«Кэскил» хаһыат 85 сылын туолар үбүлүөйдээх сылынан урут редакцияҕа үлэлээн ааспыт дьон ахтыыларын бэчээттиибит. Ааҕааччылар болҕомтолоругар «Кэскилбин» ахтабын» диэн Россия журналистарын Сойууһун чилиэнэ, «Көмүс бөрүө» хаһаайына, судаарыстыбаннай сулууспа туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера, Ил Дархан администрациятын уонна бырабыыталыстыбатын боротокуол уонна тэрийэр үлэтин управлениетын отделын салайааччы Альберт Лукинов ахтыытын бэчээттиибит.
1992 сыллаахха Саха государственнай университетын бүтэрэн, «Кэскил» оҕо хаһыатыгар үлэҕэ киирбитим. Онон кылаабынай редактор Нина Иннокентьевна Протопопова журналистикаҕа кытаанах оскуолатын ааспытым.
«Кэскилгэ» бастакы матырыйаалым бэчээттэнэн тахсарын сүрдээҕин күүппүтүм, тахсыбытыгар наһаа үөрбүтүм. Биллэн туран, кылаабынай редактор «сытыы кыптыыйа» быһыта кырыйан, ыстатыйам аҥара эрэ хаалбыта да буоллар, «син үлэлииһикпин» диэн эрэл үөскээбитэ. Кэлин, уопутуран истэҕим ахсын, «кыптыый тыаһа» аччаабыта. Арай биир түгэнтэн кыратык хомойон турардаахпын. Сыл курдук үлэлээбитим кэннэ буолуо, командировкаттан кэллим, матырыйаал бөҕө хомуйбутум. Биир ыстатыйам олус табыллан суруллубута, ол матырыйаалым төбөтүн, бэйэм саныахпар, олус үчүгэйдик таба ааттаабытым – «Сүүрбэтэ баттахтаатылар» диэн. Үөрэх туһунан буолбатах, оҕолор сынньалаҥнарын, оонньууларын туһунан этэ. Хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбытыгар ыстатыйам аата уларыйан хаалбытын көрөн, кыратык хомойбутум. Эдэрим бэрт буолан буолуо. Эппиэттиир секретарь уларыппыта дуу, редактор эбитэ дуу? Онтон планеркаҕа Нина Иннокентьевна үчүгэй баҕайытык мин сыыһаларбын барытын өйдөтөн, быһааран биэрбитэ. Эдэр үлэһит итэҕэһин, ханна сыыспытын уопуттаах журналист көрдөҕө дии, хомойбута буолан хонтооруҥнаабытым иһин…
Нина Иннокентьевна ыытар летучкаларыгар үлэбитин, ыстатыйаларбытын ырытарбыт. Саамай сөҕөрүм диэн Нина Иннокентьевна хас биирдии үлэһититтэн ханна командировкаҕа барыан баҕарарын хайаан да ыйытара уонна ону эбэһээт учуоттаан, ол улууска ыытара. Мин саныыбын ээ, үлэһиппин атаахтаппакка-хайаабакка, «Иванов онно бараҕын, Петров онно» диэм этэ.
«Кэскилгэ» наһаа иллээх, эйэ-дэмнээх коллектив үлэлиирэ, бырааһынньыктарга биир дьиэ кэргэн курдук мустаммыт ыллыырбыт-туойарбыт, кэпсэтэрбит-ипсэтэрбит. Нина Иннокентьевна, Екатерина Анатольевна, Варвара Николаевна, Николай Степанович, Николай Прокопьевич, Анатолий Николаевич, Александр Васильевич, Наталья Никитична, Зоя Михайловна – бииргэ үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьоммуттан элбэххэ үөрэммитим, кинилэртэн ылбыт уопутум, билиим-көрүүм кэлин олох очурдарын туоруурбар көмө буолбута. Бэйэм саастыылаах эдэр коллегаларбын (Петя Васильев, Лена Яковлева, Дима Мухин, Мотя Кондратьева, Аня Данилова, Саша Дмитриев, Ваня Сергин) кытта олус тапсан, өйдөһөн, эн-мин дэһэн, наһаа үчүгэйдик үлэлээбиппит, ардыгар үлэ кэнниттэн хаалан, саахыматтыырбыт, дуобаттыырбыт, саҥардыы тэнийэн эрэр видеокамеранан кылгас, көрдөөх сюжет устарбыт, хаадьылаһарбыт. Билигин даҕаны хам-хаадьаа да буоллар билсэбит, көрсүһэбит.
Өссө биир умнубат түгэним – саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйын – Н.Е. Мординовы кытта илии тутуһан, көрсүбүтүм буолар. Ол 1993 сыллаахха этэ, Амма Аччыгыйа оччолорго ыалдьан дьиэтигэр сытара, редакция коллектива кинини субу-субу баран көрсөрө, көмөлөһөрө. Оннук көрсүһүүгэ миигин илдьэ бара сылдьыбыттарыттан билигин даҕаны киэн туттабын. Оҕо сылдьан Амма Аччыгыйын айымньыларын элбэҕи аахпытым, онон убаастыыр, сөбүлүүр суруйааччыбын көрсүбүппүттэн, маннык убаастабыллаах, сүдү киһи инники үлэбэр ситиһиилэри баҕарбытыттан мин үөрбүтүм, долгуйбутум.
Хас күһүн ахсын чугастааҕы улууска грузовой массыынан коллективпытыгар хортуоска, хаппыыста чэпчэки сыанаҕа атыылаһан кэлэрбит. Уопуттаах коллегам, Саха сиригэр биллэр значогу хомуйааччы Александр Васильевичтыын иккитэ-хаста оннук мүччүргэннээх сырыыларга сылдьыбыппыт. Билигин ону наһаа истиҥник саныыбын.
Ити курдук, «Кэскил» хаһыакка үлэлээбит сылларбын кыратык ахтан тураммын, «Бэлэм буол» — «Кэскил» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Билиҥҥи уустук кэмнэргэ өссө да күүс-күүдэх булан салгыы биһигини, оҕолору, учууталлары, бары ааҕааччылары үөрдэ туруо диэн эрэнэбин.
(