4-үс төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ көҕүлээһиннэрин бүддьүөттэн үбүлээһин куонкуруһун түмүктүүр тэрээһин, кыайыылаахтары чиэстээһин, сэтинньи 20 күнүгэр, буолан ааста.
Бу үөрүүлээх күн Москва куораттан онлайн сибээскэ тахсан кыайылаахтары эҕэрдэлээтилэр, 100 тыһыынчалаах сертификаты туттардылар. Модераторынан РФ Үбүн миниистирэ Алексей Михайлович Лавров буолла.
Куонкуруска 2019 сыллаахха олоххо киирбит бырайыактар киирбиттэр. Дойду 35 регионуттан 581 бырайыак 3 анал аат иһин киирсибит — “Саамай сонун инникилээх бырайыак”, “Түөлбэни кытта ситимнээх үлэ”, “Түөлбэнэн бүттүүн кыттыы”.
Бу күрэххэ Өрөспүүбүлүкэттэн 21 бырайыак кыттыбыт. Онтон Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгин, Маралаайы бөһүөлэгин “Чуораанчык” оҕо саада иһинэн аһыллыбыт “Экоквантум” аныгы технология, оҕо айар дьоҕурун сайыннарар киин бырайыага “Түөлбэни кытта ситимнээх үлэ” анал ааты ылары ситиспит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үбүн миниистирин солбуйааччыта Октябрина Петровна Никонова этэринэн, “Экоквантум” бырайыак ханна да суох ураты буолан, бу кыайыыны ситиспит.
“Саха сирэ Нэһилиэнньэ көҕүлээһиннэрин бүддьүөттэн үбүлээһин куонкуруһугар 2017 с. кыттар. Саамай сүрүнэ, бырайыагы олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтэ куоластаан талар. Бу 4 сыл устата, 1100 бырайыак олоххо киирдэ” – диэн этэр Валерий Алексеевич Жондоров.
“Түөлбэни кытта ситимнээх үлэ” анал ааты ылбыт Чурапчытааҕы “Экоквантум” оҕо сайдар киинин салайааччыта, “Чуораанчык” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Анастасия Ивановна Афанасьева:
— Бэйэн тускунан кыратык билиһиннэриэҥ дуо? “Экоквантум” диэн туох өйдөбүллээҕий?
— Мин төрүт Чурапчыбын, күн бүгүн төрөөбүт дойдубар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьарбыттан олус астынабын. Үһүс сылын Мугудайдааҕы “Чуораанчык” оҕо саадыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьабын. “Экоквантум” диэн техническай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин аныгы хайысхата буолар, манна оҕолор цифровой пространство нөҥүө тулалыыр эйгэлэрин үөрэтэллэр, чинчийэр үлэлэри, бырайыактары оҥороллор.
— Маннык оҕо киинин тэрийэр санаа туохтан үөскээбитэй? Тыа сиригэр туох уустуктардаах эбитий?- Цифровой үйэҕэ оҕо баар кыаҕы барытын туһанан сайдыахтаах диэн санааттан экоквантум бырайыагы суруйбуппут. Тыа сиригэр эрэ диэн буолбакка уопсайынан үөрэх тэрилтэлэригэр бюджет үбүнэн маннык сыаналаах оборудованиелары ылар уустуктардаах, ол иһин маннык граннар, куонкурустар көмө буолаллар.
— Кыайыылаах тахсыахпыт диэн сэрэйбитин дуо?
— 2019 сылга олоххо киирбит бырайыактартан Саха сириттэн талыллан Россия таһымыгар тахсыбыппыт биһиэхэ улахан кыайыы этэ, сайын устата аһаҕас куоластааһынынан иккис кэрдииһигэр тахсарга бары кыахпытын барытын ууран кыттыбыппыт, онтон хамыыһыйа көрүүтүн долгуйа күүппүппүт. Кырдьыгын эттэххэ, саха киһитин сиэринэн кыайыыны сэмэйдик кэтэспиппит.
— Конкурс хайдах быһыылаахтык барда?
— Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн өйүүр бырагыраамма бэйэтэ утары уунуулаах буолар, манна Мугудай нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ 300 тыһ. утары ууммута, улуус дьаһалтата 450 тыһ. уонна спонсорствонан 450 тыһ. урбаанньыттар көмөлөспүттэрэ. Онон 1200 мөл. солк. бэйэбит, онтон өрөспүүбүлүкэ 3 мөл. солк. көрбүтэ. Онон Арассыыйатааҕы күрэххэ, этэн аһарбытым курдук, Саха сириттэн талыллан, бастакы аһаҕас куоластааһын кэрдииһин ааһан туран, хамыыһыйа көрүүтүн түмүгүнэн, “Түөлбэни кытта ситимнээх үлэ” (“Общественное партнерство”) диэн анал аатынан кыайыылаах таҕыстыбыт. Бу бүттүүн барыбыт кыайыыта буолар. Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэ үпкэ министиэристибэтигэр, Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар, үөрэхпит салалтатыгар уонна Мугудай нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Олоҕу кытта тэҥҥэ саҥа, сонун бырайыактары олоххо киллэрэн иһиҥ, көхтөөх, айымньылаах, хорсун түмсүүлээх буолуҥ.
Бу киин көмөтүнэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор аныгы компьютернай ньымалар уонна оонньуур көмөтүнэн физика, география, химия уо.д.а. хайысха бастакы олуктарын ааһаллар.
Нюргуяна Захарова