Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ оскуолатыгар «Дьөһүөл» бырагыраама чэрчитинэн кылаастар социальнай бырайыактары толкуйдаан, көмүскээн, инвестордары булан, олоххо киллэрэллэр. Ол курдук, VII кылаастар, учууталлара Варвара Петровна Иванова салалтатынан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Аҕа дойду сэриитигэр геройдуу охтубут биир дойдулаахтарбыт 4 бииргэ төрөөбүт ини-бии Поповтарга аналлаах пааматынньыгы чөлүгэр түһэрбиттэрэ.
Бу пааматынньыгы 50 сыл анараа өттүгэр оскуола 1973 сыллаах выпускниктара оҥорбуттара. Ол иһин бу кылаастар инвестор буолан, оҕолорго улахан көмөнү оҥорбуттара. Иннокентий Михайлович Винокуров кылаас аатыттан ыкса үлэлэспитэ. Барытын былааннаан, көтүрэн, саҥа матырыйаалы ылан, үлэ күөстүү оргуйбута.
Өссө биир инвестор, нэһилиэккэ баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Никифор Иннокентьевич Афонскай, куоракка суругун-бичигин аныгы матырыйаалынан оҥорторбута.
Ини-бии Поповтар бырааттара, нэһилиэкпит олохтооҕо Пётр Семёнович Неустроев тыраахтарынан щебёнка, кумах таһан, цемент оҥорон, улахан көмөнү оҥорбута.
Бу хаартыскаҕа 50 сыл анараа өттүгэр урут пааматынньыгы оҥорбут кылаастар пилорамаҕа пааматынньык маһын бэлэмнии сылдьаллара көстөр. Оччолорго учуутал Афанасий Мефодьевич Плотников, баһаатай Пётр Матвеевич Попов көҕүлээһиннэринэн тутуллубут эбит. Онон Афанасий Мефодьевич уола, оскуола куруһуогун салайааччыта Игорь Афанасьевич Плотников, реставрацияҕа көмөлөспүтэ.
Бу курдук көлүөнэлэр түмсүүлээх үлэлэрэ үчүгэй түмүктээх буолла. Ситим өссө да салҕана турар!
Маны таһынан, бу күннэргэ 1973 сыл биир бастыҥ выпускницата Октябрина Ивановна Спиридонова (Афонская) кэлэн, оҕолору кытта көрсөн, кэпсэтэн, бэйэтин персональнай быыстапкатын туруоран, тыа оҕолорун культура кэрэ эйгэтигэр сыһыарда, угуйда. Ааптар «Төрөөбүт дойдум сыдьаайа — айар куппар» быыстапката оҕолору төрөөбүт дойдуга таптал тыыныгар иитэр улахан суолталаах.
Оскуолабыт выпускниктара биһиэхэ «тастыҥ иитээччилэрбит» буолаллар. Көлүөнэлэр ситимнээх үлэлэрэ салҕанан иһэрэ үөрэххэ-иитиигэ улахан туһаны аҕалыа, аныгы оҕолор кинилэртэн төрөөбүт дойдуларыгар туһалаах буолар санааны ылынан, сайдан иһиэхтэрэ, дойдубут дьиҥнээх патриоттара буолуохтара диэн эрэнэбит. VII кылаастар «Кэскил» хаһыакка 100% сурутуулаахтар!