1985 сыл дойду үрдүнэн элбэх бэлиэ күннэрдээҕэ – Улуу Кыайыы 40 сыла, «Пионерская правда» хаһыат уонна «Артек» лааҕыр төрүттэммиттэрэ 60 сыла. Ити бэлиэ күннэринэн ситимнэнэн, оскуолаларынан элбэх ахтыылар хомуллубуттара, үгүс мэҥэ таастар историялара үөрэтиллибитэ, сэрии кыайыылаахтарын чиэстээһиҥҥэ тэрээһин үлэлэр ыытыллыбыттара. Бу бытархай, үгүс сүүрүүлээх, киһи хараҕар быраҕыллыбат эрээри, олус элбэх уустук түбүктэрдээх үлэлэр Саха сирин оскуолаларыгар сүктэриллибиттэрэ. Дьиэлэринэн сылдьан, аарыма кырдьаҕастартан ахтыыларын, тус санааларын быһый атахтаах, сытыы бөрүөлээх эдэр кэрэспэдьиэннэр хомуйан-тиһэн суруйталаабыттара. Үлэ түмүктэрдээх буолбута.
Ол курдук, «Бэлэм буол» хаһыат оройуоннарынан аттаран, эдэр кэрэспэдьиэннэр суруктарын, тэттик кэпсээннэрин бэчээттээн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэҥ эйгэтигэр, ааҕааччыларын болҕомтотугар таһаартаабыта. Ол кэннэ бастыҥ үлэлээх 20 оскуола эдэр кэрэспэдьиэннэрин талан, Бүтүн сойуустааҕы пионерскай оҕо сынньанар «Артек» лааҕырыгар путёвкаларынан наҕараадалаабыттара. Онно киирбиттэрэ: Үөһээ Бүлүү Хоротуттан Люба Васильева, Кэбээйи Сангаарыттан Вася Пахомов, Уус Алдан Лөгөйүттэн Тина Герасимова, Сунтаар Бордоҥуттан Дима Фёдоров, Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан Валя Фёдорова, Амматтан Толя Ноев, Таатта Чөркөөҕүттэн Наташа Захарова, Дьокуускайтан Юра Попов, Уус Алдан Найахытыттан Тина Винокурова, Ньурба Маалыкайыттан Аня Аммосова, Үөһээ Бүлүү Мэйигиттэн Марина Яковлева, Чурапчы Дириҥиттэн Саргы Петрова, Уус Майа Күбүттэн Люба Апросимова, Кэбээйи Куокуйуттан Марина Иванова, Хаҥалас Хачыкаатыттан Саргы Герасимова, Горнай Маҥыраһыттан Мотя Платонова, Орто Халыма Өлөөкө Күөлүттэн Маша Сазонова, Орто Халыма Сылгы Ыытарыттан Ваня Кондаков, Таатта Ытык Күөлүттэн Мотя Никифорова. Салгыы 5-с «Артек» лааҕыр сменатыгар, от ыйыгар, бастыҥ үөрэнээччилэр, эдкордар, спортсменнар Муоматтан Тоня Старостина, Хаҥаластан Рита Даташвили, Горнайтан Анюта Андреева «Морской» дружинаҕа «Политическай иһитиннэрии» күрэххэ көхтөөх кыттыыны ылбыттара.
Ыам ыйын 14 күнүттэн саҕалаан бэс ыйын 24 күнүгэр диэри – 40 хонук устата биһиги Крымҥа Хара муора кытылыгар олохтоммут «Артек», оҕо саас судаарыстыбатыгар тиийэн сынньаммыппыт, сойуус үгүс өрөспүүбүлүкэтин оҕолорун кытта ыкса билсэн, алтыһан, доҕордоһон, бииргэ сылдьыбыппыт. Оччотооҕу тыа сирин оҕолоро, үгүспүт аан бастаан дьиэбититтэн арахсан, соҕуруу тиийдэхпит. «Артек» биһигини туохха үөрэттэ? – диэн ыйытыыга, билигин биһиги тэҥҥэ: «Араас омук дьонун, үгүс норуоттар үгэстэрин ытыктаан туран, барыны тэҥник ылынарга, биир сомоҕо буоларга үөрэппитэ», – диибит. Хайа да сиргэ тиий, ханнык да хайысханы тутус, киһи син-биир араас тургутуулары ааһар буоллаҕа. Крымҥа тиийэн климат уларыйыытыгар ыалдьыбыт да баара, саҥа кэлэктиипкэ киириигэ бэйэҕин хайдах бастаан көрдөрөргүнэн, дойдубутун, дьоммутун ахтан ытаһыы да куоппатаҕа – итини барытын аттыбытыгар истиҥ доҕотторбут өйдөөн-өйөөн, илиилэрин утары уунан көмөлөһөн, кыайан сырыттахпыт. Тиийбит оҕолортон аҥаара «Янтарнай» дружинаҕа юнкоровскай сменаҕа киирбиттэрэ, араас журналисткай ньымаларга үөрэммиттэрэ, суруйуу, айар үлэ эйгэтин кистэлэҥнэригэр киирбиттэрэ. Аҥаарбыт «Морской» дружинаҕа түбэһэн сынньаммыппыт. Мин 7-с этэрээккэ тиийэн, хаһыат редакторынан, художнигынан ананан сылдьыбытым. Саха сириттэн тиийбит оҕолор бары да элбэх дьоҕурдаах буоламмыт, элбэх кэрэхсэбили тардарбыт. Ордук уруһуйдуурбутун, хомустуурбутун сөбүлүүллэрэ, эккирэтэ сылдьан, хомуска үөрэнэ сатыыллара. Тус тыллаахпыт, бэйэ омуга таҥастаахпыт, музыкальнай инструменнаахпыт, элбэх саҥата суох эрээри, дьону бэйэбит тула тардарбыт – биһигини тутум үрдэтэр курдуга.
«Бэлэм буол» хаһыат редакцията, ытыктыыр редакторбыт Нина Иннокентьевна Протопопова, кынаттааан көтүппүт эдэр кэрэспэдьиэннэрин дьылҕаларын куруук кэтээн көрөрө, ыйыталаһара, билсэрэ. Ол курдук, Люба Васильева оскуоланы бүтэриэр диэри туппут суруйар бөрүөтүн ыһыктыбатаҕа, куруук «Бэлэм буол», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга суруйара. Үгүстэрбит оскуоланы бүтэрээт, СГУ филологическай факультетыгар туттарсан, биир кэмҥэ устудьуоннаабыппыт, ыкса билсэбит. Субу күнҥэ үгүспүт учуутал, филолог, юрист идэтин талан, бэриниилээхтик үлэлии сылдьабыт. Араас эйгэҕэ дьоннуун алтыһарбыт быыһыгар хам-тум да буоллар, бөрүөбүтүн ылан суруйабыт, ыыппыт тэрээһиннэрбитин улуустааҕы хаһыаттарбытыгар, үлэбит сайтарыгар билигин даҕаны сырдатарбытын умнубаппыт.
Нина Иннокентьевнаны хойут хаста да көрсөн, кэпсэтэн ааспыт чаҕылхай түгэннэрдээхпин. Кини дьикти кэрэ киһи этэ, хас биирдии эдэр кэрэспэдьиэнин өйдүүрэ сөхтөрбүтэ. Ол курдук, 1985 сылга редакциятыгар түмэн, кэпсэтэн, алҕаан ыыппыт 20 оҕолорун ааҕа билэрэ, Люба Васильеваны наһаа истиҥник ахтара, хас биирдиибит туһунан «Кэлин билсэҕит дуо? Ханна тиийдилэр, тугу үлэлииллэр…», – диэн ыйыталаһара. Ити курдук, «Бэлэм буол» хаһыат биһиги хас биирдиибит дьылҕатыгар олохсуйбута, махталынан уонна тапталынан сүрэхпитин угуттуу сылдьар.
Мотрена МИХАЙЛОВА (НИКИФОРОВА),
«Туймаада» агрохолдинг аахсыйалаах
уопсастыба сүрүн специалиһа.
14.05.2022 сыл.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.