Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэр Романова Евдокия Ильинична сылын аайы гранаты олордор. Евдокия Ильинична медик идэлээх, РФ үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, туйгуна. Кини дьиэтээҕи гранаты үүннэриинэн дьарыктаммыта 20-тэн тахса сыл буолла.
“Мин сибэкки үүннэрэр маҕаһыынтан “Бейби” суорду ылан үүннэрбитим. 5 устуукаттан 3 сиэмэ тахсыбыта. Онтон ыла интэриэһиргээн үүннэрэн барбытым. Бастакы гранатым туһунан «Бэрдьигэс» телестудия кэлэн устубута, саха телевидениятыгар көстүбүтэ, өссө эбиитин Энотера диэн саһархай сибэкким туһунан кэпсээбитим. Гранат көрүүтэ боруостуой, орто иһиккэ олордобун, эбии аһатабын, сылга ардыгар 2-тэ сибэккилиир: саас, күһүн эрдэ. Сибэккитэ нэдиэлэ устата турар, сорох сибэккилэрэ ас кутан бараллар. Олус кыраһыабай сибэккилээх. Үксүгэр 2-3 астанар. Бу гранат угун (кустик) күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа атыылааччыбын. Быйыл эмиэ 2 угу атыылаабытым.Хаартыскаҕа көстөр улахан астаммыт гранат 5 саастаах ук, сайынын верандаҕа эбэтэр күлүктээх сиргэ иһиттиин таһааран олордобун. ” — диэн кэпсээтэ Евдокия Ильинична.
Анатолина Иванова,
С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата,
«Кэскил” медиа-оскуола эдэр корреспондена