«Кэскил» («Бэлэм буол») 85 сылынан редакцияҕа араас сылларга үлэлээбит дьон истиҥ-иһирэх тыллардаах ахтыыларын ыыта тураллар. Бүгүн Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, АО «Полиметалл УК» Саха сиринээҕи салаатын общественноһы кытта сибээскэ дириэктэри солбуйааччы Петр Сергеевич Васильев ахтыытын бэчээттиибит.
Мин 1 кылааска киириибэр аҕам «Бэлэм буолга» сурутууну бэлэхтээбитэ, онтон ыла хаhыат оскуолатааҕы сылларым тухары олоҕум арахсыбат аргыhынан, оҕо сааhым биир бэлиэ кэрдиис бэлиэтинэн буолбута. Бастакы дьүһүйүүбүн «Бэлэм буолга» 4 кылааска үөрэнэ киирэн баран бэчээттэппитим. Оскуолабытыгар «Сыккыс» диэн литературнай куруhуок уонна «Тумул уоттара» диэн юнкоровскай пост үлэлииллэрэ. Учууталларбыт Татьяна Петровна Находкина уонна Акулина Степановна Сокольникова кэпсээн, хоhоон айарга, ыстатыйалары суруйарга умсугутуулаахтык үөрэппиттэрэ. Биhиги холонууларбыт «Бэлэм буол» уонна оройуоннааҕы «Ленинскэй тэрийээччи» хаhыаттар балаhаларыгар тиhигин быспакка тахсар этилэр. Редакция ыытар араас куонкурустарыгар, акцияларыгар кыттан бастыыр, миэстэлэhэр буоларбыт.
Оскуоланы бүтэрэн баран, МГУ суруналыыстыкаҕа факультетыгар үөрэнэ барарбар «Бэлэм буол» рекомендация биэрбитэ. 1990 сыллаахха 3 куурус кэнниттэн кэтэхтэн үөрэххэ көhөн, «Бэлэм буол» редакциятыгар үлэҕэ киирбитим. Бастакы салайааччыбынан хаhыат кылаабынай редактора Нина Иннокентьевна Протопопова буолбута.
Бастакы сорудахпынан куораттан чугас сытар дэриэбинэҕэ сайыҥҥы каникулларын кэмигэр оҕуруот аhын үүннэриитигэр сылдьар оскуола оҕолорун үлэлэрин, сынньалаҥнарын туhунан репортаж буолбута. Оччолорго диктофон, мобильнай төлөпүөн эҥин суох буолан, тэтэрээт, уруучука туппутунан сылдьарбыт. Матырыйаалым тахсыбытын кэннэ планеркаҕа хайҕанаммын санаам олус көтөҕүллүбүтэ.
Ол кэмҥэ хаhыат үрдүк бэчээтинэн (высокая печать) тахсара, Гагарин аатынан типографияҕа (билигин – Национальнай уус-уран мусуой дьиэтэ) элбэхтэ дьуhуурунайдаабыппыт. Линотип, метранпаж, клише диэн тыллары билиҥҥи суруналыыстар билбэт да буолуохтара, оттон оччолорго биhиги ыстатыйаларбытын бастаан илиинэн суруйан бооччойон баран, машинисткабытыгар Клара Гаврильевнаҕа биэрэн, анал уhун синньигэс кумааҕыга бэчээттэтэн ыларбыт. Ол кумааҕыбыт үөhээ өттүгэр хаhыат аата, айымньы ааптара, хас строкалааҕа эҥин сурулларын өйдүүбүн. Итинник бэлэмнэммит ыстатыйаны эппиэттиир сэкиритээр Николай Степанович ылан, хаhыат макетын оҥороро.
«Бэлэм буолга» үлэлээбит кэмнэрбин олус истиҥник, сылаастык ахтабын. Нина Иннокентьевна редакцияҕа араас көлүөнэ дьонун алтыhыннарбыта, отделларга уопуттаах үлэhиттэри кытта саҥа саҕалаан эрэр эдэр суруналыыстар тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Кэлэктиип биир иллээх дьиэ кэргэн курдук этэ. Холобур, ким эмэ улууска командировкаҕа барар буоллаҕына, бары бүттүүн бэлэмниир, хомуйар буоларбыт. Ким эрэ билиэт сакаастыыр, ким эрэ түhэр гостиницабытын, биитэр хонор ыалбытын кытта кэпсэтэр, былаан оҥоhуллар, оскуолалар, тэрилтэлэр салалталарын сэрэтэр. Оннооҕор айаҥҥа ыhыкпытын кытта астаан аҕалар дьон бааллара.
Саха сирин норуодунай суруйааччыта, «Бэлэм буол» литература отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа редакцияны кытта сибээhин быспакка, мэлдьи алтыhарын өйдүүбүн. Сэргэлээххэ кини даачатыгар редакциянан ыалдьыттыы бара сылдьыбыппытын олус сылаастык ахтабын.
Мин үлэлиир кэммэр «Бэлэм буол» уонна «Будь готов» хаhыаттар «Кэскил» уонна «Юность Севера» диэн уларыйбыттара, пионерскай бэчээт уорганнара оскуола саастаах оҕолорго ананан тахсар буолбуттара. Уопсайынан, балысханнаах 90-ус сыллар дьалхааннара редакция үлэтигэр элбэх тосту уларыйыылары киллэрбиттэрэ. Офсет ньыматыгар көһүү, бастакы көмпүүтэрдэри баhылааhын, «Учуутал аргыhа», «Учительский вестник» хаhыаттары таhаарыы, оҕо хаhыаттарыгар саҥа сүүрээн – анал балаhалар – бу барыта оччолорго этэ. «Килээҥсэни» таhынан «Бүттүүн бүөмнээн» («Наедине со всеми»), «Нарыйа», «Северёнок» уонна да атын балаhары айан, толкуйдаан таhаарар буолбуппут. Эдэр коллегаларым Анна Данилова, Матрена Кондратьева, Елена Яковлева, Альберт Лукинов, Иван Сергин, Александр Васильев (Туутук), Сардаана Ордахова, фотокорреспондент Ирина Алексеева уонна да атыттар мустан, аныгылыы эттэххэ креативтыыр этибит. Аҕа коллегаларбыт Николай Прокопьевич, Варвара Николаевна, Екатерина Анатольевна, Наталья Никитична биhиги идеяларбытын өйөөн, такайан, байытан биэрэллэрэ. Оччолорго биhигиттэн уопуттаах Александр Васильев (Кердугэн), Мария Алексеева, Евдокия Софронеева (Иринцеева), Анатолий Павлов уонна да атыттар күн аайы сүбэлээн, бэйэлэрин холобурдарынан үлэҕэ угуйаллара. Таисия Алексееваны, Нина Дьячковскаяны, Екатерина Габышеваны кытта олус тапсан, таhаарыылаахтык үлэлээбиппит.
Мин «Кэскилгэ» үлэлии сылдьан МГУ-га бииргэ үөрэммит кыргыттарбын Кыргызстантан сылдьар Татьяна Ряскованы уонна Узбекистантан Наргис Касимованы сайыҥҥы быраактыкаларын биhиэхэ ааhалларыгар ыҥырбытым. Саха сиригэр аан бастаан кэлбит буоланнар, атын көрүүлээх-истиилээх дьон бэйэлэрин ыстатыйаларынан хаhыат ис хоhоонун байыппыттара.
Редакция иhинэн эдэр суруналыыс оскуолатын арыйан үлэлэппиппит, онно Дьокуускай оскуолаларын үөрэнээччилэрэ дьарыктаммыттара. Алла Гераськина, Лена Казанцева, Ира Тихонова, Витя Дьяконов, Андрей Толстиков, Виктор Булдаков, Олег Николаев уонна да атыттар саастыылаахтара туох санаалаахтарын, туох ыралаахтарын, тугунан үлүһүйэллэрин туhунан биhигиннээҕэр үчүгэйдик билэр буоланнар, хаhыат обургу саастаах оҕолор болҕомтолорун тардарыгар көмөлөспүттэрэ. Бу оҕолортон сорохторо суруналыыс идэтин талбыттара.
Билигин санаатахха, олус да интэриэhинэй, балысхан кэмҥэ үлэбин саҕалаабыт эбиппин. Сэбиэскэй Сойуус ыhыллыыта, Москваҕа үрүҥ дьиэни штурмалааhын, Саха Республикатын суверенитетын ылыныы, саҥа Конституция олоххо киириитэ уонна да атын биhиги дойдубут дьылҕата уларыйыытыгар сүҥкэн суолталаах событиелар тыыннаах туоhуларынан буолбуппут. Бэчээт эйгэтигэр эмиэ уларыйыы-тэлэрийии күнтэн-күн тахса турара. Үөрэхтээhиҥҥэ эмиэ саҥа сүүрээн баһаам этэ: национальнай оскуола концепцията, араас реформалар. Биhиги, эдэр суруналыыстар, үлэ кэнниттэн киэhээ хойукка диэри кабинекка олорон сэлэhэр, санаа үллэстэр этибит. Бука бары кылаабынай эрэдээктэрбит Нина Иннокентьевна мындыр өйүн, мэлдьи олох үөhүгэр сылдьарын, олох аныгылыы көрүүлээҕин, саҥаны-сонуну кимнээҕэр түргэнник ылынарын сөҕөр-махтайар этибит.
Тапталлаах хаhыатым өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн урукку, билиҥҥи үлэhиттэрин бука барыларын, ааҕааччыларын истиҥник эҕэрдэлиибин. Үрдүктэн-үрдүк ситиhиилэри, саҥа саҕахтары баҕарабын.