Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолата Дьокуускайдааҕы Арктическай государственнай агротехнологическай университеты кытта дуогабардаһан, “Мин бастакы идэм” диэн бырайыагынан бииргэ үлэлээн саҕалаатылар. Анал бырагырааманан үлэлиир дистанционнай оскуола тэтимнээхтик сайдар. Манна оскуола оҕолоро кэтэхтэн үс ый устата үөрэнэн, ыам ыйыгар “Кондитер”, “Повар”, “Визажист” сибидиэтэлистибэлэрин илиилэригэр тутуохтара.
Оҕолор сааскы сынньалаҥнарын кэмигэр миэстэтигэр АГАТУ уопсайыгар олорон, үөрэх быраактыкатын бардылар. Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Руслан Семенов:
– Ааспыт үөрэх дьылыгар биһиги оскуолабыт орто үөрэх тэрилтэлэрин кытта профориентационнай үлэни ыыппыппыт. Манна Арктическатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет иһинэн оскуола оҕолоругар анаан “Мин бастакы идэм” бырайыагы билиһиннэрбиттэрэ. Оҕо оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кэмигэр эбии үөрэххэ үөрэнэригэр усулуобуйа тэриллэрин, 6-7 көрүҥ араас оробуочай идэҕэ үөрэнэн бастакы идэтин баһылыыр кыахтааҕын сэргии истибиппит. “Кондитер”, “Повар”, “Визажист” курдук идэни ылбыт оҕо устудьуоннуу бардаҕына, дьонуттан тутулуга суох эбии дохуот киллэриниэн, бэйэтин-бэйэтэ ииттэр кыахтаныа диэн, бу бырайыакка хайаан даҕаны киирсэргэ сорук туруоруммуппут. Дистанционнай оскуолаҕа, уопсайа, 19 оҕо үөрэнэр. Манна улуус дьаһалтата, Горнай улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Сардаана Стручкова, Горнай уонна Үөһээ Бүлүү уокуругун депутата Гаврил Алексеев, үөрэх улуустааҕы управлениетын начаалынньыга Варвара Сметанина, ыччат салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Сардаана Туралысова, оскуолабыт дириэктэрэ Маргарита Константинова уонна төрөппүттэрбит бу бырайыагы өйөөн, оҕолор үөрэнэллэригэр тирэх буоллулар.
Үөрэхпит кулун тутар ыйтан саҕаламмыта, уопсайа үс ый үөрэнэллэр. Бэриллэр сорудахтары кэтэхтэн толороллор. Видеоуруоктар ыытыллаллар, ол түмүгүнэн тест толороллор. Визажиска үөрэммиттэр практикаларын кыраһыабай буолуу салоннарыгар бараллар. Үөрэхтэрин бүтэрэн анал сибидиэтэлистибэни ылбыт оҕолор сайын Манчаары оонньууларыгар общепиттарга үлэлиэхтэрэ.
Камилла Попова, X кылаас үөрэнээччитэ:
– Ийэм торт астыыр буолан, «миэхэ чугас» диэн санааттан кондитер үөрэҕин талбытым. Үс күн устата үөрэнэммин бэйэбэр саҥаны арыйдым. Уопсайа 13 буолан үөрэннибит. Сунтаартан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан бааллар. Практическай сорудахха ас рецебын биэрэллэр, онон көрөн астаабыппыт. Учууталбыт Степан Кириллин бурдук ас хас да көрүҥүн астыырга үөрэттэ. Кыыс буоларым быһыытынан инникитин бэйэбэр наадалаах буолуо диэн эрэнэбин.
Максим Селясинов, X кылаас үөрэнээччитэ:
– Повар үөрэҕэр 17 буолан практикабытын бардыбыт. Хамаанданан арахсан тус-туһунан үлэлээтибит. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ аһы эбэм уонна ийэм астыыр. Бэйэм хаһан даҕаны ас астаабатах буолан бастаан ыарахан курдук этэ эрээри, олус интэриэһинэй эбит. Үөрэхпит кэмигэр уопсайга олорон аҕыйах күн да буоллар, устудьуон олоҕун биллибит.
Иван Павлов, X кылаас үөрэнээччитэ:
– Мин повар идэтин талбытым. Кэтэхтэн сорудахтары толорон, үөрэх практикатын АГАТУ-га барбыппыт олус интэриэһинэй. Бастакы күммүтүттэн саҕалаан астаан барбыппыт. Бастаан астыыр боростуой буолуо дии санаабытым оннук буолбатах эбит. Барыта грамынан суоттанар, туспа быраабылалаах. Бэриллибит сорудахтарынан балыктан астаатыбыт. Онно туспа соус оҥордубут. Иккис күммүтүгэр эттэн рулет, үһүс күнүгэр бурдук ас көрүҥнэрин ону таһынан, аһы остуолга хайдах кыраһыабайдык уурарга үөрэннибит. Устудьуоннуур кэммэр бастакы идэм наада буолуо дии саныыбын. Бэйэм астыырым астык буоллаҕа. Уонна инникитин рестораннарга, общепиттарга даҕаны эбии дохуот быһыытынан үлэлиэххэ сөп буолуо дии саныыбын.
Нелли Андреева, X кылаас үөрэнээччитэ:
– Биһиги быраактыкабытын визажист Аника Егорова “Oasis_beauty_lab” салонугар барбыппыт. Инникитин косметолог идэтигэр үөрэнэн, бэйэм салон арыйан үлэлэтиэхпин баҕарабын.
Баҕа санаам туоларыгар дистанционнай оскуолабар умсугуйан туран үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрэн сибидиэтэлистибэ ыллахпына тута үлэлиир былааннаахпын.
Диана Тимофеева, X кылаас үөрэнээччитэ:
– Мин инникитин косметолог буолуохпун баҕарабын. Ол иһин инники идэбин кытта “Визажист-косметик” үөрэҕин сибээстиир буоламмын бу хайысханы талбытым. Киһи тириитин тутулун үөрэтииттэн саҕалаан хайдах күннээҕи уонна дьоро күннэргэ оҥостор макияжка үөрэннибит. Дистанционнай оскуола үөрэнээччилэрэ үөрэхтэрин түмүктээри, бүтэһик сорудахтарын толороллор. Ыам ыйыгар эксээмэннэрин туттаран, хайыы-үйэ идэлээх буолан, ону туоһулуур сибидиэтэлистибэ ылан ханна баҕарар үлэлиир кыахтаныахтара.
Ааптар: Аэлита Андреева
ulus.media