Сахалиҥҥа ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 80 спортсмен оҕо киирбитэ. Олор ортолоругар Амма Сулҕаччытыттан Х кылаас үөрэнээччитэ, биатлоҥҥа Уһук Илиҥҥи уокурук икки, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх кыайыылааҕа Николай МАКСИМОВ бу дьоһуннаах күрэххэ кыттан, спорт кыһыҥҥы көрүҥэр Саха сирин устуоруйатыгар чаҕылхай суолу-ииһи хаалларбыта!
10 биэрэстэҕэ 33 эдэр биатлонист сүүрбүтүттэн биэтэккэ бастакынан кэлбит кыайыылаах Виктор Молчановтан (Сибиирдээҕи федеральнай уокурук) баара-суоҕа 24 сөкүүндэнэн хаалбыт биһиги уолбут Николай Максимов иккиһинэн кэлэн, үрүҥ көмүс призер буолбута биһиэхэ барыбытыгар өрөгөй сырдык чаҕылын сахпыта!
Баҕа санаа күүһэ
Уһуйааҥҥа сылдьыаҕыттан бу көрүҥү сөбүлээбит Коля Максимов III кылааска үөрэнэ сылдьан, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Машалыын хайыһар сиэксийэтигэр суруйтара кэлбиттэр. Онуоха оскуола дириэктэрэ, физкультура учуутала Алексей Ильич Никифоров дьоҕурдаах уолчааны бэлиэтии көрөн, дьарыкка ыҥырбыт.
– Оччолорго оскуолабытыгар 3 паара хайыһар эрэ баара, – диир кини. – Оттон дьарыктыыр оҕолорум төрдүөлэр. Хайыахпытый, бастаан утаа эдьиийин кытта биир паара хайыһары олбу-солбу кэтэллэрэ. Атын оҕолортон сааһынан аччыгый буолан, киниэхэ үксүн тиксээччитэ да суох. Ол иһин, биир үксүн, киэһэ аайы хайыһар суол тыргыллыбыт күөлбүтүгэр кэлэн, бэйэтэ сүүрээччи.
Бэйэтин баҕатын күүһүнэн дьарыктаммыт алын сүһүөх кылааска үөрэнэр уолчаан тута улууска бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. Орто сүһүөх кылааска өрөспүүбүлүкэҕэ призердаабыта.
Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, аҕатын өттүнэн бэрт тэтиэнэх, сааһыт, булчут удьуордаах, ийэтинэн кыахтаах, күүстээх ситимнээх, айылҕаттан дьоҕурдаах Коляны уһуйааччыта А.И. Никифоров улуус киинигэр Аммаҕа оҕо спортивнай оскуолатыгар ыыппыта.
Онно үгүс оҕону спорт эйгэтигэр уһуйбут бэртээхэй тренер Анатолий Афанасьевич Артемьевка түбэспитэ. Онтон ыла, дьиэттэн-уоттан саҥардыы тэйбит оҕоҕо, күүстээх дьарыктар саҕаламмыттара. Үөрэҕин, дьарыгын быыһыгар уоскулаҥҥа дойдутугар кэллэҕинэ да быар куустан олорботоҕо, ороҥҥо тыылыы тэбэн сыппатаҕа. Күн аайы дьарыктаммыта.
VI-VII кылаастарга үөрэнэ сылдьан, улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар бигэтик киирбитэ. Үрдүкү кылааска бэйэтин саастаахтарын ортолоругар тэҥнээҕин булбатаҕа.
Континент оҕолорунуун
Онтон ыла араас күрэхтэһиилэргэ кыттыбытынан барбыта. 2018 сыллаахха Смоленскайга Россияҕа бастыыр иһин хайыһарга күрэххэ 120 оҕоттон сүүрбэ бастыҥ иһигэр киирбит эбит буоллаҕына, нөҥүө күн биатлоҥҥа биэтэккэ 8-с кэлбитэ.
Новосибирскай куоракка аатырбыт биатлонист Анна Богалий Кубогар IV миэстэ буолан, маастарга кандидат нуорматын толорбута.
Ону таһынан Уфа куоракка Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин оҕолоругар хайыһарга бастыыр иһин күрэхтэһии икки көрүҥэр (5 уонна 7 аҥаар биэрэстэлэргэ) кыайан-хотон, дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ.
Түргэн-тарҕан туттуулаах Коляны Алданнааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оҕо спортивнай оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Альберт Талгатович Сафонов болҕомтотугар ылбыта.
Новосибирскай уонна Уфа анал базаларыгар элбэхтик бэлэмнэнэн, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитэ, Соҕурууҥҥу Сахалиҥҥа “Азия оҕолоругар” өрөспүүбүлүкэбит чиэһин көмүскүүр кыахтаммыта.
Онно кини хайдах сүүрбүтүн тэлэбиисэринэн бары көрбүппүт, экран иннигэр олорон, Саха сирин оҕолорун тустарыгар бары ыалдьыбыппыт, долгуйбуппут.
Түһэн биэрбэтэх эрэ киһи…
– Кыра эрдэхпиттэн дьарыктаммыт тренербэр А.И. Никифоровка, кэлин хайыһар суолугар бигэтик үктэннэрбит тренердэрим А.А. Артемьевка, А.Т. Сафоновка дириҥ суолталаах махталлаахпын, – диир “Азия оҕолоро” кыһыҥҥы I спортивнай оонньууларын үрүҥ көмүс мэтээлин хаһаайына Николай Максимов.
– Инники өттүгэр тэппит атахпын кубулуппакка, үрдүк таһымнаах спортсмен чэпчэкитэ суох суолун устун биир хайысхалаахтык барар санаалаахпын. Оскуола кэнниттэн спорт эйгэтигэр суолбун булуммут киһи. Дьокуускайдааҕы “Олимпийскай эрэллэр” эбэтэр Алдаҥҥа бу эйгэҕэ анаан үлэлиир училищеларга үөрэнэр баҕалаахпын. Ханты-Мансийскайга бардахпына да сириэм суоҕа этэ.
Дьиэ кэргэммэр соҕотох уолбун: эдьиийдээхпин, икки балтылаахпын. Дьиэ кэргэним, чуолаан, ийэм уонна биир дойдулаахтарым, сыраларын биэрбит тренердэрим бүк эрэллэрин түһэн биэрбэтэх эрэ киһи…
Кытаат, ити курдук инниҥ хоту эрчимнээхтик, кимиэлээхтик дьулуһан ис, саха бэргэн ытааччыта уонна сыыдам атахтааҕа!
Василий ИВАНОВ.
Сулҕаччы, Амма.