Мин дьоммун абааһы көрөбүн. Дэриэбинэбитигэр биһигини бары күлүү гыналлар. Эһэм, эбэм иһэр этилэрэ. Билигин ийэм, кииринньэҥ аҕам арыгылыыллар, аны убайдарбын сутуйдулар. Дьиэбэр күн аайы арыгы эрэ айдаана. Онтон атын кэпсэтэр тиэмэ, кыһалҕа сир үрдүгэр суоҕун курдук. Булбатахтарына – кыыһырсыы, истэхтэринэ — бастаан үөрүү-көтүү, тиһэҕэр үөхсүү, охсуһуу.
Оҕолортон кыбыстабын. Таҥаһым куһаҕан, дьүһүнүм да мөкү. Кыра эрдэхпинэ аанньа көрбөккө рахиттаппыттар, ол иһин быһыым-таһаам куһаҕан. Онтон наһаа комплекстыыбын. Уруоктарбын дэлби көтүтэр буоламмын, үөрэхпэр нэһиилэ кыанабын. Быһата, туох да үчүгэйим суох. Бэйэбин ол иһин эмиэ абааһы көрөбүн. Ханна да сылдьыбаппын, кимниин да доҕордоспоппун, бодоруһа да сатаабаттар, туохха да кыттыбаппын.
Туох иһин таҥара миигин бу курдук накаастаабыта буолуой?
С., 16 саастаахпын.
***
Ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн республикатааҕы киинин психолога Мария Анисимова:
— Арыгылааһын диэн ыарыы. Төрөппүттэриҥ ыарыһах дьон буолаллар, кинилэргэ көмө наада. Ону кинилэр бэйэлэрэ өйдүөх, билиниэх тустаахтар. Онто суох сүүстэ да ааттас-көрдөс, син биир иһэ туруохтара. Тохтуурга, эмтэнэргэ бэйэлэрэ быһаарыныахтаахтар, оннук өйгө-санааҕа кэлиэхтээхтэр.
Ол эрээри, эн сабыдыалыҥ, сүбэҥ эмиэ улахан суолталаах. Сөпсөһөн баран сылдьыбакка, дьоҥҥун кытта аһаҕастык кэпсэт, оборчоттон оруу сатаа.
Саамай чугас киһиҥ — ийэҥ. Онон бастаан киниттэн саҕалаа. Эн тылгын ылыммат буоллахтарына, биир эмэ толлор соҕус, ытыктыыр, аҕам саастаах киһилэрин көрдөһөн кэпсэтиннэр. Социальнай үлэһиттэргэ этэн, кинилэр нөҥүө реабилитационнай кииннэргэ эмтэтэ ыытыаххын сөп. Онно анал үлэһиттэр, психологтар, наркологтар сөптөөх көмөнү оҥоруохтара.
Оттон эн ити кыһалҕанан инникигин сарбыныма, кэскилгин кэрдимэ. Эн туспа дьылҕалаах киһи буолаҕын. Төрөппүттэриҥ суолларын хатылаабакка, үчүгэйгэ таластаххына, олоҕуҥ табыллыа. Ол туһуттан, бастатан туран, үөрэххэр кыһалын, бэйэҕин таптаа, сөбүлүүр дьарыккынан үлүһүй, талааҥҥын сайыннар. Олоххо барытын бэйэҥ күүскүнэн ситиһэр сорукта туруорун: үөрэхтэнэн, үчүгэй үлэлэнэн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, дьоллоох киһи буоларга дьулус. Ити сыал-сорук инникиҥ диэки эрэллээхтик хардыылыыргар суолдьут сулус буолуоҕа.
Өйдөө: олоҕуҥ — бэйэҥ илиигэр. Хайа өттүгэр салалларын бэйэҥ эрэ быһаараҕын, бэйэҥ эрэ уларытар, тупсарар кыахтааххын. Итэҕэстэргин үчүгэй өрүттэргинэн кистээн, дьоҥҥо бэйэҕин дьоһуннаахтык көрдөр. Оччоҕо эйигин сэниэ суохтара, эйиэхэ талаһыахтара.
Кылаабынайа, хом санааны тутума. Өс санаа киһини иһиттэн кэрбиир. Ыытан кэбис. Ити кыһалҕаны уопут эрэ курдук ылын, дьылҕаҥ эйигин ыарахаттары төһө тулуйаргын тургутан көрөн, улахан олоххо бэлэмниир дии санаа. Ситиһиини!