Тыа сирин оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан 60-c сылларга «Бэлэм буол» хаһыаты кытта билсиспитим. Иккис кылааска үөрэнэр кэммэр, интэринээккэ олорон, хаһыакка бастакы заметкабын суруйбутум. Ыраас-чэбдик буолууга оскуола ыытар үлэтин туһунан быһыылаах этэ. Ким да өй укпатаҕа. Бэйэм санаабыттан… Ол сурукпун ыытарга кэмбиэр атыылаһар сэттэ харчым суох этэ. Ону почтаҕа үлэлиир Маргарита диэн мааны кыыстан иэс диэн көрдөөбүппүн, тук курдук биэрбитэ. Кырабыттан ыраах учаастактарынан үлэ-хамнас дьонун быыһыгар айылҕаҕа үөскээбит оҕо буоламмын буолуо олус чобуо, толкуйдуур дьоҕурбунан да кырабыттан ураты оҕо дэнэр этим. Ким тугу этэрин кэтэспэккэ бэйэм бэйэбин быһаарына сатыырым. Дьон сыһыанын, ким тугунан тыынарын чараас эйгэлээх оҕо буолан көхсүбүнэн сэрэйэ сылдьарым, кырдьыктан албыны да сонно арааран өйдүүр этим. Ол бэйэбэр эрэйдээх соҕус этэ. Оччотооҕу кытаанах бэрээдэккэ санаабын аһаҕастык этэн сэмэлэнэрим элбэх этэ. Бэйэм сааспар диэтэххэ, куруук элбэх идеялаах буолааччыбын. Ону истэр, санаа атастаһар эҥин бэрээдэк оскуолаҕа урут суох этэ. Дьонуҥ хара үлэ дьоно эйигин кытта дойҕохтоһор сололоро суоҕа. Ыраах учаастакка сүөһү үлэтигэр хараҥаттан-хараҥаҕа сылдьаахтыыллара. Мин ийэ тылбынан элбэҕи ааҕарым, онон дууһабын сымнатарым. Бэйэбэр бэйэм айар, толкуйдуур, өрө көтөр эйгэбин булунарым. Дьэ, ол суруксуттуу сылдьан, “Бэлэм буолга” бэйэм эйгэбин буллум быһыылааҕа. Миигин онно истэллэрэ, хайгыыллара, сэргииллэрэ, санаабын кынаттыыллара, сүбэлииллэрэ. Бу санаатахха, “Бэлэм буол” хаһыат биһиэхэ саха оҕолоругар, тыа сирин эйгэтигэр олус чугас тыыннаах, ийэлии истиҥ, эйэҕэс хаһыат эбит. Олус да үөрүүлээх буолара Бэргэн ойуулаах улахан кэмбиэрдээх сурук миэхэ эрэ аадырыстанан көтөн кэлэрэ! Ол күн интэринээппит барахсан кырыалаах түннүктэрэ ол үөрүүтүттэн күлүмүрдүү, хараҥа муннуктара сырдыы, тырымныы түһэллэрэ…
“Бэлэм буолу” оччотооҕу оҕо үксэ кэтэһэрэ, биири да көтүппэккэ ааҕара. Биһиги көлүөнэни төрөөбүт дойдуга, бар-дьоммутугар итии тапталлаах, доҕордоһуу, ил-эйэ тыыннаах дьон буола улаатарбытыгар дьоммутун, учууталларбытын кытта сэргэ “Бэлэм буол” хаһыат уонна редактор — саха муударай дьахтара, дириҥ ытыктабыллаах Нина Иннокентьевна Протопопова уонна кини түмпүт айар кэлэктиибэ — редакцията улахан оруоллаах этэ дии саныыбын.
Хаһыат тыла-өһө оҕо аймахха олус тиийимтиэ, ийэ-аҕа тылынан эйэҕэстик, истиҥник суруллубут, кэпсиир сонуна барыта эйиэхэ сыһыаннаах, интэриэһинэй буолара. Олус элбэх сонунтан-сонун рубрикалардааҕа. Оннооҕор Сойуус оҕолорун кытта суруйсуу, доҕордоһуу баарын өйдүүбүн. Казахстаҥҥа, Киевка суруйсар оҕолордоох этим.
Миэхэ хаһыат үбүлүөйүгэр Нина Иннокентьевна бэйэтин илиититтэн ылбыт “За верность в дружбе “диэн бэлиэм саамай күндү бэлэҕим. Олус харыстаан, таптаан бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын.
Нина Иннокентьевна, Мария Дьячковская, Варвара Угарова, Анастасия Сыромятникова, Амма Аччыгыйа-Николай Мординов диэн ытык ааттары оҕо эрдэхпиттэн дьиэм дьонун курдук олус күндүтүк, чугастык ылынабын, ахтабын. Кинилэр мин олоҕум улахан учууталлара буолаллар. Кэлин суруналыыс, редактор, “Полиграфиздат” салалтатын үлэһитэ буола сылдьан Нина Иннокентьевналыын олус истиҥник алтыһар, сүбэлэһэр этим. Кинини бэчээт бары эйгэтин үлэһиттэрин Ытык Ийэлэрэ этэ.
Судаарыстыба кылаабынай баайа — Киһи. Киһи билиититтэн, иитиллиититтэн, сиэриттэн-майгытыттан, доруобуйатыттан олоххо барыта тутулуктаах.
Ону дириҥник өйдөөн урукку бириэмэҕэ бары общественнай институттар оҕо, ыччат иитиитигэр үрдүк эппиэтинэстээхтэр этэ.
Оскуола, дьиэ-кэргэн, араас таһымнаах иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр, айар сойуустар, общество барыта биир түмсүүнэн оҕону иитиинэн дьарыктаналлара. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, байытыһан оҕону бары өттүнэн сайдыылаах киһи гынан олоххо бэлэмнииллэрэ. Онно оҕону үлэнэн иитии бастакы миэстэҕэ турара. Мин санаабар, саамай сөптөөх эбит. Билигин үйэбит сайдыбыт аатыран оҕо иитиитэ дьиэ кэргэҥҥэ эрэ сэлээннэннэ. Оннооҕор, оскуола оҕоҕо аны уруок эрэ биэрэр аналлаах үһү. Ырытан көрдөххө, син сөптөөх курдук эрээри, сорох сирдэргэ оҕо иитиэх таһымнаах ыал одоҥ-додоҥ баар курдук. Төрөппүт эппиэтинэһэ намыһах. Ордук тыа сиригэр үлэ суох кыһалҕата, үп суох, эбэтэр соло суох, кредит хабалата, арыгы да алдьархайа аҕыйаабат… Аҥардас ийэ ахсаана элбии турар. Дьиэ кэргэн институтун оруола күннэтэ түһэ турар. Маассабай информация көмөтүнэн тула куһаҕаны, сидьиҥи пропагандалааһын, көҥүл диэни тутах өйдөөн оҕону олус бэлэмҥэ тараҥнатыы, үүнэ-тэһиинэ суох ыытыы хаһан да үчүгэйгэ тиэрдибэтэ чуолкай. Оҕо иитиитигэр маннык чычаас сыһыан түмүктэрэ күннээҕи олохпутугар, уһунугар судаарыстыба да тутулугар кутталланна.
Бу балаһыанньаттан мин атын дьон курдук эмиэ дьиксинэбин… Ыарыыны, араас куһаҕаны тарҕатыы, сэриини күөртээһин, барыта биир урусхаллыыр, алдьатар силистээхтэр, мутуктаахтар. Онно биһиги саҥата суох сөбүлэһэ, туораттан «уой», «аай» диэччи эрэ буола сылдьабыт. Ыччаппыт туһугар турууласпаппыт. Төрөөбүт тылбыт симэлийэр да суолга киирбитин билэ-билэ, өр кэмҥэ таах куолулуу эрэ сылдьабыт, туох да күттүөннээх дьаһал ылыллыбат. Омук быһыытынан уратыбытын олохсутан, айар тыыммытын уһугуннаран кэлэн испит хаарыаннаах “Национальнай концепциябыт” эмиэ симэлийэ быһыытыйда. Народнай педагогика курдук иитии силиһин-мутугун туһунан аны дэҥҥэ мунньахтарга таах куолу эрэ курдук эрэ истэҕин. Ханна эмит олоххо киириитэ көстүбэт, биллибэт эбэтэр кэпсэммэт. Үөрэх-иитии тэрилтэлэрэ урукку курдук тыын суолталаах тэрилтэлэр курдук көрүллүбэт буоллулар… Үөрэх министерствота баара-суоҕа биллибэт, үөһэттэн ыйыы эрэ күүтэр курдук үлэлээх.
Вера Спиридоновна СОЛДАТОВА,
СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы, суруналыыс.
Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү, Өргүөт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
______________________________________________________
Иитиигэ оччотооҕу сыаннастар туохха олоҕураллар этэй?
Биһиги көлүөнэни үлүскэннээх үлэ дьоно ииппиттэрэ. Ким үлэлиир, ол аһыыр диэн принцибинэн. Үлэһит, чиэһинэй буолуу бастакы миэстэҕэ турара.
Коллективнай өй-санаа урут хайдах этэй?
Биһиэхэ тыа сиригэр коллективнай өйбүт-санаабыт холкуос , сопхуос үлэтин кытта сибээстээҕэ. Сүөһү кыстыга, сайылыга, от-мас бэлэмнээһинэ, оҕуруот үлэтэ. Араас субуотунньук, сайылык. Оскуолабыт чиэһин араас фестивалларга, спортивнай күрэхтэһиилэргэ көмүскээһин. Нэһилиэкпит, оскуолабыт ситиһиитэ биһиги кыттыгас ситиһиибит буолара.
Көлүөнэ?
Билигин кырдьык үйэбит, олохпут тутула, сыаннастар тосту уларыйдылар. Интернет ситимэ эмискэ барыбытын аан дойду дьэбир таһымыгар ылан бырахта… Экономика киһиттэн ураты хаачыстыбалары, билиини, сатабылы ирдээтэ. Онно тулуктаһарга дириҥ, киэҥ хаачыстыбалаах билии-көрүү — интеллект наада буолла. Киһи айар ис туругун, сатабылын, өркөн өйүн сайыннарыы бастакы миэстэҕэ таҕыста. Өй, талаан, сатабыл, тэрээһин, обществоҕа бэйэ миэстэтин булунар кыах, эти-хааны сайыннарыы, киһини сиэргэ-майгыга, кытаанах буоларга иитии — кылаабынай буолла. Аныгы ыччаты үөрэхтээһин, олоххо бэлэмнээһин, атын таһымы, улахан болҕомтону эрэйдэ. Үгүс төрөппүт, общество онтон хаалан иһэр. Үөрэтии да программата бытааннык уларыйар. Салайыы систиэмэтэ көнтөрүк. Иитии ханнык таһымҥа сылдьарын бэйэҕит билэҕит. Аан дойду таһымыттан араас ситимнэртэн кирин-хоҕун, сидьиҥин иҥэринииттэн да дьүдэйии чахчыларын ким да мэлдьэспэт бириэмэтэ.
Бу кэмнэргэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ мунньуммут сыаннастарбытын, сахалар омук быһыытынан сайдан үтүө үгэстэрбитин сөргүтэн үүнэр көлүөнэбитин бу тумаҥҥа муннарбат курдук үлэ күүскэ барыахтаах! Бу үлэни сүрүннээччилэри судаарыстыба, общество күүскэ өйүөхтээх.
Балаһаны бэлэмнээтэ Татьяна Жиркова, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, суруналыыс.