Чаҕылхай да чаҕылхай, күлүмүрдэс күн этэ.
– «Бэлэм буол» кэлбит! «Бэлэм буол!»
Биһиги саба сырсан тиийбиппит. Дьаамсык бэрэмэдэйиттэн хаһыат төргүүлэрин хостонн былдьаһа-тарыһа үллэстибиппит.
Мин оччотооҕуга сабыс-саҥа тэриллибит «Бэлэм буолу» арыйбытым – төрдүс страницаҕа кыракый заметка баара. Горнай оройуонун Бор оскуолатын үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы пионер лааҕырыгар барар оҕолор ороскуоттарын толуйарга харчы хомуйбуттарын туһунан.
Ити 1936 сыл бэс ыйыгар этэ.
Оройуоммутугар сэттис кылаас суох буолан, мин ити дьыл оскуолаҕа үөрэммэтэҕим. Колхозпар биригэдьиирдии-биригэдьиирдии, оскуолаҕа баһаатайдаабытым. Быстах кэмҥэ эмиэ да дьаам сүүрдэ сылдьыбытым. Ити «биригэдьиирдээбитим» диэни бүгүҥҥү колхоз-совхоз үлэтин-хамнаһын толору дьаһайар биригэдьиирдэр эбээһинэстэрин толорбут кэриэтэ өйдүөххэ сатаммат. Оччотооҕуга колхозтар кыра этилэр итиэннэ тыаҕа үөрхтээх киһи аҕыйаҕа. Үлэни-хамнаһы председатель бэйэтэ дьаһайара. Мин ким төһөнү үлэлээбитин учуоттуурум, көлөһүн күнүн таһаарарым, ону үлэ киниискэтигэр суруйарым. Ол да миэхэ додо курдук үлэ этэ. Бэйэм да уон түөрт эрэ саастааҕым ээ. Колхозпуттан солотуйдарбын эрэ оскуолаҕа тэбинэрим – пионерскай этэрээппэр. Баһаатайдыы уонна… оонньуу.
«Бэлэм буолу» арыйан туран онно тугу санаабытым эбитэй! Уһулуччу үөрбүтүм диэхпин – онуоха хабаанаах өйдөбүл хаалбатах. Оннук да буолуо. Бэйэ эт илиитинэн суруйбута бэчээтинэй букванан талыллан кумааҕыга түспүтүн көрөн, дьктиргии-сөҕө үөрэри мин ити өссө икки сыл иннинэ билбитим. Уон икки саастаахпыттан, 1932 сылтан, «Кыымҥа» уонна «Эдэр бассабыыкка» корреспонденныырым.
Бу чахчы уратыта диэн атыҥҥа быһыылааҕа.
«Кыым» да, «Эдэр бассабыык» да улахан дьон хаһыаттара этилэр. Оскуола, пионер туһунан бэрт дэҥҥэ бэчээттииллэрэ. Ити хаһыаттарга мин колхозтар үлэлэрин, ыһыы бэлэмин, хомуур, заемҥа сурутуу эҥин тустарынан суруйарым. Ол да буоллар мин, төһө да ону-маны үлэлээбитим иһин, оҕо этим. Онон «Бэлэм буол» аан бастаан тахсыаҕыттан миэхэ ордук чугас, ордук истиҥ хаһыат – «бэйэ хаһыата» буолбута.
Ааттыын да кэрэ этэ бу хаһыат – «Бэлэм буол»!
Ити икки тыл биһиэхэ дэлэгэй да, дириҥ да ис хоһооннонон иһиллэрэ.
Бэлэм буол – коммунизм өрөгөйдөөх идеялара туругуралларын туһугар охсуһарга! Ийэ сиргэр, төрөөбүт норуоккар тиһэҕэр тиийэ бэриниилээхтик сулууспалыырга!
Бэлэм буол – аҕа көлүөнэ санныттан олох ыар сүгэһэрин бэйэ санныгар ыларга, кинилэр кыайыылаах знамяларын күөрэччи көтөҕөн инники илдьэ барарга!
Бэлэм буол – күн сиригэр аҥардас үтүөнү, үчүгэйи, кэрэни айарга, бар дьоҥҥо наар дьолу-соргуну, үөрүүнү-көтүүнү үксэтэргэ!
Бэлэм буол өрүүтүн! Үйэҥ тухары!
Түөрт уон сыл ааста «Бэлэм буолу» арыйбыт сайыҥҥы күлүмүрдэс күммүттэн. Ол күн чаҕылхай сырдыга мин сүрэхпэр мэлдьитин сыдьаайар…
Софрон Данилов, саха норуодунай суруйааччыта
1976 с., ыам ыйа
Софрон Данилов «Суруйааччылар уонна кинигэлэр. Литература туһунан
ыстатыйалар уонна бэлиэтээһиннэр» кинигэттэн