Саха сириттэн Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Степанида Артахинова күрэхтэһэр. Кини сүһүөхтэринэн инбэлииттэр ортолоругар оҕунан ытыыга Нидерланды Хертогенбош куоратыгар Аан дойду чемпионатыгар саҥа рекордун олохтообута. Ол курдук, 50 миэтэрэттэн 216-та ытан, 2037 очкону ылбыта.
Күрэхтэһии түмүгүнэн, Степанида хамаанданан ытыыга үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээл хаһаайката буолла.
– Хантан төрүттээххиний?
– Мин Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку диэн үрэх аттыгар турар кыра дэриэбинэттэн төрүттээхпин. Дойдубун наһаа ахтабын, ол иһин сылга биирдэ хайаан да баран кэлэбин. Оҕо эрдэхпитинэ дьиэ кэргэнинэн Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. 2007 сыллаахха Дьокуускай куорат 21-с №-дээх оскуолатын бүтэрэн, Москваҕа үөрэнэ барбытым. Москватааҕы гуманитарнай экономическай институкка юрист салаатыгар туттарсыбытым. Идэбинэн Дьокуускайга икки сыл кырдьаҕастар дьиэлэригэр үлэлээбитим. Ону таһынан, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка физкультура уонна спорт институтугар тренер идэтигэр магистратураны бүтэрбитим.
– Тоҕо оҕунан ытыы көрүҥүн талбыккыный?
– 2007 сыллааха Москваҕа үөрэнэ тиийиэхпэр диэри спорка ханан да сыстыбатах киһи этим. Ийэм – ньээҥкэ, аҕам – суоппар, аймахтарбар даҕаны улаханнык спордунан дьарыктанар киһи суоҕун кэриэтэ. Институкка «оҕунан ытыы дьарыгар ыҥырабыт» диэн биллэрии ыйанан турарын аахпытым уонна дьүөгэбин кытта баран көрөргө сананныбыт. Тута бастакы дьарыктан оҕунан ытыыны олус сөбүлээбитим. Дьүөгэбинэн «таах мээнэ олоруохтааҕар оҕунан ытар эбиппит» диэн түмүккэ кэлбиппит. Ол кэнниттэн мин кыралаан күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум. 2008 сылга Москва куорат иһинээҕи күрэхтэһиигэ кыттан саҕалаабытым, онтон Россия чемпионатыгар ытар буолбутум. Ол кэмҥэ охпун нэһиилэ тардар, ыарырҕатар этим. Күүскэ дьарыктаныахпын наада диэн сыал туруоруммутум. Ол Россия чемпионатын кэнниттэн оҕунан ытан бүтүөм дии саныы сылдьан, бастаабытым. Онтон дьарык, күрэхтэһии бөҕөтө ааһаммын, Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим.
– Бу Аан дойду чемпионатыгар хайдах кытынным дии саныыгын?
– Сүрүн сыалбын ситистим. Токиоҕа 2020 сылга Паралимпиадаҕа кыттар чиэскэ тигистим. Бу от ыйыттан онно бэлэмнэнэн саҕалыам.
Соҕотохтуу ытыыга мэтээл ылбатахпыттан кыратык хомойдум. Биһиги сүүмэрдиир хомуурга тыаллаах кэмҥэ бэлмнэммиппит. Нидерланды дойдуга тиийбиппит ардах бөҕөтө этэ. Квалификация кэмигэр күн тыкпыта, олох туох даҕаны көстүбэтэҕэ. Олус ыарырҕаппытым. Оттон сылтаан икки очкону сүтэрбитим. Финалга тыаллаах буолан, аттыбар турбут мас силистэрэ харахпар мэһэйдээбитэ. Ол иһин күн дьыл туруга оҕунан ытыыга элбэҕи быһаарар.
– Допиҥҥа бэрэбиэркэ үлэтэ ыытылынна дуо?
– Күрэхтэһии буолара икки нэдиэлэ хаалбытын кэннэ иккитэ ылбыттара. Мин билигин допины бэлиэтиир пулга баарбын. Онно биир сыл иһигэр кинилэргэ ханна баарбын этэбин. Ол пул ханнык баҕарар кэмҥэ эмискэ бэрэбиркэлии диэн кэлиэн сөп. Холобур, мин доҕотторбун кытта тыаҕа барар буоллахпына, пулга күүлэйдии тахсарым биэс күн иннинэ сэрэтиэхтээхпин.
– Оҕу хайдах талаҕын?
– Ох сыаната олус ыарахан. Билигин бэйэбэр «Hoyt» диэн американскай фирма охтоохпун. Сакаастаабытым кэнниттэн өр буолан баран кэллэ. Оттон күрэхтэһиилэргэ бардахпытына хас биирдии спортсмеҥҥа анаан оҥоһуллубут бэлэм ох баар буолар. Туох эмит буолар түгэнигэр бэйэбит охпутунан ытыахпытын сөп, илдьэ сылдьарбыт көҥүллэнэр. Хаһан эрэ оннук биир күрэхтэһиигэ оҕум алдьанан хаалбыта, аны онно бэйэм оҕум суоҕа. Ол иһин ыксал бөҕөтө буолбутун өйдүүбүн.
– Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний?
– «4», «3» сыанаҕа үөрэммитим. Сатабыл уруогун cөбүлүүр этим. Мин бэйэм урут уруккаттан иистэнэрбин, илиибинэн араас оҥоһуктары айан таһаарарбын туохтааҕар да ордоробун.
– Дьарыгын туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Россияҕа сүүмэрдээһиҥҥэ күҥҥэ иккитэ дьарыктанабыт. 300-400 ытыыны оҥоробут. Манна Саха сиригэр күҥҥэ биирдэ эрчиллэбин. Аан дойду чемпионата буоларын иннигэр сүүмэрдиир хомуурбут Алуштаҕа уонна Евпаторияҕа буолбута. Бүтэһик кэмнэргэ эмиэ наар күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ, хомууртан хомуурга сылдьыбыт буоламмын, дьиэбэр аҕыйахта көстөбүн.
– Күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ, хомууртан хомуурга сылдьабын диэтиҥ. Оттон ол быыһыгар доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?
– Дьокуускайга кэллим даҕаны Спорт үрдүкү маастарыстыбатын оскуолатын быраастара, массажистара биһиги доруобуйабытын кичэйэн көрөллөр-истэллэр. Күрэхтэһии, хомуур быыһыгар хайаан да эмтэнэбин.
– Күрэхтэһии буолуон иннинэ, бэйэҕин хайдах бэлэмниигин?
– Оттон үчүгэйдик кыттыахтаахпын диэн сыал туруорунабын. Саамай сүрүнэ диэн бэйэҕэр эрэллээх буолуохтааххын. Психологы кытта куруук сибээскэ сылдьабын. Туох эмит мэһэйдиир буоллаҕына киниэхэ суруйабын, ырытыы оҥоробут.
– Саха сиригэр оҕунан ытыы көрүҥ төһө сайынна?
– Өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕолор даҕаны, улахан дьон даҕаны сөбүлээн дьарыктанар буоллулар. Күрэхтэһээччилэри төһө кыалларынан өйүүллэр. Билигин «Дохсуҥҥа» дьарыктанабын. Манна оҕунан ытыыга аналлаах саала баар эрээри, үксүн оҕолор сылдьаллар. Кинилэргэ мэһэйдээмээри, иккис этээскэ анал былаһаакка оҥостоммун, онно эрчиллэбин.
– Иллэҥ кэмҥэр сөбүлүүр дьарыгын тугуй?
– Үөрэнэр этим, оттон билигин барыта бүппүтүн кэннэ, оттон ас астыырбын сөбүлүүбүн. Оҕо эрдэхпиттэн үчүгэйдик астааччыбын. Туох баар бүлүүдэни барытын сатыыбын. Бэрэски да буоллун, бөрүөк да буоллун… Кинигэ ааҕабын. Бүтэһик аахпыт кинигэм, Ронда Роузи «UFC» чемпионкатын биографията. Күүстээх кыыс дии санаатым. Тугу толкуйдаабытын барытын ситиһэр эбит.
– Оҕолорго сүбэҥ…
– Тугу ситиһиэхтээххин эрдэттэн билэн, ону сыал-сорук туруорунан, олоххун оҥосторун ордук. Ханнык баҕар киһи олоҕор ыарахан түгэннэр бааллар. Ол кэмҥэ тостон, мөлтөөн хаалбакка, ыарахаттары тулуйуохха, аһардыахха. Олоххор тосхойор дьоллоох түгэннэри мүччү туппакка, бэйэҥ эрэ тускар буолбакка, төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун-сэргэҕин санаан туран үлэлиирин үчүгэй!
Павел Ильин.