«Агро НТИ-2020» бүттүүн Россиятааҕы куонкурус 4 хайысханан ыытыллыбыта: “АгроКоптеры”, “АгроРоботы”, “АгроКосмос”, “АгроМетео”. С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 3 үөрэнээччитэ: Гена Кутуков, 8 кылаас, “АгроКоптеры” хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ II миэстэ, Россия таһымыгар I миэстэлээх; Коля Семенов, 10 кылаас, «АгроРоботы» хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ I миэстэ, Россия таһымыгар II миэстэни ылбыта. Герман Бережнов, 4 кылаас үөрэнээччитэ кыра бөлөххө IV миэстэни ылан дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ.
Бэрдьигэстээх орто оскуолата “Агро НТИ” бастакы резиденэ буолбутун туоһулуур сибидиэтэлистибэни тохсунньу 22 күнүгэр Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Константинович Кривошапкин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда:
— Саха өрөспүүбүлүкэтигэр “Агро НТИ” оскуолаларын ситимин тэрийдибит. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ россиятааҕы куонкуруска үрдүк таһымы көрдөрүүлэрин иһин, аан бастакынан бу ситимҥэ киирэр чиэстэннилэр. Ону туоһулуур сибидиэтэлистибэни туттардыбыт, оскуола олоҕун кытта билистибит, инникитин тэҥҥэ үлэлиир хайысхабыт туһунан кэпсэттибит. Ол курдук, агророботтары, агрокоптердары оҥорон таһаарыыга, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар уонна нэһилиэнньэҕэ мас олордуутугар бары бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбин.
Бэлиэтээн этиэм этэ, Бэрдьигэстээх орто оскуолата робототехника, 3D моделирование, историяны үөрэтии, археология хайысхаларын ылсан таһаарыылаахтык үлэлиир, оҕолору дьаныардаахтык дьарыктыыр. Саха сиригэр биир бастыҥ оскуола диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу барыта учуутал үтүө үлэтэ буолар. Энтузиаст, көтөҕүллэн үлэлиир учууталлардаах оскуола улаханы ситиһэр, оҕолору сайыннарар.
Маргарита Гаврильевна Константинова, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ:
— “Агро НТИ” резиденнэрэ буолбуппутуттан олуһун диэн үөрдүбүт. Бу маннык ситим олохтоммута биһиэхэ сайдыыны аҕалыа дии саныыбыт. Оскуолалар бэйэ-бэйэбитин кытта үөрүйэхпитин атастаһыахпыт, кэпсэтиэхпит.
Оскуолабыт кэлэктиибэ эдэр, өрө көтөҕүллэн үлэлиир учууталлартан турар. Үөрэнээчилэрбит тэтимнээх, сайдыылаах олоххо бэлэм дьон улааталларыгар бары кыһаллабыт. Робототехника оскуолата үлэлээбитэ 5 сыла буолла, маны таһынан оскуолабытыгар Точка роста икки хоһо үлэлиир. Төһө даҕаны оскуолабыт дьиэтэ эргэ буолбутун иһин, айарга-тутарга аналлаах хостору оҥоро сатыыбыт.
Агроробот, агрокоптер хайысхатынан оҕолор нэһилиэнньэҕэ туһалаах роботтары оҥоро үөрэнэллэр. Тыа дьонун олоҕун чэпчэтэргэ аналлаах тэриллэри таҥарга үөрэтэбит. Холобура, хортуоска олордор роботторы оҥорор былааннаахпыт, үөһээ көтө сылдьан ходуһалары, сүөһүнү-сылгыны көрөргө-маныырга аналлаах коптердары оҥоруохтара.
Бу маннык аныгы технологиянан оҕону дьарыктыырга биир учуутал эрэ үлэлээбэт. Оҕолор таҥан таһаарар роботтара, коптердара бары өттүнэн табыгастаах буоларын гына, информатика, физика, география, биология учууталлара бары үлэлэһэллэр.
2022 сылга 550 миэстэлээх саҥа оскуолабыт дьиэтин арыллыытын күүтэбит. Саҥа таас дьиэбит аныгы технологиянан хааччыллыылаах, үөрэнээччилэрбит сайдалларын туһугар өссө элбэх кыахтаах буолуохпут диэн эрэнэбит.
Тыа сирин оскуолаларын үлэтин, оҕолор айар-тутар дьоҕурдарын өйүүр, кыах биэрэр, көмөлөһөр Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университекка махталбытын тиэрдэбит.
Айыына Трофимова