Саныыр санааҥ төһө саастааҕа кэпсэл буолбат диэтэллэр да, ахтыы оҥорорго, баҕар баҕарыма, сылы-хонугу ааҕарга тиийэҕин. Оттон ситэ-хото илик санааны ыл да, түбэһиэх саҥарыы — эмиэ соччо табыла суох…
Инньэ диэн туран, сүрэххэ туох ордук сөҥмүтүн быһыта-орута, одоҥ-додоҥ быктаран ааһыаҕы баҕарыллар.
Оҕо сахалыы тыллаах хаһыата 85 сыллаах олоҕун бэлиэтиир. Быһа барыллаан, үс көлүөнэ дьон дьылҕата дьэҥкэрэн ылар кэмэ кэллэ.
Хаһыат бастакы олугун уурсубут дьонтон биирдэстэрэ саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит Платон Алексеевич Ойуунускай буолар. Оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан өйү-санааны баһылыырыгар суруйааччы аймаҕы көмөлөһүннэрбит сүдү өҥөтүн бэлиэтээн этэр сөп дии саныыбын. Ол курдук, Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай, Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап хаһыакка редактордаан, оҕо сахалыы литературата үөскүүрүгэр чиҥ төрүтү уурбуттара. Итинтэн ыла оскуола үөрэнээччитэ суруйааччылары кытта биир ситимнээхтик олорон барбыта.
1941 сыллаахха кырыыстаах сэрии саҕаланан, хаһыат 18 сыл усталаах-туоратыгар сабылларга күһэллибитэ. Сыралаах элбэх туруорсуу кэнниттэн 1959 сыллаахха оҕо бэчээтин хаттаан тилиннэрии уонна сайыннарыы соруга турбута. Маныаха комсомол, партия бэйэтин чулуу дьонун көмөҕө анаабыта. Олортон үйэ аҥара устата Нина Иннокентьевна Протопопова инники кирбиигэ бэриниилээхтик турбута. Кини бэйэтин сүрэҕин сылааһын бүүс -бүтүннүү оҕо аймаҕы бэчээт эйгэтинэн иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт, сыратын-сылбатын онно биэрбит саха биир үтүөкэн киһитэ буолар.
Кини салалтатынан сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит кэммин олоҕум муҥутуур үчүгэй түгэнинэн ааҕабын.
Миигин манна оҕо бэчээтигэр кучуйбут, ону ааһан, сирдээн аҕалбыт киһим Александр Васильевич Васильев – Көрдүгэн буолар. Суруналыыс буолан, кини кыраҕы хараҕар миигин хатыы сылдьарын, оччотооҕу учуутал киһи билии кэлиэ дуо, суох буоллаҕа эбээт. Биирдэ оптуобуһунан үлэбэр айаннаан истэхпинэ, бэйэтинэн кэлэн кэпсэтэн барда. Бастакы колония киэһээҥҥи оскуолатыгар хаайыылаахтары үөрэтэрбин истээт, “хаайыыттан таҕыс, күн сарсын биһиэхэ хаһыакка кэл” диэтэ. Нөҥүө күнүгэр редакцияҕа тиийдим. Нина Иннокентьевна бэрт уһуннук иҥэн-тоҥон барыны бары ыйыталаста. Өссө мин Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, кини аймаҕар Григорий Гаврильевич Протопоповка олоро сылдьыбыппын билэн, аһары сэргээтэ. Бу умнуллубат дьикти түгэн сүрэхпэр өрүү сылаастык сылаанньыйар…
Аҕа саастаах доҕотторум Николай Степанович, Николай Прокопьевич, Варвара Николаевна, Екатерина Анатольевна, Зоя Афанасьевна, Клара Гаврильевна уо.д.а. истиҥ-иһирэх сыһыаннарын, ама, хайаан умнуомуй. Кинилэр көнө, амарах майгылара миигин элбэххэ үөрэппитин, ииппитин тус бэйэм эрэ билэн эрдэҕим. Биирдэ да киҥир-хаҥыр саҥарсыы баарын төрүт өйдөөбөппүн. Иҥэ-дьаҥа суох олус бэрт дьоһун дьон быһыытынан сыаналыыбын.
Оттон кэлиҥҥи сылларга Евдокия Семеновна Иринцеева биир сүбэнэн-аманан үлэлиир урукку үгэһи салгыы сайыннаран испитэ. Эмиэ кырыымчык кэмнэр хос эргийэн кэлбиттэригэр каадыр боппуруоһун быһаарыыга күүскэ ылсан үлэлээбитэ. Араас тэрилтэлэри кэпсэтэн, редакция үлэһиттэрин Санкт-Петербурга ыытан, эбии үөрэттэриитэ, Россия таһымыгар сахалыы тыллаах оҕо хаһыата бастыҥ аатын-суолун бигэргэтиитэ (анал бириэмийэни ылыы), оҕо бэчээтин кытта үлэни Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс устудьуоннарыгар, тыа сирин биэнсийэлээхтэригэр тэрийиитэ, о.д.а бүппэт түбүгэ үгүс этэ.
Хомойуох иһин, олох хаамыыта эриэ дэхси буолбатах. Түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэр өрүү бааллар.
Ити эрээри, хас эмэ көлүөнэ дьон 85 сыл устата бүөбэйдээн-иитиэхтээн таһаарбыт көмүс куорсуннаах күөрэгэйэ өссө да өрө күөрэйэ туруо, ону үрдүккэ үөһэ көтүппүт килбиэн ааттар өйдөбүллэрин туох да өлбөөрдүө суоҕа…
Ааптар: Анатолий Павлов-Дабыл.