Ил Дархан Харыйатыгар кыттар үрдүк чиэскэ тиксибиппиттэн олус үөрэбин. Оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнэ буолан олоҕум устата өйдүү-саныы сылдьыаҕым.
Бу күн миэхэ өссө биир үрдүк эппиэтинэстээх түгэни тосхойон ааста. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын юнкора буоламмын Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын миниистирин Нюргуна Афанасьевна Соколованы кытта көрсөн интервью ылар чиэскэ тигистим.
Мин үөрэх миниистириттэн ордук доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго туһалаах уонна көмөлөөх буолуо этэ диэн 9-с кылаас кэнниттэн орто анал үөрэх кыһаларын улуустар кииннэригэр арыйыы туһунан ыйыттым.
Нюргуна Афанасьевна ыйытыым иһин махтанна. Уонна биэрбит ыйытыыбар:
– Кырдьык, биһиги экономикабытын ылан көрөр буоллахха, билигин орто анал үөрэхтээх дьоннорго ордук күүскэ наадыйан олоробут. Тыа сиригэр, хас биирдии улууска олорор дьон ахсаана, үлэһиттэр элбииллэригэр орто анал үөрэх тэрилтэлэрэ улуустар кииннэригэр баар буолуохтаахтар. Ырытан көрөр эбит буоллахха, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки эрэ улууска: Горнайга улууһун кинигэр Бэрдьигэстээххэ уонна Аммаҕа орто анал үөрэх тэрилтэлэрэ суох. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытта тэҥҥэ үлэлээн, сотору кэминэн Бэрдьигэстээххэ уонна Аммаҕа орто анал үөрэх колледжтара арыллалларын ситиһиэхтээхпит, былааҥҥа туруоруохпутун наада, – диэн хоруйдаата.
Нюргуна Афанасьевна миниистир уустук үлэтиттэн бириэмэ булан, биһигини кытта санаатын үллэстибитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Дамир ПЛАТОНОВ, XI кылаас, Дьиикимдэ орто оскуолата, Горнай