Ытыктыыр, күндүтүк саныыр аҕа табаарыстарбытыттан биирдэстэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөх салайааччыта Агния Спиридоновна Жиркова буолар. Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа орто оскуолатын «Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөҕү өр кэмнэргэ таһаарыылаахтык салайбыта. Ол кэмин истиҥ-иһирэх тылынан санаан ааһар ахтыытын ааҕыҥ.
«Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөх
Табаҕа оскуолатыгар бастакы «Дьүкээбил уоттара» эдкорпоһу мин аҕам, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Спиридон Васильевич Шишигин, тэрийбитэ. Салгыы эдкорпоһу биһиги убаастыыр учууталларбыт Тимофей Саввич Попов, Тамара Николаевна Маркова үлэлэппиттэрэ. Кинилэри холобур оҥостон, аны мин айар үлэ алыптаах эйгэтигэр оҕолору угуйааччы буолбутум.
Оҕо тэрилтэтин иһинэн баҕалаахтары сүүмэрдээн, пресс-бөлөҕү тэрийэн, сонно тута «Кэскил» хаһыат редакторын солбуйааччы В.Н. Угарованы, сурук отделын сэбиэдиссэйин Т.И. Алексееваны кытта сибээстэһэн, 1993 с. 23 №-нэн «Бэргэн» ОПРА (Оҕо прессатын республикатааҕы агентствота) иһинэн «Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөх диэн регистрацияламмыппыт.
Сыалбыт-сорукпут: үлэни-хамнаһы хаһыакка сырдатыы, хаһыат ыытар куонкурустарыгар көхтөөхтүк кыттыы, хаһыат матырыйаалларын бэйэ билиитин кэҥэтиигэ туһаныы. «Кэскил», «Юность Севера” хаһыаттарга сурутууну тэҥинэн тэрийэн, сурутуу куонкуруһугар 5 төгүл кыттан, үс төгүл бириистээх миэстэҕэ тиксибиппит. 1998 сыллаах лотереяҕа 26 оҕо «Кэскил» хаһыат анал бириистэрин ылбыта.
Икки сыл устата кэтэхтэн ыытыллыбыт «Нарыйа» кыргыттар куонкурустарыгар пресс-бөлөхтөн Лена Соловьева ситиһиилээхтик кыттан, «Кэрэчээнэ Куо» аатын ылбыта. Юнкор Дуня Бурнашева куонкурустарга көхтөөхтүк кыттан, «Океан» Владивосток куораттааҕы оҕо киинигэр икки төгүл сынньанар чиэскэ тиксибитэ. «Бэлэм буолтан – Кэскилгэ» диэн куонкуруска пресс-бөлөх ситиһиилээхтик кыттан, Сережа Макаров «Михаил Светлов» теплоходунан Өлүөнэ өрүс устун үбүлүөйдээх устууга сылдьыбыта.
Өссө биир саамай үрдүк наҕараадабыт: Улуу Кыайыы 50 сылыгар «Сэрии дуораана» «Кэскил» хаһыат редакцията таһаартарбыт кинигэтигэр 3 юнкорум айымньылара тахсыбыта: Феня Петрова, «Итии чэйдээх минньигэс алаадьылаах эбэм эмээхсин» (190 стр.), Сережа Макаров «Кыракый остуол кистэлэҥэ» (243 стр.), кыыһым Туяра Жиркова «Сырдык мөссүөнэ көстөргө дылы» (76 стр.), эһэтин, гвардия рядовойа С.В. Шишигин сырдык кэриэһигэр суруйбут айымньыта сиэн оҕо эһэтин үйэтитиитэ буолбута.
«Хаһыакка сурутуу диэн олус кэскиллээх уонна эппиэтинэстээх дьыала буолар. Билигин биһиги олохпутугар хаһыакка суруйуохха сөптөөх солун, биллэн туран, элбэх онуоха бэйэ баҕарыыта, дьулуһуута эрэ наада», – диэн бэйэтин эдэр кэрэспэдьиэннэригэр, оскуола оҕолоругар, ону тэҥэ биһиэхэ кэпсиирэ-ипсиирэ аҕабыт Спиридон Васильевич. Ол курдук, пресс-бөлөхпүтүнэн оскуолабыт олоҕун хаһыаттарга сырдата сатыырбыт. Үөрэх саҕаланыытыгар былаан оҥостон, дьүүллэһэн, онон сирдэтэн үлэлиирбит, тахсыбыт ыстатыйалары дьүүллэһэрбит, «Кэскил» хаһыат сорудахтарын хайдах толорору сүбэлэһэрбит, ким эмэ ыстатыйата таҕыстаҕына, хаһыат куонкуруһугар миэстэлэстэҕинэ, оҕолуу истиҥник үөрэрбит. Аҕа табаарыстарбыт Варвара Николаевнаны, Таисия Ивановнаны кытта ыкса сибээһи тутуһан, үлэбит тахсыылаахтык барбытын куруутун астына, махтана саныыбын.
Эдкор оҕолорум: “Оҕо сааспытыттан саныыр санаабытын хомоҕойдук сааһылаан, суруйууга элбэхтик эриллэн, төрөөбүт төрүт тыл тылбытын чугастык билиэхпитин баҕарар баҕабыт күүһүрүүтэ — бары суруналыыс да буолан тахсыбатарбыт, үгүспүтүгэр инники идэбитин таларбытыгар элбэҕи көмөлөспүтэ, олук уурбута”, — диэн ахтан-санаан ааһаллар. Лена Соловьева суруналыыс идэтин баһылаата, Феня Петрова саха тылын учуутала, Аня Егорова төрүт культура үөрэхтээҕэ буоллулар.
«Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөх 5 сылыгар аналлаах үөрүүлээх күммүтүгэр «Кэскил» хаһыат редакциятын үлэһиттэрэ В.Н.Угарова, Т.И.Алексеева, А.В.Назаров, Л.А.Устинова ыалдьыттаан, дьоро киэһэбитин өссө дириҥ суолталаабыттара. Тапталлаах «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарбытыгар балаһанан матырыйааллар, тахсыбыттара – билигин кэрэ өйдөбүл! («Талыы – талба Табаҕам» кулун тутар 3 к., 1998 с. «Встреча с детством» № 16, 28.02.98 г. «На радость всем» № 12, 17.02. Л. Устинова ыстатыйалара бэчээттэнэн тахсыбыттара). Үөрүүбүт икки бүк үрдээбитэ.
Ааҕыыга таптал, айар үлэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Дьиэ кэргэним туһунан этэн ааһар буоллахха, аҕабыт Анатолий Иванович Жирков оҕолорун айар дьоҕурдарын сайыннарыыга ураты болҕомтотун уурбута. Кыыспыт Туяра, уолбут Илья «Кэскил» хаһыакка тахсар үгүс куонкурустарга өрүү кытталлара. Илья аҕатыныын суруйбут барыта «К» буукубуттан саҕаланар тыллардаах «Куорат кусчута» көрдөөх кэпсээннэрэ хаһыат ааҕааччыларын сэҥээриитин ылбыта. Илья «Молодая пресса» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ кыттыыны ылбыта, «Кэскил», «ЮС» хаһыаттар 65 сылларын көрсө, өрөспүүбүлүкэ 10 бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэннэрин иһигэр киирэн, Россиятааҕы «Океан» лааҕырга барар путевканан наҕараадаламмыта.
Мин аҕам дьыалатын салҕаан, «Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөҕү салайбытым. Суруйууларым улуустааҕы «Эркээйи», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил», «Учуутал аргыһа» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Билигин Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар «Этигэн хомус» СӨ народнай кэллэктиибин салайан үлэлэтэбин, үбүлүөйдээх 20 сылбытын бэлиэтиэхтээхпит.
«Кэскил» хаһыат редакциятын кылаабынай редакторынан үлэлээбит ытыктабыллаах Нина Иннокентьевна Протопоповаҕа (хас биирдии киһини олус да истиҥник көрсөрүн санаабар бу баардыы көрөбүн), алтыспыт доҕотторбор — Варвара Николаевна Угароваҕа, Евдокия Семеновна Иринцееваҕа, Таисия Ивановна Алексееваҕа, фотограф Пак Василий Николаевичка, махтанабын.
Тапталлаах «Кэскил» хаһыатым куруутун кэрэ кэпсээн кэһиилээх буоллун, эһиги тула оҕо-аймах, дьон-сэргэ тоҕуорустун!
Агния Жиркова, «Табаҕа кэскилэ» пресс-бөлөх салайааччыта, пионер баһаатай.
Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас.