өйдөбүлү хаалларан, төрөөбүт дойдуга тапталы кыраларыттан иҥэриэххэ диэн түмүкпэр этэбин.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru