Ыам ыйын 19 күнүгэр пионерия 100 сылын көрсө бэртээхэй тэрээһин буолан ааспыта. Күммүт сайыҥҥылыы сайа көрөн, сөрүүн тыал саймааран оҕолор күрэхтэһэн, ыллаан-үҥкүүлээн, үөрэн-көтөн күннэрин атаардылар. Сүлүөт күрэхтэрин биир көрүҥүнэн эдэр кэрэспэдьиэннэр куонкурустара буолла.
Оҕолор биһиги хаһыаппытын кытта ыкса сибээстээхтэр, санааларын үллэстэр доҕор-атас оҥостоллор. Эдэр кэрэспэдьиэни иитэн таһаарыыга учуутал уонна «Кэскил» хаһыаппыт оруола улахан. Эдэр кэрэспэдьиэннэр — чахчы биһиги саамай истиҥ доҕотторбут, көмөлөһөөччүлэрбит, тирэхпит. Оҕолор дьонтон санаа ылан, чаҕылхай түгэннэри хаартыскалаан, сурукка тиһэн ватман илиискэ хаһыат гына оҥордулар. Оҕолор наһаа да үчүгэйдик уруһуйдуур, суруйар, хаартыскаҕа түһэрэр эбиттэр
«Кэскил” хаһыат, “Бэлэм буол” сурунаал кэлэктиибэ дьүүллээтэ. Ол курдук, Тулагы-Киллэр орто оскуолата — «Бастыҥ репортаж”, Хатас орто оскуолата (бастакы хамаанда) — “Бастыҥ хаартыска”, Саха канадскай оскуола — «Бастыҥ интервью” анал ааттары ыллылар.
Капитонов Максим, Саха канадскай оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ, эдэр кэрэспэдьиэн: Маннык хабааннаах тэрээһиҥҥэ бастакытын сырыттым. Аны кэлэр сылга хайаан даҕаны кыттар сыаллаахпын. «Полоса препятствий” сэҥээрдим. Хамаанданан үлэбит үчүгэй буолан, хаһыаппытын сып-сап оҥордубут. Кыһаллыбыппыт чиэстэннэ: “Бастыҥ интервью” диэн анал ааты туттубут.
Хаһыаппыт оҕо сайдарыгар күүстээх сабыдыал оҥорор. Эдэр кэрэспэдьиэннэри, оскуолалары кытта ситимнэһэн өссө да үрдүк таһымнаах тэрээһиннэри ыытарга кыһаллыахпыт!
Эльдар Садовников