Быйылгы үөрэх дьылыгар Н.Д. Неустроев аатынан Бэдьимэ орто оскуолатыгар алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэн, бэһис кылааска түөрт оҕо киирбитэ. Саха тылын уруогар (солбуйааччы учуутал Попова Е.Н.) бэйэлэрин айар дьоҕурдарын сайыннардылар.
Сайыны олус таптыыбын
Мин сайын Төхтүргэ уонна Дьокуускай куоракка сылдьыбытым. Куоракка сынньалаҥ пааркатыгар күүлэйдээбитим, элбэх аттракционнарга сылдьыбытым. Төхтүргэ эмиэ күүлэйдээбитим. Онно оҕолору көрбүтүм, иһит сууйбутум. Уонна мин сайын кыратык кинигэ ааҕа сылдьыбытым. Сайын күүлэйдииргэ уонна сөтүөлүүргэ наһаа үчүгэй. Мин сайыны олус таптыыбын!
Сайаана Егорова
Мин сайыны хайдах атаардым
Мин сайын Аммаҕа сылдьыбытым. Амма өрүскэ таас бөҕө баар этэ. Аммаҕа дьэдьэннээбиппит. Мин өссө Дьокуускай куоракка сылдьыбытым. Пааркаҕа уонна хайаҕа. Таабырынна таай: Инниттэн уонна кэнниттэн аахтахха биир тыл тахсар. Ол иһигэр сыананы туруораллар (Күннүк).
Нарыйаана Плюк
Отон
Биһигини кыра кылааска Марина Дмитриевна үөрэппитэ. Билигин элбэх учуутал үөрэтэр. Кылаас салайааччыта Галина Егоровна. Биирдэ алтыс кылаастары кытта тыаҕа барбыппыт. Онно отоннообуппут уонна оонньообуппут. Отоммутун кырдьаҕас дьоммутугар биэрбиппит. Куоракка Мария Исаковнаҕа ыыппыппыт уонна Устиния Игнатьевнаҕа отон илдьибиппит.
Ганя Чемезов
Таҥан ыытта кылаас салайааччыта Неустроева Галина Егоровна