Быйылгы үөрэх дьылыгар «Дьүһүөл» бырайыак чэрчитинэн хас биирдии ыал оҕолоро бары олбохтоннулар. Олбох сахаларга улахан суолталаах. Былыр олбоҕу тирииттэн тигэллэрэ. Үрүҥ сылгы, эһэ тириититтэн тигиллибити «Аас олбох» дииллэрэ, улаханнык ытыктанар ыалдьыкка анаан тэлгииллэрэ. Онтон XVIII үйэ ортотуттан сукунаны туттар буолбуттара.
Оҕолорго саха норуотун төрүт култууратын тиэрдэр сыаллаах хас биирдии ыал иистэннэ!