“Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Бүлүү улууһун, Бүлүү куоратын уонна Чернышевскай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Николай Крылов биһиги хаһыаппыт кылаабынай редактора Нина Иннокентьевна Протопопова кабинетыгар кэлэн үгүстүк кэпсэтэрин, алтыһарын өйдүүбүн. Кэлин билбитим, кинилэри Бүлүү улууһа эрэ буолбакка, “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат эмиэ ыга ситимниир эбит.
Ол туһунан Нина Иннокентьевна 2014 с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр суруйбута баар: “Үйэм тухары оҕо хаһыатыгар үлэлээбит киһи, оҕо сылдьан “Бэлэм буолга”, “Кэскилгэ” биир эмэ суруйуулара тахсан, айар үлэҕэ туох эрэ кыымы сахпыт оҕолорбутун биһиги олус чугастык саныыбыт. Суруйуу да бастыҥын, тылынан да өйдөөхтүк сатаан саҥаран суккуйуу маастара Вячеслав Степанов барахсан этэ. Николай Крылов киниэхэ лаппа чугасаһар киһи диэн ыраахтан кэтээн көрөн сыана быһарым. Суруйууларын да түбэһэн аахтахпына бэйэм сыаналыыр кыахпынан хайгыырым. Радиоҕа, телевидениеҕэ да үлэлииригэр бэркэ саҥарара. Кэлин улахан киэҥ аудиторияҕа да араатардыырын истэрим. Суруналыыс Никола й Крылов биир уратыта—идэтин баһылаабыт фотограф. Буолаары буолан, суруйар фотограф. Дьэ, бу хаһыакка олус наадалаах үлэһит. Урут хаартысканан информация диэн баар буолара, фотограф түһэрэн баран, хаартыскатын ис хоһоонун кылгастык суруйан биэрэрэ, хаһыакка оннук кылгас иһитиннэрии тахсара. Кэлин фотографтар оннугу оҥорбот, суруйар суруналыыстары арыаллааччы буолан хааллылар. Онон суруйар фотограф тарбахха баттанар. Ол өттүнэн Ньукулай эмиэ үрдүктүк сыаналанар суруналыыс.
Кэлиҥҥи кэмҥэ ырытыылаах суруналыыс аҕыйаата. Ол дьон ортотугар мин Николай Крылову киллэриэм этэ. Кини Бүлүү экологиятын боппуруоһугар бэркэ иэттэһэн туран суруйталаабыта. “Саха сирэ” хаһыакка промышленность салаатын салайар кэмигэр айылҕа гааһын туһаҕа таһаарыы, онон дьон олоҕун чэпчэтии боппуруостарыгар дириҥник хорутан суруйар суруналыыс быһыытынан биллэр. Николай Александрович бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, тутуһар тускуллаах, ырытар хайысхалаах, общественнай эйгэлээх суруналыыс”.
Суруналыыс буолар аартыкка
Оҕо сааһын уонна “Бэлэм буоллуун” алтыспыт түгэнин Николай Крылов бу курдук аҕынна:
-Мин түөрт саастаахпар ийэм суох буолбута. Улуус кииниттэн олус ыраах олорор буоламмыт, ийэм хаартыскаҕа да түһээхтээбэтэх. Онон хайдах дьүһүннээҕин да билбэппин. Маачаха эһэм маачаха эбэбин кытта миигин ылан ииппиттэрэ. Эргиччи маачахалар ортолоругар үөскээбитим. Ол хайдахтаах курдук психологическай баттааһыннааҕын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Аҕам сылгыһыт буолан, ыраах дэриэбинэттэн кыайан кэлбэт этэ. Үс сыл буолан баран, аҕам кэргэн ылан, маачаха ийэлэнэн бииргэ олоро түспүппүт да, мин ыалдьаммын балыыһаны кэрийэр киһи буолбутум Икки, үс чиэппэр үөрэнэ-үөрэнэ, оҕо санаториятыгар киирэн хас да ый эмтэнэр этим. Онон балыыһа ииппит, киһи гыммыт дьылҕалаахпын. Ыарыһахтаан бэһис кылаас кэннэ оскуолаҕа үөрэммэтэҕим. Ол быыһыгар эмтэнэн, операцияланан олох иһин охсуһарым.
Аҕам үрэх баһыгар олорор буолан, кыайан кэлэ сылдьыбат этэ. Уруу-аймах диэни ким да билиһиннэрбэтэҕэ. Билэрим диэн—эбэм иккис кэргэниттэн оҕолоро, аҕам балыстаах быраата бааллара. Иккиэн ыраах нэһилиэктэргэ учууталлыыллара. Таҥаспын-саппын, оскуолам тэрилин эдьиийим Анна Егоровна Батагаева сайын кэлэн сөхсүйэрэ. Тулаайах оҕо олоҕун, кыһалҕатын толору билэн улааппытым. Дьэ, ити курдук, оҕо саас кылааһынньыктара суох, биир учуутала, оскуолата суох, үксүгэр балыыһалар эркиннэригэр оҕо сааһым ааспыта… Оччолорго “Бэлэм буол” хаһыакка Бүлүүттэн төрүттээх Иван Веревкин үлэлиирэ. Кини сэргээн,суруналыыс буолар аартыкпын арыйан биэрбит эбит диэн саныыбын, киниэхэ махтанабын. Ол курдук, тииҥ, атынан айаннаан иһэр уол оҕо эргэ өтөхтөн куттаммытын туһунан кэпсээннэрим “Бэлэм буолга” биир дойдулааҕым Иван Веревкин көмөтүнэн бэчээттэммиттэрэ. Кини Амма Аччыгыйын кытары үлэлээбит, алтыспыт киһи.
Олоххо, үөрэххэ тардыһыыта сөхтөрдө
Миигин Николай Крылов оҕо эрдэҕиттэн олоххо, үөрэххэ тардыһыыта сөхтөрдө. Ол курдук, кини балыыһалары кэрийэ сылдьан, учебниктарынан бэйэтэ үөрэнэн, баар эрчиллиилэри, садаачалары барытын суоттаан, өссө учууталлар сорудахтарын толорон, киэһээҥҥи оскуола учууталларыгар зачет туттаран XI кылааһы бүтэрбит. Ол туһунан Нина Иннокентьевна маннык суруйар: “Николай Крылов бэрт кыратыгар ийэтэ олохтон туораан, ону сэргэ кыратыттан ыарыһах буолан, олох барахсан балачча эрийбит-мускуйбут киһитэ. Олох устата ыарыыны кытта эриһии киһини сыанан аҕаабат. Ону ол диэбэккэ, наһаа тулуурдаах, дьулуурдаах сыра киһи буолан, үөрэх бөҕөнү үөрэнэн, үлэ бөҕөнү үлэлээн кэллэ. Ол эрээри, доп-доруобай эбитэ буоллар, өссө төһөлөөҕү оҥоруо, үлэлиэ, ситиһиэ эбитэ буолуой…”
-Ыччаттар киинэҕэ, үҥкүүгэ сылдьаллара, “свиданиелыыллара”, мин буоллаҕына, уруок ааҕан, консультация ылан, бэйэбин бэйэм модьуйан, үөрэнэ эрэ сатыырым. МГУ кэтэхтэн бэлэмнэнии куурсугар кыһыны быһа дьарыктаммытым. Сорудахтарын толорон зачеттары ылар этим. Балаһыанньа быһыытынан, саас собеседованиенан киириэхтээх этим. Ону төлөпүөннээбиппэр: “Эн омук тылын туттарбатыҥ, ол булгуччу ирдэнэр, министиэристибэҕэ да туруорсан кыайбаккын”, диэбиттэрэ. Онон СГУ-га туттарсан киирэн, историческайы “туйгуннук” бүтэрбитим уонна дьэ үлэһит буолбутум. Үс сыл учууталлаабытым, завучтаабытым. Онтон оройуоҥҥа киллэрбиттэрэ. Оройуон хаһыата нууччалыы, сахалыы тахсар буолбутугар, куоракка киллэрэн, отдел сэбиэдиссэйэ оҥорбуттара. Онннук алта сыл үлэлээбитим. Онтон Дьокуускайга Саха АССР Гостелерадиотын арҕаа оройуоннарыгар эппиэттээх аналлаах кэрэспэдьиэнинэн ыҥыран ылан үлэлэппиттэрэ. Түөрт сыл үлэлээбитим кэннэ, “Социалистическая Якутия” хаһыат аналлаах кэрэспэдьиэнинэн ыҥырбыттара, — диир Николай Крылов, “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыаттан куорсун анньынан, кынаттанан, суруналыыстыка эйгэтигэр эрэллээхтик үктэммит дьонтон биирдэстэрэ.
Кини редакцияны кытары ситимин быспатаҕа. Ол курдук, “Оҕолор уонна маастардар” диэн дуобат күрэхтэһиитигэр, эмиэ хаһыат геройа, Ил Түмэн депутата, Юрий Константинович Окоемовтыын спонсордаабыттара, оҕолорго умнуллубат тэрээһини көҕүлүүргэ улаханнык көмөлөспүттэрэ. Онно Николай Александрович Ю. К. Окоемов эрэлээх, итэҕэллээх көмөлөһөөччүтэ буолан туран, депутат аатыттан оҕолорго бирииһи туттарбыта. Юрий Константинович эмиэ Бүлүүттэн төрүттээх, “АЛРОСА” хампаанньа вице-президенинэн, генеральнай дириэктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Жанна Леонтьева.