80 сыл анараа өттүгэр Сталинграттааҕы кыргыһыы кыайыынан түмүктэммитэ. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан биһиги бэтэрээннэрбит уонна олохтоох «Күөрэгэй» КЭК үлэһиттэрэ анал киэһэни тэрийдилэр.
Сэрии кэмин көрдөрөр, кэпсиир презентациянан саҕаламмыт киэһэҕэ сахалыы, нууччалыы хоһооннор ааҕылыннылар, ырыа да ылланна. Аҕа саастаах дьоммут байыаннай таҥас таҥнан, толорор нүөмэрдэрин уобараһыгар киирэн олус итэҕэтиилээхтик толордулар.
Бу күнү билиилэрин тургутар ыйытыктардаах оонньууга оҕолор бэрт көхтөөхтүк кыттаннар минньигэс бириистэри ыллылар. Салгыы саха тылын учуутала Нь.С. Кривошапкина тэрийиитинэн, эдэр учууталлар У.Г. Соловьева, А.А. Васильева көмөлөрүнэн квест оонньуу буолла. Манна 9-11 кылаастар үс хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр. Түһүмэхтэр Сталинград кыргыһыытыгар аналлаах этилэр.
Түмүккэ күрэхтэһээччилэр да, көрөөччүлэр да элбэҕи билэн – көрөн, кыттан астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Онон наһаа туһалаах киэһэ ааста диэн сыаналыыбыт.
И.Ноговицына
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.