Бүгүн С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын күнэ ыытылынна.
Оскуолабытыгар «Кэскил» оҕо кыһатын иһинэн үлэлиир медиа-оскуола үлэтин саҕалаата. «Кэскил» хаһыат рубрикаларын, бырайыактарын билиһиннэрдилэр, үөрэнээччилэргэ эдэр корреспондент буолалларын туоһулуур сибидиэтилистибэлэри туттардылар. Өрүү даҕаны маннык көхтөөх, сэргэх, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах буолуҥ диэн эттилэр.
Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» диэн быыстапка презентацияҕа 20 оҕо кытынна. Оҕолор аҕалбыт оҥоһуктарын сиһилии кэпсээтилэр. Түмүгэр 4 кылаас үөрэнээччитэ Стасик Санников эһээтин, музыка учуутала, Данил Данилович Санников баянын коллекциятын билиһиннэрдэ, онтон Данил Данилович баяҥҥа доҕуһуоллаан, оскуола гимнын ыллаатылар. Бары кыттыбыт оҕолорго туоһу сурук туттарылынна.
«Сатабыл” оҥоһуктар күрэхтэригэр 15 оҕо кытынна. Сайыҥҥы «Сатабыл» лааҕыр оҕолорун (сал. С.П. Гоголева), “ЭкоСатабыл” илиинэн оҥоһуктарын мастарыскыай (сал. Л.М. Дмитриева) үлэлэрэ турда. Технология учуутала Н.Ф. Максимов туойтан, мастан оҕолорун оҥоһуктара киэҥ сэҥээриини ылла.
1 миэстэ — Милена Парфенова, 10 кыл.
2 миэстэ — Алена Попова, 9 кыл.
3 миэстэ — Сандаара Пахомова, 6 кыл.
Анал ааттар Эдита Антоноваҕа, 6 кыл., Христина Михайловаҕа, 6 кыл., Инна Саввинаҕа, 6 кыл., Костя Дьячковскайга, 7 кыл., иҥэрилиннилэр
Науканан дьарыктанар оҕолорго туһалаах көрсүһүү ыытылынна. «Юность Севера: arctic ideas» хаһыат саҥа формата науканы уонна билиигэ-көрүүгэ тардыһыы былаһаакката буоларын билиһиннэрдилэр. Саха сиригэр соҕотох научнай-популярнай сурунаал Россиятааҕы научнай цитирование (РИНЦ) систиэмэтигэр бигэргэнэр. Ол аата оҕо суруйбут ыстатыйалара сурунаалга бэчээттэннэҕинэ, научнай үлэнэн ааҕыллар.
Бу күн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, анал байыаннай операцияҕа мобилизацияламмыт төрөппүттэр оҕолоругар «Почта России» ыытар «Дерево добра» акциятыгар кыттан, «Кэскил» хаһыакка, «Чуораанчык» сурунаалга босхо сурутууну оҥордулар:
Аргунов А.Г., Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыга — 2 устуука.
Чемезова З.И., урбаанньыт — 5 устуука.
Иванов В.П., урбаанньыт — 3 устуука.
Оскуола кэлэктиибэ — 10 устуука.
Уопсайа бу күн суруттардылар:
“Чуораанчык” сурунаалга — 112 устуука.
“Кэскил” хаһыакка — 36 устуука.
“Колокольчик” сурунаал — 1 устуука.
“Юность Севера: arctic ideas” сурунаал — 2 устуука.
Бэрдьигэстээх почтатын отделениятын почтальоннарыгар сурутууну тэрээһиннээхтик ыыппыттарыгар махтанабыт.
“Кэскил” хаһыакка 100% суруттарда — 5-б кылаас (кылаас салайааччыта Бережнова А.П.).
“Кэскил” хаһыакка 80% суруттарда — 10-б кылаас (кылаас салайааччыта Сивцева Т.И.).
“Чуораанчык” сурунаалга 100% суруттардылар:
2-а кылаас (кылаас салайааччыта Максимова Л.А).
2-б кылаас (кылаас салайааччыта Николаева М.И.)
3-б кылаас (кылаас салайааччыта Потапова А.К.)
4-а кылаас (кылаас салайаачччыта Алексеева А.Н.)
Бастыҥ кылаастарга Добун сурук, кылаас салайааччыларыгар махтал сурук бэрилиннэ.
Төрөппүттэргэ улахан махтал.
Бу күн «Кэскил» оҕо кыһатын сурунааллара, хаһыаттара атыыланна, сүүйүүлээх оонньуу оонньонно.
Киэҥ туһалаах ,бырагыраамалаах күн ситиһилээхтик түмүктэннэ. Оҕо бэчээтин кыһатын редакциятын үлэһиттэригэр: Екатерина Винокуроваҕа “Юность Севера: arctic ideas” сурунаал эппиэттээх секретарыгар, Карина Оконешниковаҕа “Юность Севера: arctic ideas” сурунаал шеф-редакторыгар, Кристина Ивановаҕа “Кэскил” хаһыат редакторыгар, Григорий Местниковка “Кэскил” хаһыат шеф-редакторыгар, Нюргуяна Захароваҕа “Чуораанчык” сурунаал шеф-редакторыгар, Сардана Матвееваҕа “Чуораанчык” уонна “Колокольчик” сурунааллар эппиэттээх секретарыгар махтанабыт.
Кэрэни кэрэхсиир, биһиги оҕолорбут үүнэллэригэр-сайдалларыгар бөҕө укулааты уурар, сырдыкка сирдиир кэскиллээх үлэбит салҕанар!
С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын “Кэскил” медиа-оскуолата.