Алтынньы 11 күнүгэр Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын IV “А” кылааһыгар (сал.Е.И.Атласова) кылаас чааһыгар полиция подполковнига П.П. Гоголев, ПДН инспектора Ф.М. Слепцова, ДПС инспектора Е.И. Жураховскай ыалдьыттаатылар. Кыра кылаастан сокуону билэн, буруйу оҥорууну таһаарыа суохтаахпытын кэпсээтилэр. Сорох оҕо “мин кырабын, куһаҕаны оҥордохпуна да, миэрэ син биир ылбаттар” диэн өйдөбүллээхтэр. Ол сыыһа, оҕо 14 сааһыгар диэри төрөппүтэ, онтон 14 сааһыттан бэйэтэ буруйугар эппиэттиир. Буруйу оҥоруу көрүҥэ сүрдээх элбэх эбит. Ордук уоруу, бэйэ-бэйэни атаҕастааһын, вандализм элбэх. Вандализм биһиэхэ эмиэ баар, ол курдук өйдөбүнньүк пааматынньыктары, оскуолабыт истиэнэлэрин, остуоллары, паарталары марайдааһын, уруһуйдааһын, алдьатыы буолар.
Хас биирдии оҕо эрэсиими тутуһуохтааҕын, түүннэри сылдьыа суохтааҕын өссө төгүл өйдөөтүбүт. Буруйу кэһии үксүн сайыҥҥы кэмҥэ элбиир. Оҕо хойукка диэри таһырдьа сылдьыытыгар төрөппүт сэмэлэнэр.
Аны суол быраабылатын эмиэ билиэхтээхпит. Массыына иһигэр киирдибит да, пассажирдар буолабыт, суолга хаама сылдьар дьон пешеходтар дэнэллэр. Хайаан да оҕо массыынаҕа олордо да, куттала суох буолуу ременин кэтиэхтээх. Билигин таһырдьа халтархай буолла, онон өссө сэрэхтээх буолуохтаахпытын өйдөөтүбүт. Кылааспыт чааһыгар «Безопасный маршрут от дома до школы» диэн проект оҥордубут. Инньэ гынан, кылааспыт чааһа туһалаахтык уонна интэриэһинэйдик ыытылынна.
Дайаана Степанова,
IV “А” кылаас,
Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата,
Уус Алдан.