Ахсынньы 15 күнүгэр оскуолалар икки ардыларыгар ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэмнээх буолуу күрэхтэһиитэ буолла.
Буолбут сирэ: элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс. Тэрийээччилэр: үөрэх улуустааҕы управлениета, баһаары утары охсуһар 16-дээх баһаарынай этэрээт.
Кытыннылар: Бэрдьигэстээх оскуолалара, Намтан Иван Гаврильев аатынан оскуола.
Күрэхтэһии кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр: СӨ баһаары умулларыыга отдел начаалынньыгын солбуйааччы Михаил Быкалыров, баһаар манабылын отделыттан Юрий Кокорин, баһаарынай этэрээт начаалынньыга Илья Семенов, үөрэх улуустааҕы управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Алексей Иванов.
Баһаары утары охсуһуу этэрээтин тустаах үлэһиттэрэ Наталья Иванова, Валентин Петров күрэхтэһии балаһыанньатын билиһиннэрдилэр.
Эдэр дружинниктар анал таҥаһы кэтиигэ, баһаарынай быыһыыр быаны баайыыга, рукав тардыытыгар илин-кэлин түстүлэр. Барыта бириэмэҕэ барар буолан түргэн туттуулаахтар-хаптыылаах, ордук бэлэмнээхтэр кыайыыны ситистилэр.
Анал таҥаһы кэтиигэ:
Кыргыттар:
1 миэстэ — Валерия Габышева (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 2 хамаандата).
2 миэстэ — Елена Ефремова (Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназията).
3 миэстэ — Варя Федорова (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 1 хамаандата).
Уолаттар:
1 миэстэ — Роман Пахомов (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 1 хамаандата).
2 миэстэ — Коля Копылов (С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 2 хамаандата).
3 миэстэ — Анатолий Баишев (Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназията).
Быыһыыр быаны баайыыга-кыргыттарга:
1 миэстэ — Нарыйаана Иванова (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 2 хамаандата).
2 миэстэ — Алена Попова (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 1 хамаандата).
3 миэстэ — АнжелаТобольшина (Нам).
Уолаттарга:
1 миэстэ — Арсен Уваровскай (Нам).
2 миэстэ — Сулус Егоров (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 2 хамаандата).
3 миэстэ — Ньургун Уйгуров (Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназията).
Рукав тардыытыгар:
1 миэстэ — Леня Третьяков (Нам).
2 миэстэ — Олимпий Петров (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 1 хамаандата).
3 миэстэ — Дьулус Данилов (С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын 2 хамаандата).
Уопсай түмүккэ:
1-2-с миэстэлэри Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын хамаандалара үллэһиннилэр, 3-с миэстэни Иван Гаврильев аатынан Нам оскуолата ылла.
Эдэр баһаарынньыктары эҕэрдэлиибит!
«Кэскил» медиа-оскуола, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата.