Мин бэйэбэр эрэлим наһаа суох. Дьиҥэр, ыллыахпын баҕарабын, кэнсиэргэ эҥин кыттыахпын. Дьиэбэр соҕотох хааллахпына, гитараҕа оонньуу-оонньуу ыллааччыбын. Аны туран, биир кыыһы сөбүлүүбүн. Киниэхэ ол туһунан сатаан билиммэккэ сылдьабын. Оннук оскуоланы бүтэрэн барарым бу кэллэ. Өссө биир долгуйуу — ЕГЭ! Санаатахпына, сүрэҕим ыалдьар. Кыайан туттарарым дуу, суоҕа дуу…
Гаанньа.
СӨ Дьиэ кэргэн уонна ыччат өйөбүллээх буолуутун киинин психолога Матрена Алексеева:
—Гаанньа! Кырдьыга да, бэйэтигэр эрэллээх эрэ киһи олоххо ситиһиилээх буолар. Онон майгы ити үтүө өрүтүн эн бэйэҕэр сайыннарыах, иитиэх тустааххын. Онтукаҥ биирдэ баар буола түспэт. Син уһун кэми уонна дьулууру, тулууру эрэйэр.
Ол туһуттан, бастатан туран, санааҕын толлубакка этэргэ үөрэн. Онуоха хайаан да «МИН САНААБАР», «МИН ӨЙДҮҮРБҮНЭН» диэн тус толкуйгун туоһулуур, туспа өйдөөх-санаалаах киһи буоларгын бигэргэтэр тыл ситимнэрин туттарыҥ булгуччулаах.
Иккиһинэн, кыһалҕаҕын бэйэҥ быһаарарга, иннигин көрүнэргэ, соҕотоҕун быһаарсан сылдьарга үөрэн. Нууччалыы эттэххэ, самостоятельнай буол.
Үсүһүнэн, бэйэҕин сөпкө сыаналаа (самооценка). Аһара үрдэппэккэ, наһаа намтаппакка. «Мин эрэйдээх. Кэм миэнэ буолуо», — диэн суланыма, таһымҥын түһэримэ, бэйэҕин хааччахтаама.
Төрдүһүнэн, настарыанньаҕын көтөҕөр муусуканы иһит, сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүй, бэйэҥ сөбүлүүр эйгэҕэр сылдьа сатаа.
Бэсиһинэн, сыал-сорук туруорун уонна ону толорорго дьулус. Уонна, саамай сүрүнэ, бэйэҕин муҥура суох таптаа. Этэргэ дылы, бэйэҕин таптыаҥ — аан дойду барыта эйиэхэ талаһыа.
Кытаат, кыбыстыма, хорсун-хоодуот эр хоһуун буол!