Япония туһунан биһиги ааҕааччыларбытын туох барыта интэриэһиргэтэр. Бүгүн “Россия—Япония” уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, тылбаасчыт, блогер Николай Андреевич Барамыгин ыалдьыттыыр. Кини Япония олоҕунан олорбут, онно элбэхтэ сылдьар, айанныыр саха.
Ол курдук, 1993 с. Саха сирин Япониятааҕы бэрэстэбиитэлин солбуйааччынан, 1998 с. 2000 с. диэри Саха сирин Япониятааҕы бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. Кининэн сирэйдээн, чуолаан Япониятааҕы олоҕу-дьаһаҕы урут “Кэскил” хаһыакка кылаабынай редакторы солбуйааччы Варвара Угарова балачча сырдаппытын өйдүүбүн.
“Россия—Япония” уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын ситиһиилэрэ: “Мацури—2018” диэн Япония култууратын фестивала Дьокуускайга ситиһиилээхтик ыытыллыбыта, 2019 с. “Тойон Кыыл” киинэ Окинаваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга кыттыбыта. Ити тэрээһиннэри Николай Барамыгин быһаччы көҕүлээбитэ, тэрийсибитэ.
Умнуллубат оҕо сааска
-Мин оҕо сааһым Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр ааспыта. Бастаан Төхтүргэ алын сүһүөх оскуолаҕа киирбиппит, онтон IV кылааһы Өктөм оскуолатыгар үөрэммиппит. V кылаастан оскуолабыт VIII кылаастаах буолан, Төхтүргэ төннүбүппүт.
Мин оҕо эрдэхпиттэн кинигэ ааҕарбын наһаа сөбүлүүр этим. Уонна мүччүргэннээх сырыылардаах, саҥа материктары, саҥа сирдэри арыйар хорсун дьон туһунан ааҕарым. Онон оҕо эрдэхпиттэн моряк буоларга дьулуурдаах этим. Ленинград куоракка баар Нахимовскай училищеҕа сурук суруйа сылдьыбытым, ону сааһыҥ ситэ илик диэн аккаастаабыттара.
VIII кылааска Покровскай орто оскуолатыгар физмат кылааска үөрэнэ киирбитим. IX кылаас кэнниттэн Новосибирскай университетын физматоскуолатын ыҥырыытынан, Новосибирскай куоракка Академгородок сайыҥҥы физмат оскуолатыгар үөрэнэммин, аан бастаан дьаабылыка маска үүнэрин, тимир суолу, о.д.а. Саха сиригэр суох көстүүлэри, түгэннэри көрбүтүм.
Оскуоланы бүтэрэн баран, Владивосток куоракка Адмирал Невельскэй аатынан Уһук Илиннээҕи үрдүкү инженернэй муора училищетыгар үөрэнэ киирбитим. Онно алта сыл үөрэнэммин, штурман идэтин баһылаабытым.
Үөрэнэ сылдьан практикаларбар Япония, Хотугу Корея, Кытай, Вьетнам, Сингапур, Бангладеш курдук дойдуларга сылдьыбытым. Уонна Хотугу муустаах байҕалынан Чукоткаҕа Певек куоракка тиийэ сылдьыбытым.
Дьоппуон тылын уратыта
Аан бастаан Японияҕа 1984 сыллаахха Тоямашинко куоракка бара сылдьыбытым. Биһиэхэ, саха дьонугар, Япония хайдах эрэ туспа суолталаах. Үөрэнэ сылдьыахпыттан бэйэм аналлаах кинигэнэн дьоппуон тылын үөрэтэн барбытым.
Дьоппуон тыла саха тылын курдук, атын омук тылларыттан киирбит тыллара элбэх. Холобур, тыл 40 бырыһыана кытай тылыттан киирбит. Онон иероглифтары билбэт буоллаххына, тыл баайын аҥаарын билбэккин.
Иероглиф ахсаана олус элбэх. Оскуолаҕа үөрэннэххэ, 2,5 тыһыынча иероглибы үөрэтэҕин. Оччоҕо дьэ, хаһыат ааҕар кыахтанаҕын. Оттон үрдүк үөрэхтээх киһи 5 тыһыынча иероглибы билэр буолар. Онон дьоппуоннар саҥаларыттан ким ханнык үөрэхтээҕэ тута биллэр.
Муора тыла ангылычаанныы тылынан буоларынан сибээстээн, биһиги ангылычаан тылын күүскэ үөрэппиппит. Ол таһынан хойут элбэхтик Кытайга сылдьыбыт буолан, кытайдыы эмиэ кыратык быһаарсыахпын син. Хоту Тиксиигэ украинец уолаттары кытта үлэлээбит буолан, украин тылынан кыратык тыллаһабын уонна син элбэх тылларга күннээҕи олоххо наадалаах тыллары билэбин.
Иероглибынан ааҕарга дьоҕура суох буоламмын, дьоппуоннуу литератураны мэнээк аахпаппын. Сурунаал, хаһыат ыстатыйаларын, интернеккэ тахсыбыты тылбаастаабыт түгэннэрим бааллар. Сурук тыла саҥарар тылтан чыҥха атын. Онон кэпсэтэр тылгынан суруйдаххына, дьоппуоннар өйдөөбөттөр.
— Тылбаасчыт хайдах буолуохтааҕый?
-Тылбаасчыт бэйэтин тылын олус үчүгэйдик билиэн наада. Нуучча тылыгар тылбаастыыр буоллахха, нууччалыы идиомалары, өс хоһооннору билиэххэ наада. Тылбаастыыр тылыҥ омугун култууратын билиэххэ наада. Омуктар эппиттэрэ ардыгар, төттөрү ис хоһоонноох буолар.
Онон тылбаасчыт диэн бэйэтин дойдутун култууратын уонна тылбаастыыр тылын култууратын эмиэ үчүгэйдик билэр киһи буолуон наада.
— Саха сиригэр ким саҥарар, билэр?
-Бүөтүр Оконешников талааннаах суруналыыс. Кини эдэр сааһыттан Япония култууратын интэриэһиргээн, бэйэтэ дьоппуон тылын үөрэппитэ. 1989 сыллаахха аан бастаан Харю-сан диэн японканы Чурапчыга ыҥыран ыалдьыттаппыта. Хаста да Японияҕа баран дьоппуон доҕотторун көмөлөрүнэн олоро сылдьыбыта. 1991 сылтан Кацуки-сэнсэй Дьокуускайга олохсуйан, СГУ устудьуоннарыгар дьоппуон тылын үөрэтэри саҕалаабыта. Онон билигин сүүһүнэн киһи дьоппуон тылын билэр буолла.
-Үөрэх, учуутал суолтата?
-Япония аан дойдуга бастакынан нэһилиэнньэ үөрэхтэниитин ситиспит судаарыстыба буолар. Кинилэр биһиги эрабыт 1200 сылын диэки дьон барыта сатаан суруйар, ааҕар кыахтанарын ситиспиттэрэ. Омук быһыытынан еврей омуга эрэ 1500 сыл анараа өттүгэр эр дьон үөрэхтэниитин дьоппуоннар иннилэригэр ситиспиттэрэ. Онон дьоппуоннарга учуутал суолтата олус үрдүк. Убаастабыла эмиэ олус улахан.
Японияҕа үөрэх сыла муус устар ыйга саҕаланар уонна кулун тутар ыйга бүтэр. Уһун өрөбүллэрэ олох кылгас – от ыйын 20 чыыһылатыттан балаҕан ыйын саҕаланыар диэри салҕанар. Онон кинилэргэ билии күнэ эрдэ буолар.
— Аан бастаан сөҕүү-махтайыы?
-1984 сыллаахха аан бастаан Японияҕа тиийэрбэр мин ырааһыттан, бэрээдэктээҕиттэн олус астыммытым. Көрдөххө, парка курдук көстөр талахтардаах, мастардаах, газоннаах сир—олох да маһы переработкалыыр собуот эбит этэ. Уонна өссө биир түгэнтэн саллыбытым: салгыннара химия сыттаах этэ. Муораҕа устан истэххинэ, ыраахтан салгын сыттаммыта биллэрэ.
Хойут элбэхтэ Японияҕа сылдьаммын, олороммун мин дьоппуоннар бириэмэҕэ сыһыаннарын, чуолкайдарын, эппит тылларыгар туралларын, үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын олус диэн астыммытым.
— Туохха үөрэниэххэ сөбүй?
-Сахалар уонна дьоппуоннар ахсааммытынан уонна аан дойдуга оруолбутунан олох атын-атын омуктарбыт. Дьоппуоннартан патриотизмы, бэйэ дьонун өйүүр үтүө өрүтү ылыахха наада. Японияҕа үлэ миэстэтигэр дьоппуон уонна омук киириэхтэрин баҕарар буоллахтарына, булгуччу дьоппуон киһитин талаллар. Бизнеһи ыытарга, тэрийэргэ эмиэ оннук: дьоппуон атын дьоппуоннуун эрэ бииргэ үлэлиэн баҕарар. Онно холоотоххо, биһиги, сахалар, бэйэбит дьоммут оннугар атын омуктары ыла сатыыбыт… Уонна дьоппуоннар курдук, тугу эрэ ситиһэн баран уоскуйбакка, салгыы дьарыкпытын тупсара туруохпутун наада. Холобур, онно маһы устуруустуур маастар туттар үнүстүрүмүөнэ аҕыйах микроҥҥа тиийэ чараастык маһы устуруустууру ситиһэр уонна салгыы ол дьарыгын тупсаран иһэр.
Дьоппуоннар курдук бэйэбит историябытын, улуу дьоннорбутун ытыктыахпытын наада. Дьоппуон оҕолоро үгүстэрэ каратэ эҥин курдук былыргы дьарыктарынан, көрүҥнэринэн интэриэһиргииллэр.
-Дьоҥҥо мэһэй буолбат гына?
-Ханна баҕарар төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү баҕараллар. Конкуренция олус күүстээх буолан, үчүгэй үөрэх кыһатын бүтэрбит киһи үтүө үлэҕэ киирэр кыаҕа үрдүк. Онон дьоппуон оҕолорун сорохторо 2,5 саастарыгар үчүгэй биэбэйиккэ киирэллэригэр эксээмэн туттараллар. Уонна оҕолору атын дьоҥҥо мэһэй буолбат гына үөрэтэллэр. Атын оҕолорго мэһэйдэстэхтэринэ, күүскэ таһыйаллар. Ол оннугар бадарааҥҥа суулуннахтарына, ким да олус мөхпөт.
-Кырдьаҕас, аҕа киһиэхэ сыһыан хайдаҕый?
-Кырдьаҕастары көрүү, харайыы үгэһэ үксүн дэриэбинэлэргэ хаалбыт. Куораттарга кырдьаҕастары приюттарга туттарыы элбэх. Японияҕа нэһилиэнньэ 27 бырыһыана 65 саастарын ааспыт кырдьаҕастар. Онон нэһилиэнньэ кырдьыыта улахан кыһалҕа курдук буолбут. Дьиэлэрэ кыараҕас буолан, кырдьаҕастары ыла сатаабаттар. Оҕолоро олус эрдэ бэйэлэрин өйдөрүнэн олороллор. Биһиэхэ курдук, оҕолор улааттахтарына, ким да кинилэри бүөбэйдии сылдьыбат.
-Блогерство, социальнай ситим, кумааҕы кинигэ, хаһыат туһунан?
-Интернет ситимэ кинилэргэ 1995 сылтан “Windows 95” тахсыбытын кэннэ сайдан барбыта. Онно мин сөхпүтүм диэн, төлөпүөн хампаанньатын оборудованиета барыта цифровой сибээскэ бэлэм эрээри, дьону ньиэрбинэйдэппэт гына, аналоговай адаптердаах эбит этэ. Онон түргэн интернет наада буолбутугар, тута баар буола түспүтэ. Блогерство Японияҕа олус сайдыбыт. Биир уратыта диэн, электроннай контент барыта кистэнэ сылдьар, биһиэхэ курдук торрент эҥин диэн олус биллибэт.
Японияҕа сурунаал билигин лаппа аҕыйаабыт, барыта интернетинэн сурутуу, хаһыаттар арай син тулуһа сылдьаллар, бэчээттэнэллэр. Интернет ситимэ син биир барытыгар сабыдыаллаан иһэр.
Жанна Леонтьева.