Сурутуу отчуота! Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ нэһилиэгин ыаллара сурутууга көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, «Кэскилгэ» 23, «Юность Севера» 2, «Чуораанчыкка» 30, «Колокольчикка» 2 ыал суруттардылар. Бу ыаллар үгүстэрэ хастыы эмэ оҕолоохтор, онон ааҕааччы ахсаана ити сыыппаралартан элбиир.
Маны таһынан, оскуола бибилэтиэкэтигэр бибилэтиэкэр Александра Аполлоновна Попова»Кэскил» хаһыакка, оҕо уһуйааныгар Екатерина Николаевна Попова «Чуораанчыкка» суруттаран, Бэдьимэ оҕото бары туһанар, ааҕар кыахтанна!
Элбэх оҕолоох ыалларга спонсордаан, үтүө быһыыны биир дойдулаахтарбыт Федор Константинович, Екатерина Прокопьевна Баишевтар дьиэ кэргэн (Майаҕа олороллор) , учууталлар Октябрина Ярославовна Афанасьева, Екатерина Васильевна Неустроева, Алена Михайловна Сергучева уонна эбээлэр, эһээлэр оҥордулар.
Онон бары көмөлөөн, ааҕар эйгэни тэрийэн, оҕолорбут саҥаны билиэхтэрэ, сайдыахтара, дойдуларыгар туһалаах дьон буола улаатыахтара диэн эрэнэбит!
Ааптар: Екатерина Попова.